Күүтүүлээх киин үлэ

Күүтүүлээх киин үлэ

28.01.2024, 14:15
Саҥа эбийиэк эспиэрт-кылаастаах диагностика аныгы тэриллэринэн сэбилэннэ
Бөлөххө киир:

Саҥа кииҥҥэ тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиэҕэ.

Саха сирин доруобуйатын харыстабылын устуоруйатыгар суруллар өр күүтүллүбүт  Онкология саҥа киинэ аһыллар түгэнэ үүннэ.

Икки төгүл элбэх штат көрүлүннэ
Саҥа поликлиника симиэнэҕэ 210 эмтэнээччини көрүөҕэ

Киин РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2019 сыллаахха көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан тутулунна.

Саҥа эбийиэк эспиэрт-кылаа­стаах диагностика аныгы тэриллэринэн сэбилэннэ. Онон, кутталлаах искэннэри  чопчу уонна эрдэ булар кыах баар буолуо.

Киин каадырдарынан толору хааччылынна, манна тыһыынчаттан тахса исписэлиис үлэлиэҕэ. Штат, ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, икки төгүл элбээтэ.

Ыарыһахтар өрөспүүбүлүкэ таһыгар эмтэнэргэ күһэллэллэрэ…

Татьяна Николаева, Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын кылаабынай бырааһа:

– Биһиги Онко­логия саҥа киинэ аһыллыытыгар ула­­хан эрэлбитин уурабыт. Киин  өрөс­пүү­бүлүкэбит онкологиятын сулууспата сайдарыгар сүрүн оруолу ылыаҕа.

Поликлиника отделениетыгар амбулатория көмөтүн оҥоруу кээмэйэ улаа­тыаҕа. Билигин поликлиника симиэ­нэҕэ 144 киһи сылдьарыгар суоттаныллар буоллаҕына, саҥа  поликлиника 210 эмтэнээччини көрүөҕэ. Сылга 18 тыһыынчаттан тахса киһи доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлииргэ  былааннанабыт.

80 куойкалаах сытар балыыһалаах, симиэнэҕэ 210 киһи көрдөрүнэр поликлиникалаах саҥа киин иэнэ – 25 тыһыынча квадратнай миэтэрэ.

Саҥа киин үрдүк технологиялаах көмөнү оҥорор аныгы тэриллэринэн сэбилэннэ. Национальнай бырайыак олоххо киириэр диэри элбэх локализацияҕа мэдиссиинэ толору көмөтүн оҥорор кыахпыт суоҕа, ыарыһахтарбытын өрөспүүбүлүкэ таһыгар ыытарга кү­­һэллэрбит. Оттон саҥа кииммитигэр үгүс көмөнү оҥорор кыахтаныахпыт. Эспиэр-кылаастаах диагностика тэриллэринэн хааччылынныбыт. Саамай уустук малоинвазивнай суһал орооһуулары оҥорорго аныгы ангиографическай комплекс аан бастакытын баар буолуоҕа.

Иккилии киһилээх балааталар бааллар

Феодосия Иванова, Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын эминэн эмтээһин отделын салайааччыта, Доруобуйа харыстабылын штаты таһынан кылаабынай онколога:

– Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 13 тыһыынча киһи онколог учуотугар турар.

Үөрэрбит диэн, ыарыыны быһаарыы (диагностика) күүһүрүөҕэ. Ол эбэтэр саҥа күүстээх тэриллэр аҕалылланнар, ыарыыны түргэнник  быһаарар буолуохпут, эмтэнэр болдьох ач­­чаан биэриэҕэ.  Урут  оннук күүстээх тэрил өрөспүүбүлүкэҕэ суоҕа.

Ыарыһахтарбыт толору хааччыллыылаах усулуобуйаҕа эмтэниэхтэрэ, онуоха  сөптөөх усулуобуйа барыта тэрилиннэ.  Сорох балааталар иккилии эрэ миэстэлээхтэр».

«Онкопоиск» үтүөтэ үгүс

СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева онкология салаатын ситиһиилэриттэн  биирдэстэринэн “Онкопоиск” бырайыагы ааттаабыта.

“Онкопоисксаха.рф” араагы эрдэттэн быһаарар туһугар үлэлиир. Аҥкыатаны толорон, онкология алта сүрүн ыарыытын быһаарарга көмө буолуон сөп. Бырайыак саайтыгар бырааска көрдөрөргө суруйтарыахха эмиэ сөп”, — диэн миниистир быһааран эттэ.

Санаалар

Анна  Петрова, Уус Алдан улууһун Оройуоннааҕы балыыһатын кылаабынай бырааһа:

– Биһиги биэс сыл иһигэр 2 онкологы уонна гинекологы үөрэттэрдибит. Кинилэр Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар үлэҕэ ылыллыбыттара.  Билигин гинеколог, онколог исписэлиистэрбит суохтар.

Биһиги өр күүппүт Онкологиябыт киинэ аһылларыттан олус үөрэбит.

Бииргэ көдьүүстээхтик үлэлииргэ эрэнэбит. Саҥа кииҥҥэ ыарыыны эрдэттэн булууга улахан көмөнү оҥоруохтара дии саныыбын. Ону тэҥэ көрдөрүнээччилэр сылдьалларыгар табыгастаах буолуоҕа, сэрэтэр үлэ (скрининг) өссө киэҥник ыытыллыаҕа. Билигин саамай харысхала суох бастакы сүһүөх звеноҕа методическай уонна бырактыычаскай көмөнү оҥоруохтарыгар эрэнэбин.

Семен Черов, Абый олохтооҕо:

– Биһиги улууска  доруобуйа харыстабылыгар каадырынан хааччыллыы сүүс бырыһыан буолбатах курдук. Ол боростуой да ки­­һиэхэ өйдөнөрө буолуо дии саныыбын. Ыраах олорорбутунан, айан суола-­ииһэ да ыараханынан, киин сиртэн үлэлии кэлиэхтэрин оччо баҕарбаттар. Балыыһабыт да эргэ, ааспыт үйэҕэ Александра Чиркова туттарбыт балыыһатыгар үлэлии олороллор. Ол да буоллар, дьолго диэххэ сөп буолуо, онколог-быраастаахпыт. Кини ыарыһахтары көрөн-истэн, «уорбалыы» санаатаҕына, куорат балыыһаларын кытары сибээстэһэр. Аны туран былырыын куораттан мобильнай биригээдэлэр кэлэн абыраабыттара. Ол көрөн кутталлаах бөлөххө киирсэр хас да киһини быһааран, куоракка онкология диспансерыгар ыыппыттара. Онон кэмигэр быһаарыллан, эмтэнэн этэҥҥэлэр.

Сыыппаралар

Сылга 4,5 тыһыынчаҕа тиийэ эпэрээссийэ оҥоһуллуоҕа.

Андрей Сорокин хаартыскалара, СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: