“Кыыллаах” тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибэ ууга барбыттарга бородууксуйатын түҥэттэ
Өлүөхүмэ улууһун хас даҕаны нэһилиэнньэлээх пуунун сааскы халаан ылан, уу таһыма дьэ намтаан, чөлүгэр түһэрии үлэтэ саҕаланан эрэр. Биир кыһалҕалаах дьон кимиэхэ туох баарынан үллэстэ, бэрсиһэ олороллор. Ол курдук, быйылгыттан үлэлээн эрэр “Кыыллаах” тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибэ бородууксуйатын көмө быһыытынан олохтоохторго түҥэттэ.
Николай Ефимов былырыын сайын Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин “Агростартап” күрэһигэр кыттан, грант ылан, хотон туттан, сүөһү атыылаһан, үүт бородууксуйатын оҥорор сыаҕы арыйан үлэлии олорор. Бу туһунан салайааччы Николай Ефимов: “Күн бүгүн 42 ыанар ынахтаахпын. Үүппүтүн ытыйан сүөгэйдиибит, арыылыыбыт уонна араас үүт бородууксуйатын оҥоробут.
Хотоммун көрөн-көрөн Кыыллаахха саамай үрдүк сиргэ туппуппут. Инньэ гынан, күрүөбүт иһигэр уу киллэрдэр да, хата, кыл мүччү кэлэн ааста, өссө 50-ча сантиметр тахсыбыта буоллар барытын күппүлүү ылыах эбит. Онон ынахтарбыт кураанахха турдулар, сыахпытын уу таһыйбата. Уонна эрдэттэн сэрэтии үлэтэ баран, барытын үрдүк сиргэ таһааран, бэлэм олорбуппут.
Бородууксуйабытын ыам ыйыттан оҥорон саҕалаабыппыт. Ол иннинэ үүппүн “Өлүөхүмэ кыладабыайыгар” туттара турбутум.
Сыахха икки үлэһиттээхпит: Анна Николаевна Корнилова — маастар, Дмитрий Корнилов – аппаратчик.
Остуолбалары уу ылан, билигин уота суох олоробут. Инньэ гынан, дизельнай генераторы үлэлэтэ турабыт. Бэйэбит пиэрмэбититтэн күннэтэ 300-350 л. үүтү ыыбыт. Билигин үүппүтүн арыылыыбыт эрэ, күн өрүү-өрүү түөрт уонча киилэ арыы тахсар. Бэйэбит үүппүт таһынан, үс-түөрт чааһынай ыал уонна икки урбаанньыт үүтүн туттарар.
Кыыллаах нэһилиэгин уу ылбыт буолан бары араас кыһалҕалаахпыт, суол-иис суох, кыра маҕаһыыннар бааллар да, быйылгы курдук уһун хаайтарыыны ким даҕаны кэтэспэтэҕэ. Инньэ гынан, күннэтэ олоххо-дьаһахха туттар малбыт-салбыт, аспыт-үөлбүт кырыымчык, онон бэйэбит икки ардыбытыгар төһө кыайарбытынан көмөлөсүһэбит. Уопсай кыһалҕаны быһаарыыга кыттыһан, маастар (ийэм) Анна Николаевна Корнилова көҕүлээһининэн нэһилиэнньэҕэ арыы, сүөгэй, йогурт набордарын түҥэттибит. Дьон барыта сүөһүлээх-астаах буолбатах, биэнсийэлээх, биирдиилэн дьон эмиэ бааллар” – диэн кэпсиир.
Ити курдук нэһилиэк олохтоохторо туох кыалларынан, хайдах табылларынан бэйэ-бэйэлэрин өйөһө, көмөлөһө олороллор.
Билигин арыыга улахан сырыы суох. Кыыллаах арҕаа өттүнэн (2-Нөөрүктээйи диэки) муус баран, дьон кыралаан сылдьан, гуманитарнай көмөнү таһа тураллар. Илин өттүнээҕи улахан өрүс мууһа сыыйа устан саҕалаабыт эрээри, син биир муус толору турар дэһэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: