Күүстээх санаалаахтар күрэхтэстилэр

Share

СӨ адаптивнай физкультураҕа уонна успуорка киинин тэрийиитинэн көһөрүллүбүт уорганнаах уонна диализ ньыматынан эмтэнэр пациеннар ортолоругар IV Спартакиада буолан ааста. Тэрээһин «Самородок» кииҥҥэ ыытылынна. Манна барыта араас улуустан 40 спортсмен кытынна.

Спартакиаданы сүрүн тэрийээччинэн, биллэр уопсастыбанньык Гаврил Чемоханов буолар. Күрэхтэһиини үөрүүлээх арыйыыга норуот дьокутаата, Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ  Алена Атласова, «Самородок» киин дириэктэрэ Ньургун Иванов, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Василий Аргунов кытыннылар.

Г. Чемоханов хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Гаврил Чемоханов этэринэн, бу күрэҕи пациеннар бэйэлэрин ис сүрэхтэрин баҕаларынан уонна истиҥ көхтөрүнэн, күрэхтэһиини өйөөбүт доҕотторун, спонсордарын көмөлөрүнэн тэрийбиттэр.
Спартакиада үөрүүлээх аһыллыытын Надежда Павлова салайар этнофитнесс бөлөҕө бэйэтин флешмобунан улаханнык киэргэттэ. Тэрээһиҥҥэ кыттар уонна кинилэргэ ыалдьа кэлбит кэрэ куолар тэбис-тэҥҥэ үҥкүүлээн, хамсанан тэйдилэр. Бу чэбдигирдии сэргэх көрүҥэ фитнесс, хореография уонна саха төрүт үҥкүүтүн хамсаныытын дьүөрэлиир. Инникитин пациеннар «Самородок » киинигэр бу көрүҥү арыйарга этии киллэрдилэр.
Харбааһыҥҥа, остуол тенниһигэр, хабылыкка, хаамыскаҕа, дартска күрэхтэһиилэр буоллулар. Успуорт дьоро түһүлгэтэ үрдүк таһымнаахтык барда. Сылга биирдэ буолар түмсүүлэриттэн кыттааччылар үөрэн-көтөн тарҕастылар. Кыайыылаахтар уонна миэстэлэспиттэр кубоктары туттулар, мэтээл кэттилэр уонна спонсордар көмөлөрүнэн бириискэ тиксэн илии тутуурдаах, өттүк харалаах бардылар.

Бастыҥнар аны сайын Москваҕа буолар трансплантацияламмыт уонна диализка сылдьар спортсменнар бүтүн Арассыыйатааҕы оонньууларыгар баран, Саха сирин чиэһин көмүскүөхтэрэ. Бу тэрээһини «НЕФРО-ЛИГА» бүтүн Арассыыйатааҕы тэрилтэтэ ыытыаҕа. Манна спортсменнары кытта волонтердар эмиэ барыахтара.

Г. Чеханов хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Г. Чемоханов хаартыскаҕа түһэриилэрэ
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago