Күүстээх санаалаахтар күрэхтэстилэр
СӨ адаптивнай физкультураҕа уонна успуорка киинин тэрийиитинэн көһөрүллүбүт уорганнаах уонна диализ ньыматынан эмтэнэр пациеннар ортолоругар IV Спартакиада буолан ааста. Тэрээһин «Самородок» кииҥҥэ ыытылынна. Манна барыта араас улуустан 40 спортсмен кытынна.
Спартакиаданы сүрүн тэрийээччинэн, биллэр уопсастыбанньык Гаврил Чемоханов буолар. Күрэхтэһиини үөрүүлээх арыйыыга норуот дьокутаата, Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова, «Самородок» киин дириэктэрэ Ньургун Иванов, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Василий Аргунов кытыннылар.
Гаврил Чемоханов этэринэн, бу күрэҕи пациеннар бэйэлэрин ис сүрэхтэрин баҕаларынан уонна истиҥ көхтөрүнэн, күрэхтэһиини өйөөбүт доҕотторун, спонсордарын көмөлөрүнэн тэрийбиттэр.
Спартакиада үөрүүлээх аһыллыытын Надежда Павлова салайар этнофитнесс бөлөҕө бэйэтин флешмобунан улаханнык киэргэттэ. Тэрээһиҥҥэ кыттар уонна кинилэргэ ыалдьа кэлбит кэрэ куолар тэбис-тэҥҥэ үҥкүүлээн, хамсанан тэйдилэр. Бу чэбдигирдии сэргэх көрүҥэ фитнесс, хореография уонна саха төрүт үҥкүүтүн хамсаныытын дьүөрэлиир. Инникитин пациеннар «Самородок » киинигэр бу көрүҥү арыйарга этии киллэрдилэр.
Харбааһыҥҥа, остуол тенниһигэр, хабылыкка, хаамыскаҕа, дартска күрэхтэһиилэр буоллулар. Успуорт дьоро түһүлгэтэ үрдүк таһымнаахтык барда. Сылга биирдэ буолар түмсүүлэриттэн кыттааччылар үөрэн-көтөн тарҕастылар. Кыайыылаахтар уонна миэстэлэспиттэр кубоктары туттулар, мэтээл кэттилэр уонна спонсордар көмөлөрүнэн бириискэ тиксэн илии тутуурдаах, өттүк харалаах бардылар.
Бастыҥнар аны сайын Москваҕа буолар трансплантацияламмыт уонна диализка сылдьар спортсменнар бүтүн Арассыыйатааҕы оонньууларыгар баран, Саха сирин чиэһин көмүскүөхтэрэ. Бу тэрээһини «НЕФРО-ЛИГА» бүтүн Арассыыйатааҕы тэрилтэтэ ыытыаҕа. Манна спортсменнары кытта волонтердар эмиэ барыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: