Кыыллаах Арыыттан төрүттээх өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыгар, Дьокуускай куоракка олорор «Сомоҕо» түмсүү уонна Өлүөхүмэ улууһун «Түмсүү» биир дойдулаахтарын ааттарыттан ытык бэтэрээннэрбитин кэлэн иһэр Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибит!
Ыам ыйын 9 күнэ дойдубут хас биирдии олохтооҕор дириҥ өйдөбүллээх уонна ураты суолталаах күн буолар. Арассыыйа бары олохтоохторун сомоҕолуур ытык бырааһынньыкка аан дойдуга эйэни уонна көҥүл олоҕу түстээбит аҕа көлүөнэ дьон үтүө ааттарыгар, хорсун быһыыларыгар үрдүктүк сүгүрүйэбит.
Кыыллаах Арыыттан төрүттээх Дьокуускай куоракка олорор тыыл бэтэрээннэрбитигэр, ытык-мааны саастаах күндү дьоммутугар, Улуу Кыайыы 78 сыллаах өрөгөйдөөх бырааһынньыгынан «Кыайыы күнэ» аахсыйаны тэрийэн, эҕэрдэ сурук, төрөөбүт, улааппыт Өлүөхүмэлэрин санатар сирень сибэкки дьөрбөтүн уонна сэмэй бэлэхпитин туттаран, эҕэрдэлээн, ыалдьыттаан кэллибит. Ону тэҥэ, Өлүөхүмэ улууһун «Түмсүү» биир дойдулаахтар түмсүүлэрин аатыттан эҕэрдэ сурук, кинигэ уонна «Улуу Кыайыы күнэ» диэн минньигэс торду туттардыбыт.
Биһигини үөрэ мичилийэ көрүстүлэр ытыктыыр биир дойдулаахтарбыт, тыыл бэтэрээннэрэ:
Татьяна Афанасьевна Федорова (Корнилова), тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Кыыллаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо (93 саастаах);
Любовь Иннокентьевна Босикова (Акимова), тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Саха судаарыстыбаннай университетын бочуоттаах бэтэрээнэ, РФ үрдүк үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үрдүкү профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо (93 саастаах);
Марра Алексеевна Пономарева, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ учууталларын учуутала бэлиэ хаһаайына, Кыыллаах уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Томтор нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо (92 саастаах);
Анна Афанасьевна Корнилова, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, СӨ үтүөлээх бырааһа, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Саха сирин бастакы эндокринолог бырааһа, Өлүөхүмэ улууһун бочуоттаах олохтооҕо (90 саастаах);
Парасковья Семеновна Григорьева (Тимофеева), тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Кыыллаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо (94 саастаах);
Зоя Афанасьевна Корнилова, экэниэмикэ билимин хандьыдаата, саха биллиилээх бэлиитигэ, РСФСР үтүөлээх экэнэмииһэ, Өлүөхүмэ улууһун ытык киһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ.
Күндү тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрэ, сэрии кэмин оҕолоро! Эһигини Улуу Кыайыы 78 сыллаах өрөгөйдөөх бырааһынньыгынан өссө төгүл итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн туран, бүгүҥҥү ыраас халлааммыт, эйэлээх олохпут иһин эһиэхэ барҕа махтал тылларын этэбит. Күндү дьоммутугар баҕарабыт саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, чөл туругу, үгүс үөрүүнү, күн сиригэр баар үтүөнү, уһун дьоллоох олоҕу, эйэҕэс сыһыаны уонна этэҥҥэ буолууну! Биһиги эһигинэн киэн туттабыт, сүгүрүйэбит! Улуу Кыайыы күнүнэн!
Бүгүҥҥү үөрүүлээх күммүтүгэр бэйэлэрин кылааттарын киллэрсибит дьоммутугар барҕа махталбытын тириэрдэбит – Өлүөхүмэ улууһун «Түмсүү» биир дойдулаахтар түмсүүлэрин салайааччытыгар Наталья Иннокентьевна Игнатьеваҕа, «Сладкие мечты» кулинарнай фирма салайааччытыгар Татьяна Александровна Тымыроваҕа уонна Наталья Александровна Федуловаҕа, сибэкки салонун хаһаайкатыгар Людмила Константиновна Кучероваҕа.
Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар олорор биир дойдулаахтарбытыгар «Кыайыы күнэ» аахсыйаҕа кыттыбыккытыгар, биир сомоҕо күүс-көмө буолбуккутугар үтүө-мааны тыллардаах махталбытын тириэрдэбит (Хаҥалас, Горнай, Өлүөхүмэ, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Тулагы, Дьокуускай куорат). Махталбытын биллэрэбит мэлдьитин күүс-көмө буолар «Сомоҕо» түмсүү саамай көхтөөх кыттыылааҕар, бэйэтин массыынатынан бэтэрээннэрбитигэр тиийэн бэлэх туттарарбытыгар көмөлөспүт Сардаана Олесоваҕа, эдэр кэскиллээх ырыаһыппытыгар Андрей Латышевка, Өлүөхүмэ улууһун “Түмсүү” логотибын оҥорон көмөлөспүт киһибитигэр Альберт Корниловка. Бука барыгытыгар баҕарабын уһун дьоллоох олоҕу, доруобуйаны, үлэҕитигэр, үөрэххитигэр үрдүк ситиһиилэри!
Надежда КОРНИЛОВА, Кыыллаах Арыыттан төрүттээхтэр «Сомоҕо» түмсүүтүн салайааччыта, Өлүөхүмэ улууһун «Түмсүү» бырабылыанньатын чилиэнэ.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038