Кыыллаахтар УАЗ микро-оптуобус массыыналарын 155-с биригээдэҕэ тириэртилэр

Кыыллаахтар УАЗ микро-оптуобус массыыналарын 155-с биригээдэҕэ тириэртилэр

03.11.2023, 17:27
Хаартыска: Өлүөхүмэтээҕи волонтердар кииннэрэ.
Бөлөххө киир:

Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгин дьаһалтатын гуманитарнай көмөлөөх массыыната дойдуну тилийэ айаннаан РФ Тиихэй акыйаан флотун муораҕа пехотатын Жуков аатынан 155-с туспа биригээдэтигэр тиийдэ. Маннык массыыналар иҥнигэһэ суох сылдьалларынан, элбэх киһи батарынан, байыастары, көмө малы, аһы-үөлү таһарга байыаннай эпэрээссийэ инники күөнүгэр ордук ирдэнэр.

Бу туһунан Өлүөхүмэ улууһун волонтерскай киинэ телеграмҥа ханаалыгар суруйар. Нэһилиэк баһылыга Александр Макаров уонна суоппардар Дмитрий Митимов, Михаил Кельбинов маннык кэпсииллэр:

— Өлүөхүмэ куораттан Доннааҕы Ростовка диэри 10 күн айаннаатыбыт. Суолбут былаһын тухары, дьон байыаннай эпэрээссийэ тиэмэтигэр сыһыарыылаах (наклейка) толору таһаҕас тиэммит массыынаҕа чуагаһаан хайа диэки баран иһэрбитин ыйыталаһаллар, босхо көмөлөһөн, ким эрэ фруктанан күндүлээн, көлүөһэ өрөмүөнээччилэр көлүөһэбитин босхо оҥорон, айаммыт быдан чэпчээтэ.

Доннааҕы Ростовка сылдьар кэммитигэр байыастар сайаапкаларынан эбии көмө атыыластыбыт, 50 тыһ. солк. кээмэйдээх туһааннаах өйөбүллэрин иһин Михаил Узоровка (“Теплотехника” ХЭУо), Ил Түмэн дьокутаата Алексей Колодезниковка махталбытын биллэрэбит.

УАЗ мирко-оптуобус Кыыллаах уонна Даппарай сэлиэнньэтин олохтоохторо, онтон төрүттээхтэр атыыласпыт -35-45 кыраадыс тымныыга кэтиллэр 50-тан тахса устуука сылаас саппыкынан, “Тээнэ” КРО тиксэрбит таба тириитинэн, Чапаево сэлиэнньэтиттэн уонна Өлүөхүмэ куораттан тиксэрбит маскировочнай сиэккэлэринэн, элбэх малынан-салынан уонна аадырыстаан ыыппыт баһыылкаларынан туолбута.

155-с биригээдэттэн биир дойдулаахтарбыт көмө оҥорбут дьоҥҥо барыларыгар махтал тылларын тириэрдэллэр.

+1
26
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: