Кыыллары-көтөрдөрү сэҥээрээччилэргэ сонун быыстапка турда

Share

Булчут күнүн иитинэн, бүгүн Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай аатынан Култуура киинигэр сонун быыстапка үөрүүлээх аһыллыыта буолла.

Быыстапка аһыллыытынан СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар  миниистирин солбуйааччы Джулустан Хон, Москваттан ыҥырыллан кэлбит эспиэр Александр Михнюк, Саха сиринээҕи булчуттар уонна балыксыттар уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ Закира Иванова уо.д.а. Саха сирин булчуттарын, таксидермистарын эҕэрдэлээтилэр.
Быыстапкаҕа кытта Нам улууһуттан чуучалалары оҥоруунан дьарыктанар дьиэ кэргэн кэрэхсэбиллээх үлэлэрин дьон сэргээтэ. Ол курдук, Федоровтар дьиэ кэргэн булт тиэмэтинэн үлүһүйүүлэрин дьон сэҥээрдэ. Уоллара Рустам Леонидович оҥорбут кыыллара, кырачаан бараахтар, халба, эгэлгэ чаҕылхай өҥнөөх хоту эрэ кэлэр мандаринка кус… киһи көрдөр көрүөн курдук.

Ыраах Дьааҥыттан  булт иниспиэктэрэ аҕата урут бултаабыт бэдэрин тириитин кэриэс мал курдук кичэллик харайан илдьэ сылдьара сөхтөрдө. Былырыын бултаммыт бүүчээнин бэйэтэ  оҥорбут.
Ити курдук, быыстапкаҕа киһи кэрэхсиирэ үгүс.

Женни Стрюкова хаартыската
Женни Стрюкова хаартыската
Женни Стрюкова хаартыската
Женни Стрюкова хаартыската
Женни Стрюкова хаартыската
Женни Стрюкова хаартыската
Женни Стрюкова хаартыската
Женни Стрюкова хаартыската
Женни Стрюкова хаартыската
Женни Стрюкова хаартыската
Женни Стрюкова хаартыската
Женни Стрюкова хаартыската
What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

15 часов ago