Кыыллаах Арыыттан төрүттээх бэтэрээннэрбитин эҕэрдэлээтибит

Share

Ыам ыйын 9 күнэ – Арассыыйа бары олохтоохторугар дириҥ өйдөбүллээх ытык күн. Бу күн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран дойдуну өстөөхтөн босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын тириэрдэбит!

Ыам ыйын 8 күнүгэр Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарбытыгар — тыыл бэтэрээннэригэр анаан Улуу Кыайыы 79 сыллаах бырааһынньыгынан «Кыайыы күнэ» аахсыйаны тэрийэн,  Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгиттэн төрүттээхтэр «Сомоҕо» түмсүүтүн аатыттан сэмэй бэлэхпитин туттардыбыт. Биһигини ытык-мааны саастаах дьоммут көрүстүлэр: тыыл, үлэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Кыыллаах нэһилиэгин бочуоттаах гражданина 95 саастаах Парасковья Семеновна Григорьева (Тимофеева); тыыл, үлэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна, 94 саастаах Татьяна Афанасьевна Федорова (Корнилова); тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Саха сирин бастакы эндокринолог бырааһа, Өлүөхүмэ улууһун бочуоттаах гражданина 91 саастаах Анна Афанасьевна Корнилова; тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Майа сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо, Мэҥэ Хаҥалас улууһун потребкооперациятын бэтэрээнэ, 91 саастаах Валентина Игнатьевна Попова (Грязнухина).

«Кыайыы күнэ» аахсыйаҕа кыттыбыт биир дойдулаахтарбытыгар, биир сомоҕо күүс-көмө буолбуккутугар махтанабыт. Аахсыйаҕа Хаҥалас, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Горнай улуустарыгар, Тулагы, Хатас сэлиэнньэлэригэр уонна Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт кытыннылар. Бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит Өлүөхүмэ улууһун «Түмсүү» биир дойдулаахтарын түмсүүтүгэр эмиэ махтал тылларын тириэрдэбит.

Күндү тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрэ, сэрии кэмин оҕолоро! Эһигини Улуу Кыайыы 79 сыллаах өрөгөйдөөх бырааһынньыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит, эйэлээх олохпут иһин эһиэхэ барҕа махтал тылларын этэбит, күндү дьоммутугар баҕарабыт саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, чөл туругу, уһун дьоллоох олоҕу уонна этэҥҥэ буолууну! Биһиги эһигинэн киэн туттабыт, эһиэхэ сүгүрүйэбит! Улуу Кыайыы күнүнэн!

Хаартыска: Надежда Корнилова.
Хаартыска: Надежда Корнилова.

Надежда КОРНИЛОВА, Кыыллаах Арыыттан төрүттээхтэр «Сомоҕо» түмсүүтүн салайааччыта.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

39 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

3 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

4 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

5 часов ago