Дьокуускайга “Триумф” спорткомплекска алтынньы 28-29 күннэригэр ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ, Саха АССР үтүөлээх учуутала Д.П. Коркин кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустуу турнира буолара букатын аҕыйах хонук хаалла. Уонтан тахса омук дойдуларын сулустара түһүлгэҕэ тахсыахтара. Олимпийскай оонньуулар, аан дойду, Европа, Арассыыйа чөмпүйүөннэрэ, призердара, күөн көрсүөхтэрэ, албан аат былдьаһыахтара.
Хантан, кимнээх кытталларый?
Састаап күүстээх. Дагестан, Хотугу Осетия, Бурятия, Тыва, Красноярскай, Саха сирэ, тас дойдулартан Иран, Монголия, Куба, Македония, Австралия, Польша, Индия, урукку бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэртэн Белоруссия, Армения, Казахстан, Кыргызстан, Таджикистан бөҕөстөрө аат-ааттаан, кыайар-хотор сыаллаах-соруктаах кэлитэлээтилэр.
Кинилэр ортолоругар Токиотааҕы Олимпийскай оонньуулар кыттыылааҕа, 23 саастаах ыччаттарга аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, Панамериканскай уонна Киин Американскай оонньуулар иккилии төгүллээх кыайыылааҕа Андре Рейнери Ортега 57 кг (Куба), Токиотааҕы Олимпиада боруонса медалиһа, аан дойду чөмпүйэнээттэрин икки төгүллээх финалиһа, Панамериканскай оонньуулар биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ, 35 саастаах Рейнерис Салас Перес 97 кг (Куба), Токиотааҕы Олимпиада финалиһа, Европа чөмпүйүөнэ Магомедхабиб Кадимагомедов (Белоруссия) бааллар.
Аан дойдуга инники күөҥҥэ сылдьар Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын бөҕөстөрө, дойду бастакы нүөмэрдээх тустууктара, бу да сырыыга кыайыыга суоттаналлар. Олимпийскай оонньуулар финалиһа, аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Заурбек Сидаков (Хотугу Осетия), Токиотааҕы Олимпиада боруонса призера, Европа үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Артур Найфонов (Хотугу Осетия), Арассыыйа икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Разамбек Жамалов (Чечня), Европа чөмпүйүөнэ Исраил Касумов (Чечня), Европа чөмпүйүөнэ, Ярыгин турнирын уонна Арассыыйа күүстээхтэрин Спартакиадатын кыайыылааҕа Курбан Шираев 74 кг (Дагестан), Коркин турнирын түөрт төгүллээх кыайыылааҕа, аан дойду боруонса призера Евгений Жербаев (Бурятия), аан дойду уонна Европа чөмпүйүөнэ Загир Шахиев 70 кг (Дагестан), Арассыыйа чөмпүйэнээтин уонна Ярыгин турнирын финалистара Анзор Закуев 70 кг (Кабардино-Балкария), күүстээхтэр Бүтүн Арассыыйатааҕы Спартакиадаларын уонна Ярыгин турнирын кыайыылааҕа Шамиль Мамедов 65 кг (Дагестан), аан дойду уонна Европа чөмпүйүөнэ, Арассыыйа үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Абасгаджи Магомедов 61 кг (Дагестан), Европа үрүҥ көмүс призера, Арассыыйа чөмпүйэнээтин икки төгүллээх үрүҥ көмүс призера, Иван Поддубнай Тустууга Лигатын кыайыылааҕа Начын Монгуш 57 кг (Тыва) уо.д.а. түһүлгэ киэргэлинэн буолаллара күүтүллэр.
Кыра эчэйиилэрдээх Ньургун Скрябинтан, Виктор Рассадинтан, Айаал Лазаревтан ураты, 90-ча уол кыттыаҕа. Бэйэлэрин ыйааһыннарыгар бырааттыы Петр, Алексей Копыловтар, Арыйаан Тютрин 57 кг, Владимир Егоров, Андрей Бекренев, Артем Слепцов, Петр Константинов, Федор Постников 61 кг, Эдуард Григорьев, Георгий Кычкин, Владислав Кровишапкин, Семен Владимиров 65 кг, Константин Капрынов, Олег Фомин 70 кг, Станислав Свинобоев, Тимур Николаев, Константин Власов 74 кг, Андриан Ленскэй 79 кг, Софрон Софронов 86 кг, Ньургун Сергин 92 кг, Максим Толмачев 97 кг, Никита Хабаров, Андрей Аронов 125 кг тустуохтара. Бу уолаттарбыт “дьиэлэригэр-уоттарыгар” мэтээл туһугар киирсэллэригэр эрэл улахан. Улахан көбүөрдэргэ “буһууну-хатыыны” ааспыт, уопуттаах бөҕөстөр. Эдэр уолаттар элбэхтэр, кими баҕарар кытта бурҕатыһан кэбиһиэхтэрин сөп. Күүстэринэн, түргэннэринэн баһыйтарбаттар.
Көбүөр оргуйар олус сэргэх хапсыһыылара күүтүллэллэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тириэньэрэ Александр Оконешников этэринэн, хамаанда бэлэмэ үчүгэй. Тустууктарбыт эрчиллэ, хамсана-имсэнэ сылдьалларыттан көрдөххө, туйгун туруктарыгар киирэн эрэллэр. Ыалдьыт-тустууктары кытта бииргэ эрчиллэллэр.
Хас биирдии тустуук тус-бэйэтин “настройкатыттан”, санаата бөҕөҕүттэн, тустууга көҕүттэн элбэх тутулуктаах буолуоҕа. Тустууну көрдөөн, айан тустуохтарын наада диэн тириэньэрдэр куруутун этэллэр. Кимэн киирии, “атаакалааһын”, өйдөөхтүк-төйдөөхтүк, харса-хабыра суох хапсыһыы быһаарар оруолланыахтара. Киһи көрөн астынар албастарын оҥортолоон, тустар маастарыстыбаларын, кылаастарын үрдэтэр сыаллаахтар-соруктаахтар.
Сүүмэрдэммит хамаанданы баай уопуттаах тириэньэрдэр Василий Уваров, Будимир Яковлев, Иван, Степан Сивцевтэр, Иван Дмитриев, Артур Константинов, Вадим Семенов, Герман Контоев, Данил Неустроев, Василий Неустроев, Егор Пономарев көбүөргэ үлэлээн бэлэмнииллэр. Бары улуу тириэньэр Д.П. Коркин иитиллээччилэрэ уонна кини үөрэнээччилэрин иитиллээччилэрэ. Күн бүгүнүгэр диэри ситим быстыбакка салҕанар. Коркин буочара баар.
Бастыҥнар сүбэлэрэ тыынар салгын кэриэтэ. Павел Пинигин, Александр Иванов, Василий Гоголев дьарык кэмигэр спортсаалаҕа кэлэн көбүөргэ тустуу ымпыктарыгар-чымпыктарыгар үөрэтэллэр. Холобур, Роман Дмитриев Василий Гоголевка бэгэччэктэн сөпкө тутуу “захватын” көрдөрбүтүгэр, тута ССРС-ка тэҥнээҕэ суох буолбута. Ити албаһы спортсаалаҕа кэллэҕин аайы көрдөрөр.
Кэлии бөҕөстөрү кытта бииргэ эрчиллии көдьүүһү, туһаны эрэ биэрэр. Ыйааһыннарынан пааралаһан эмиэ үлэлииллэр. Сөбүлээн туттар албаһы арыйартан кистэнии, туттунуу суох. Тустуук этин-сиинин тутулуттан, хамсанарыттан-имсэнэриттэн тутулуктааҕа үгүс. Ол да иһин, биир үксүн, кистэммэттэр. Сүрүн тириэньэр этэринэн, “кистэнэ сырыттахха сайдыы барбат”. Күүстээхтэри, атыттары кытта тутустаххына, атын хамсаныылар бараллар, атын быччыҥнар үлэлииллэр. Көбүөргэ киирдилэр да кыайыһа-хотуһа сатыыллар. Дьарык үгэнигэр быыстала суох күрэхтэһии, тургутуһуу, уопут атастаһыыта барар.
70-с сыллардаахха Павел Пинигин өрөгөйдөөн тустар кэмигэр, дьарыкка, кинини кытта пааралаһалларын ыарырҕаталлара, “ыарыылаахтык тутар-хабар, күүскэ быраҕаттыыр” диэн саллаллара, тэйиччи тутталлара. Ону Павел Павлович: “Көбүөргэ тэҥмит” диир буолара. Кыайыы кэлиитэ күүстээхтиин күөнтэһииттэн саҕаланар. Дьарыкка мөлтөөн биэрдэххинэ күрэхтэһиигэ хотторуоххун сөп. Хонтуруоллуур, бэрэбиэркэлиир хапсыһыылар тустуук туругун дьэҥкэтик көрдөрөллөр. Онон, көлөһүннэрэ сарт түһүөр диэри эрчиллэллэр, тириэньэрдэрин түһэн биэрбэт туһугар кыһаллаллар.
Санаа күүһэ элбэҕи быһаарар. Сүүмэрдиир хамаанданы бэлэмниир Кииҥҥэ итиннэ ураты болҕомто ууруллар. Күннэтэ көрсүллэр күүрээни, ыгыыны, тириэньэрдэр кытаанах ирдэбиллэрин ыарырҕаппыттар сыыйылланнар, дьиэлэригэр барарга күһэллибиттэр. Сиидэлээһин систиэмэтэ баар. Лиидэрдии баһылыыр-көһүлүүр хаачыстыбалаах, уостубат уохтаах, түһүлгэҕэ хахай хаанын киллэрэр дьоҕурдаахтар улахан тустуу улахан маастардарынан буолуталыыллар. Дьүккүөрдээхтэр.
Онон, биир-икки күнүнэн ким-хайдаҕа биллиэҕэ.
Улуу тириэньэр Дмитрий Петрович Коркин 1964 с. Токиотааҕы Олимпийскай оонньуулартан кэлэн баран “Сахалар Олимпиадаҕа кыттыахтара уонна кыайыахтара!” диэн бэйэтигэр туруоруммут сыалын-соругун олоххо киллэрбитэ. Түмсүүлээх Ийэ дойдутугар, тапталлаах Сахатын сиригэр, иитиллээччилэригэр бүк итэҕэйэрин, эрэнэрин иһин уонна ол бигэ эрэлэ туолан – кыаллыбыта.
Улуу тириэньэр оҥорон хаалларбыт дьыалата салҕанар.
Баһылай Посельскай.
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…