Салгыы
«Кыыс Хотун» арамаан ааптара Анастасия Сыромятниковаҕа ахтыы-киэһэтэ ананна

«Кыыс Хотун» арамаан ааптара Анастасия Сыромятниковаҕа ахтыы-киэһэтэ ананна

26.01.2025, 19:16
Хаартыска; ааптар түһэриилэрэ уонна социальнай ситимтэн
Бөлөххө киир:

Былатыан Ойуунускай аатынан Литература мусуойугар 2025 сыл элбэх баай ис хоһоонноох  тэрээһиннэринэн саҕаланна.  Ол курдук, мусуой үлэһиттэрэ тохсунньуга суруйааччы, драматург Степан Ефремов, СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Гоголев-Кындыл, саха дьахталларыттан бастакы суруйааччынан биллэр Анастасия Сыромятникова үбүлүөйдээх сылларыгар тэрээһиннэри үрдүк таһымнаахтык ыыттылар.


Литератураны сэҥээрээччилэр куруук тоҕуоруһа мустар Литература мусуойугар тохсунньу 24 күнэ РСФСР уонна САССР  култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 1957 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, 1941 сылтан ССКП чилиэнэ Анастасия Саввична Сыромятникова төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах ахтыы киэһэтигэр ананна (оруобуна төрөөбүт күнүгэр).

Ахтыы-киэһэтин СӨ норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева сүрүннээн ыытта уонна суруйааччы  литератураҕа сүҥкэн  кылаатын бэлиэтээн туран, кини олоҕун кэрдиис кэмнэрин билиһиннэрдэ.
Анастасия Сыромятникова айар үлэтин 1938 сылтан саҕалаабыта, сүрүн суруйар тиэмэтинэн оҕо аймах, саха дьахтарын  урукку уонна бэйэтин олорор кэмигэр дьылҕалара буолбута. Оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо тэҥинэн суруйара. Өр сылларга суруналыыс уонна суруйааччы үлэтин сэргэ, кинигэ кыһатын эрэдээктэринэн, “Эдэр коммунист” хаһыат отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1961 с. саха ыччатын  бырамыысыланнаска тардыһыытын туһунан “Дьүөгэлиилэр”диэн сэһэнэ тахсыбыта. Суруйааччы биир саамай улахан айымньыта – “Кыыс Хотун” арамаана 1970-73 сылларга күн сирин көрбүтэ.  Арамаан нууччалыы тылбааһа “Современник”  издательствоҕа бэчээттэммитэ.


Бу күн СӨ норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов, СӨ норуодунай суруйааччыта Елена Слепцова-Куорсуннаах, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, тылбаасчыт, кириитик Аита Шапошникова, прозаик, «Көмүөл» кыһа эрэдээктэрэ  Борис Павлов-Кэм Анастасия Саввична айар үлэтигэр бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.


Литература мусуойун наукаҕа үлэһитэ Ефросинья Ноговицына «Анастасия Сыромятникова очеркаларын ааҕа олорон» диэн  сонун видеону сүрэхтээтэ.
Тэрээһин иккис түһүмэҕэ суруйааччы дьиэ кэргэнигэр ананна. Иркутскайдааҕы киинэ хроникатыгар уһуллубут А.Сыромятникова дьиэ кэргэнин туһунан кылгас сюжеты билиһиннэрдилэр. Аймахтар ааттарыттан СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Лира Габышева, Таатта улууһун Чөркөөх мусуойун исписэлииһэ Изабелла Жерготова ахтан-санаан аастылар.
Суруйааччы биир дойдулаахтарын туһунан түһүмэх Анастасия Сыромятникова 100 сааһыгар НКИХ хампаанньа устубут сюжетыттан саҕаланна.
Анастасия Сыромятникова төрөөбүт дойдута  Томпо улууһун бэрэстэбиитэллэрэ: Томпо улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Николай Ефимов; Томпо улууһун үөрэҕириигэ управлениетын оҕону иитиигэ отделын начаалынньыга Елена Винокурова; улуустааҕы бибилэтиэкэ үлэһитэ Александра  Ефимова, Арыы Толоон А.Сыромятникова аатынан оскуола дириэктэрэ Виталий Слепцов, учууталлар уонна оскуоланы бүтэрбит Алевтина Николаева, Галина Неустроева уо.д.а. кэлбиттэр.


Ахтыыны бастакынан саҕалаабыт  Николай Егорович дириҥ ис хоһоонноох иһитиннэриини оҥордо уонна биир дойдулааҕын айар үлэтигэр сыһыаннаан, саха литературатын билиҥҥи туругун таарыйда. Ол эбэтэр, Анастасия Саввична айымньылара оскуола учебнигар киллэриллибэттэрин, билигин суруйар киһи элбэх уонна ким үптээх-харчылаах төһө баҕарар кинигэни таһааттарар кэмигэр Анастасия Сыромятникова курдук улахан суруйааччы аата кэнэҕэһин умнуллан хаалар кутталлааҕын бэлиэтээтэ. Түмүккэ  Анастасия Сыромятникова кинигэлэрин хос бэчээттииллэригэр баҕа санаатын тириэртэ.
Төрөөбүтэ 110 сыла бэлиэтэммит Анастасия Сыромятникова аймахтара Томпо оскуолатын уонна сэлиэнньэтин мусуойугар эспэнээттэри туттаран, мусуой пуондатын байыттылар.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кэлбит дьону ырыаһыт Арчылаана Лукачевская Леонид Попов тылларыгар, Аркадий Алексеей мелолиятыгар «Умнуллубат ол кустук» ырыаны күүстээх куолаһынан толорон эҕэрдэлээтэ.

Көрсүһүүгэ кэлбит дьон Б.Ойуунускай аатынан Литература мусуойа бэлэмнээбит быыстапкатын сэргээн көрдүлэр. Суруйааччы тутта сылдьыбыт маллара, сэдэх хаартыскалар, докумуоннар уонна араас кэмҥэ суруйбут кинигэлэрэ көрдөрүүгэ туруоруллубуттар. Үгүс киһи оҕо-ыччат саастарын санатар  “Кыыс Хотун” кинигэни  илиитигэр  ылан, сүрэҕэр  бигээн хаартыскаҕа түстэ.

Мусуой экспозиция-быыстапка үлэтигэр кылаабынай исписэлииһэ  Ньургуйаана Халгаева иһитиннэрбитинэн, Анастасия Сыромятникова мусуойга бэлэхтээбит хаартыска-альбомугар 1980 сыллаахха Казахстаҥҥа саха литературатын уонна ускуустубатын күннэригэр кыттыбыт хаартыскалара бааллар. Онон,  мусуой эспэнээттэрин билсибит киһи суруйааччы туһунан элбэҕи билиэн сөп.

Анастасия Саввична Сыромятникова оҕолоро:

Вешникова Полина Спиридоновна (1942-1997 сс.) — устуорук, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ;
Дмитриева Надежда Спиридоновна (1949-2018 сс.), суруналыыс, суруналыыстыка салаатыгар СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ;
Дмитриев Петр Спиридонович (1947-2007 сс.), географ-геолог, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ доцена, геология наукатын хандьытаата;
Дмитриев Георгий Спиридонович (1957 с.) — математик, инженер, билигин биэнсийэҕэ олорор.

Сиэннэрэ:

Георгий Спиридонович уола Дмитриев Максим Георгиевич -– политическай наука хандьытаата, Аудивизуальнай технологиялар кииннэрин салайааччыта (Москва к.);
Полина Спиридоновна кыыһа уонна сиэнэ: Сивцева Светлана Степановна – СӨ култууратын туйгуна, И.С.Жараев аатынан СӨ норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэлэрин национальнай киинин тиэхиньиичэскэй отделын сэбиэдиссэйэ, Анастасия Нюргуновна Иванова – «Утум» хампаанньа бөлөҕүн генеральнай дириэктэрин солбуйааччы.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 января
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: