Күүкэйгэ ураты хомуллуулаах күрэх буолла

Share

Биһиги, Күүкэй оскуолата, маҥнайгы дириэктэрбит Анатолий Константинович Акимов үбүлүөйдээх 70 сылыгар аналлаах географ учуутал быһыытынан көрдөрөр, дьиэ иһигэр ыытыллар “спортивнай ориентирование” диэн ураты чуумпу тыыннаах, хомуллуулаах күрэх буолла.

Дьиҥэр, Күүкэйгэ, үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ начаалынай эрэ оскуолалаах сиргэ орто оскуола аһыллан, анал география учуутала баар буолан, оҕолору дойду киэҥ киэлитин айылҕатын маҥнайгы билиитин 1991 сылтан сахпыт учуутал — Анатолий Константинович. Кини: “Киэҥ, чиҥ билиилээх-көрүүлээх киһи олоххо элбэҕи ситиһэр” диирэ бу күрэххэ бастакы хардыыны оҥорорго тирэх буолла.
Тэрээһин саҕаланыыта өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Оскуола дириэктэрэ Алексеев Егор Иванович эҕэрдэлээтэ, Бэтэрээн учуутал Николаева Мария Васильевна кылгастык оскуола устуоруйатын кэпсээтэ, Федорова Сардаана Егоровна оонньуу сүрүн быраабылатын билиһиннэрдэ. Оскуола кэккэ үөрэнээччилэрэ, Кутана, Сиэйэ, Күүкэй уонна ыраах Куокунуттан хамаандалар кытыннылар. Барыта 45 эдэр ориентировщик үс бөлөҕүнэн биирдиилээн бастыыр иһин куоталаста.
Дьиэ иһигэр ыытыллар спортивнай ориентирование сүрүн сыалынан успуорт бу көрүҥүн киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы, чөл доруобай олоҕу сырдатыы буолар. Успуорт бу көрүҥэ түргэн-тарҕан буолууну, толкуйу эрэйэр, өссө бу көрүҥү саахымат оонньуутун кытта тэҥнииллэр. Оҕолор картанан бэриллибит туочукалары сөпкө уонна түргэнник булуохтаахтар. Күрэхтэһиигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин спортивнай ориентированиеҕа федерациятын чилиэнэ, Куокуну оскуолатын географияҕа учуутала Федорова Сардаана Егоровна кылаабынай судьуйанан үлэлээтэ.

Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтар кимнээх буоллулар?

Кыргыттарга 5-6 кылаастарга:

1 миэстэ – Фокинова Аурика, Кутана
2 миэстэ – Алексеева Лилиана, Күүкэй

7-8 кылаастарга:
1 миэстэ — Семенова Юлиана, Кутана
2 миэстэ – Яковлева Анастасия, Куокуну
3 миэстэ – Иванова Сандаара, Кутана

9-10 кылаастарга:
1 миэстэ – Федорова Сулустаана, Күүкэй
2 миэстэ – Генерова Сахая, Куокуну
3 миэстэ – Ефимова Татьяна, Сиэйэ

Уолаттарга 5-6 кылаастарга:
1 миэстэ – Бабкин Андрей, Куокуну
2 миэстэ – Федотов Ян, Күүкэй
3 миэстэ – Алексеев Федя, Күүкэй

7-8 кылаастарга:
1 миэстэ – Сидоров Дьулустаан, Күүкэй
2 миэстэ – Яковлев Дьулустаан, Куокуну
3 миэстэ – Павлов Юлиан, Сиэйэ

9-10 кылаастарга:
1 миэстэ – Попов Рудольф, Күүкэй
2 миэстэ – Максимов Вова, Кутана
3 миэстэ – Хорунов Айхал, Сиэйэ
Оҕолор маннык күрэҕи олус сэргээтилэр, интэриэстэрэ улаатта. Кулун тутарга улууска ыытыллар күрэххэ бэлэммит дэстилэр.
Тэрээһин быыһыгар мусуой көрдүлэр, аралдьытар, өйү сайыннарар оонньуулар ыытылыннылар. Оскуолалар хамаандаларыгар “Полоса препятствий” эстэпиэтэ буолла. Манна Куокуну уонна Күүкэй холбоһуктаах хамаандата иннин кимиэхэ да биэрбэтэ, 1 миэстэни ылла. 2 миэстэни Кутана, 3-һү Күүкэй хамаандалара ыллылар.
Бу сонун күрэҕи көҕүлээбит география учуутала Федорова Олимпиада Андреевна уонна Күүкэй оскуолатын кэлэктиибэ биир сомоҕо буолан, географ учуутал Анатолий Константинович Акимовка ытыктабылы, үйэтитии кыымын сахтылар.

“Кустук” пресс-киин, Күүкэй, Сунтаар.
Пресс-киин хаартыскалара

Күрэх түгэннэриттэн. "Кустук" пресс-сулууспа хаартыската
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

21 минута ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

36 минут ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

51 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

1 час ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

1 час ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago