Атырдьах ыйын 14 күнүн сарсыардатыгар Дьокуускай куорат эмиэ буруонан бүрүлүннэ. Ааспыт бэнидиэнньиктэн буруо Дьокуускай куоракка уонна куорат чугаһынааҕы нэһилиэктэргэ турбут буоллаҕына, билигин Киин, Илин эҥээр уонна Бүлүү бөлөх улуустарга буруо эмиэ баара бэлиэтэннэ.
Метеорологтар чахчыларынан, салгыҥҥа буортулаах эттик таһыма нуорманы куоһарбыт, өссө күүһүрэрэ сабаҕаланар.
СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрбитинэн, күүстээх буруо Амур уобалаһыгар, Хабаровскай кыраайга уонна Саха сирин соҕуруу-илиҥҥи өттүгэр буола турар ойуур баһаардарын кытта сибээстээх.
Күүстээх буруо салгын ааллара көтөллөрүгэр мэһэйи үөскэттэ. Ол курдук, “Якутия” авиахампаанньа рейстэригэр харгыстар таҕыстылар. Москваттан көтөн кэлиэхтээх 466 рейс – Нерюнгрига, Санкт Петербуртан кэлэр 468 рейс Хабаровскайга түһэргэ күһэлиннилэр. Ону сэргэ, Дьокуускайтан Мииринэйгэ, Москваҕа, Новосибирскайга көтүөхтээх рейстэр эмиэ тардылыннылар.
Оттон Өлүөнэни туоруур поруомнар сырыылара айаны харгыстыы илик.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…