Күүстэринэн унтуутун былдьаабыттар…
20.01.2025, 14:02
Антонина Эверстова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:
Күннэтэ кэриэтэ араас хабааннаах буруйу оҥоруу тахса турар. Бу күннэргэ 21 саастаах эдэр киһиттэн күүстэринэн унтуутун былдьаатылар.
Атаҕын таҥаһын былдьаппыт эдэр киһи бу туһунан Ис дьыала министиэристибэтин Дьокуускайдааҕы управлениетын 2 нүөмэрдээх полиция отделыгар сайабылыанньа киллэрбит.
Суһал-ирдиир үлэ кэмигэр холуобунай ирдэбил сотрудниктара уорбаланааччылар кимнээх буолалларын быһаарбыттар. Ол курдук эмсэҕэлээччиттэн 18 уонна 21 саастаах уолаттар атаҕын таҥаһын былдьаабыттара биллибит.
Иирсээн тахсыан иннинэ, эдэр дьон биир барга сылдьыбыттар. Хайа эрэ кэмҥэ эмсэҕэлээччи уонна уорбаланааччылар икки ардыларыгар этиһии тахсыбыт. Салгыы уулуссаҕа тахсан быһаарсарга санаммыттар. Итиэннэ таһырдьа тахсан охсуспуттар, ол кэмҥэ уолаттар күүстэринэн эмсэҕэлээччиттэн унтуутун устан ылан баран куотан хаалбыттар.
Билигин уорбаланааччыларга РФ Холуобунай кодексын 161 ыстатыйатын 2 чааһынан холуобунай дьыала көбүтүлүннэ.
+1
11
+1
5
+1
1
+1
+1
17
+1
+1
6
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: