Күүстээх санаалаах, олус кыахтаах Айтал Сидоров
«Паралимпиадаҕа хайаан да кыттыаҕым…», — диэн бигэ санааны ылынан, күн аайы дзюдоҕа, успуорт араас кɵрүҥэр дьарыктанар…
«Туску сонуннара» суруйууларым, олоххо сырдык көрүүлээх иһитиннэриилэрим дьон сэҥээриитин ылан, Саха сирин араас муннуктарыгар тиийэ кэрэхсэнэллэриттэн сэмээр үөрэбин. Арай биир күн куйаар ситимин нөҥүө сурутааччым мин эйиэхэ биир уолу билиһиннэриэхпин баҕарабын, эн кини туһунан сырдатарыҥ буоллар диэн таҕыста. Ол кимий? Ханна? Туох? диэн ыйытыкпар видеолары ыыталаата.
Тэттик киинэни арыйа баттаабытым аҥаар атаҕа суох эдэркээн уол тустан кулахачыйарын көрөн олуһун сɵхтүм. Эр бэрдэ кыаҕын көрөн хайҕаатым… Ол кэннэ ийэтин нүөмэрин ыйыталаһан бу уол туһунан билсэргэ сананным. Надежда Степановна Тойбохойтон тɵрүттээх түɵрт уол оҕо күн күбэй ийэтэ. Кэпсэтиибит саҕаланыытыгар бастаан соһуйда, онтон уолтан кɵҥүл ылан, социальнай ситимнэринэн саҥарар илдьиттэри ыыталаан барда. Уолаттарын туһунан кэпсээнигэр ийэ барахсан харах уутун таһааран, ханнык эрэ кэмҥэ чуумпуран, сүрүн үксүн киэн тутта кɵхсɵ кэҥээн да ылла.
Айтал ыал кыра оҕото, атырдьах ыйыгар 23 сааһын туолар, Сунтаарга успуорт оскуоланы бүтэрэн, Мииринэйгэ, Чурапчыга эмиэ успуорт кыһаларыгар үөрэнэн, аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан барбыта. Сулууспалыы сылдьан Кыайыы күнүгэр улахан параакка кыттыыны ылбытыгар биир дойдулаахтара бары да үɵрэ-кɵтɵ ɵрɵгɵйдɵɵбүппүт. Аармыйа кэннэ «Горный проходчик» үɵрэҕин баһылаан, Нерюнгрига шахтаҕа үлэлээбитэ. 2023 сыл балаҕан ыйыгар сөбүлэҥинэн анал байыаннай дьайыыга тылланан барбыта, ол кэмҥэ бииргэ тɵрүɵбүт улахан убайа эмиэ сэрии толоонугар сылдьара.
Сэтинньигэ кыл түгэн убайынаан кɵрсɵн, икки аҥы бараллар. Дмитрий сэрии толоонуттан икки бааһырыылаах, «Анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ» диэн ааттаах дойдутугар эргиллэр, онтон кини хаалан, дойдутун туһугар хорсуннук сэриилэһэ сылдьан, атаҕар улахан бааһырыы ылан, балыыһаҕа киирэр. Ийэтин хомотумаары, атаҕа суох хаалбытын ɵр кистээбит, уолчаан бу күн сиригэр баар саамай күндү киһитин харыстыыр, долгуппат туһуттан оннук сананнаҕа, саатар барыта биир кэмҥэ түбэһэн Сидоровтар дьиэ кэргэннэригэр ыарахан күннэр этэ, эбэлэрэ ыалдьар, ыал орто уола суорума суолланар…
Надежда бу туһунан бэйэтиттэн да буолбатах анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттардаах ийэлэр түмсүүлэрин бɵлɵҕɵр «Санкт-Петербург куоракка балыыһаҕа 22 саастаах эдэркээн оҕо атаҕа суох сытар, кимэ да суох», — диэн суруйууну кɵрɵн, ийэ киһи сүрэҕэ кыланан тутатына билэр-билбэт дьонуттан тоокколоһон барбыта, ол кэмҥэ ону билэр дьон уолга эрийэн ийэҕэр бэйэҥ этэрин ордук этэ диэн сүбэлээбиттэр.
Арай, киэһэ… Айтал видеонан эрийбитигэр, ийэтэ барахсан дьиэлээхтэри барыларын муспут, кɵрдɵҕүнэ мап-маҥан истиэнэ: «Хайа тукаам бу ханна бааргыный?», — диэбитигэр уола: «Санаторийга сытабын», — диэн баран атаҕын кɵрдɵрбүтэ, хаҥас атаҕа суоҕа… Ийэ ону кɵрɵɵт, билиэт ыла охсон Питерга, киниэхэ тиийэр. Онно эрэ билбит кырачаан уолчаана хайы сах уонча эпэрээссийэни ааспытын, үчүгэй быраастар түбэһэннэр этэҥҥэ тыыннааҕын… бу кэмҥэ Таисия Егоровна Тарасова диэн волонтер дьахтар кини оҕотун ийэлии кɵрбүтүн-харайбытын. Сидоровтар Таисияҕа махталлара муҥура суох. Аны этэҥҥэ буолан, атаҕар протез кэтэн саҕалаабыта улахан эрэйдээх буолбут, ол онно рентген түһэн, уҥуох үүммүтүн билбиттэрэ… эмиэ эпэрээссийэ. Бу курдук, Айтал тоҕус ый устата балыыһаҕа сытан чэбдигирэн, билигин этэҥҥэ. Успуордунан күүскэ дьарыгырар, сүрүннээн дзюдонан, уол оҕо баҕа санаата аны түɵрт сылынан паралимпиадаҕа кыттыы. Айтал Дойдубут Бэрэсидьиэниттэн «Хорсунун иһин» диэн иккис истиэпэннээх үрдүк наҕараадалаах, балыыһаҕа сытан С.М.Киров аатынан Байыаннай-мэдиссиинэ академияҕа үɵрэнэн «младший лейтенант» диэн офицер идэтин баһылаан, салгыы байыаннай буолар баҕалаах. Билигин Новосибирскайга сɵбүлэҥ түһэрсэн байыаннай комиссариатка «Старший специалист-эксперт» үлэтин саҕалыахтаах. Толору киһи курдук сананарыгар атаҕар икки протез ирдэнэр эбит, биирэ күннээҕи олоҕор, иккиһэ успуордунан идэтийэн дьарыгырыыга.
Бу күннэргэ уоппускатыгар ийэтигэр, дьиэ кэргэнигэр, уолугар Айхаҥҥа кэлиэхтээх. Биир үɵрүүлээҕэ Айтал балыыһаҕа сытан олоххо аналын, сүрэҕин аҥарын кɵрсɵн балаҕан ыйыгар уруу малааһыннаары бэлэмнэнэллэр. Манан диэн эттэххэ, эдэркээн уол бастаан олох улахан охсуутуттан соһуйан, ɵмүрэн санаа түһүүтэ, салгыы хайдах олоробун диэн ынырык толкуйдар ыччат киһиэхэ син-биир бааллара биллэр. Онтон эр бэрдэ бэйэтин сааһыланан, эр ылан, Дьылҕа Хаан кини күүстээҕин, барыны бары кыайарын билэн, маннык тургутууну тоһуйарын ɵйдɵɵн, Айтал олоҕун уратытык уонна инникигэ ыралаахтык салгыыр. Билигин эдэр киһиэхэ умсугутуулаахтык успуордунан дьарыгырарыгар, паралимпиадаҕа тиийэн дойдутун чиэһин кɵмүскүүрүгэр атаҕыгар электроннай протез ыларыгар кɵмɵ буолбут киһи… харахпар, кини ол атаҕа Айталы кынаттаан толору киһи оҥоруоҕа, успуорт чыпчаалыгар дабатыаҕа!
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Хаартыска, видео ааптар тиксэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: