Саха сирин доруобуйатын харыстабылын устуоруйатыгар суруллар өр күүтүллүбүт Онкология саҥа киинэ аһыллар түгэнэ үүннэ.
Киин РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2019 сыллаахха көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан тутулунна.
Саҥа эбийиэк эспиэрт-кылаастаах диагностика аныгы тэриллэринэн сэбилэннэ. Онон, кутталлаах искэннэри чопчу уонна эрдэ булар кыах баар буолуо.
Киин каадырдарынан толору хааччылынна, манна тыһыынчаттан тахса исписэлиис үлэлиэҕэ. Штат, ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, икки төгүл элбээтэ.
Татьяна Николаева, Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын кылаабынай бырааһа:
– Биһиги Онкология саҥа киинэ аһыллыытыгар улахан эрэлбитин уурабыт. Киин өрөспүүбүлүкэбит онкологиятын сулууспата сайдарыгар сүрүн оруолу ылыаҕа.
Поликлиника отделениетыгар амбулатория көмөтүн оҥоруу кээмэйэ улаатыаҕа. Билигин поликлиника симиэнэҕэ 144 киһи сылдьарыгар суоттаныллар буоллаҕына, саҥа поликлиника 210 эмтэнээччини көрүөҕэ. Сылга 18 тыһыынчаттан тахса киһи доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлииргэ былааннанабыт.
80 куойкалаах сытар балыыһалаах, симиэнэҕэ 210 киһи көрдөрүнэр поликлиникалаах саҥа киин иэнэ – 25 тыһыынча квадратнай миэтэрэ.
Саҥа киин үрдүк технологиялаах көмөнү оҥорор аныгы тэриллэринэн сэбилэннэ. Национальнай бырайыак олоххо киириэр диэри элбэх локализацияҕа мэдиссиинэ толору көмөтүн оҥорор кыахпыт суоҕа, ыарыһахтарбытын өрөспүүбүлүкэ таһыгар ыытарга күһэллэрбит. Оттон саҥа кииммитигэр үгүс көмөнү оҥорор кыахтаныахпыт. Эспиэр-кылаастаах диагностика тэриллэринэн хааччылынныбыт. Саамай уустук малоинвазивнай суһал орооһуулары оҥорорго аныгы ангиографическай комплекс аан бастакытын баар буолуоҕа.
Феодосия Иванова, Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын эминэн эмтээһин отделын салайааччыта, Доруобуйа харыстабылын штаты таһынан кылаабынай онколога:
– Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 13 тыһыынча киһи онколог учуотугар турар.
Үөрэрбит диэн, ыарыыны быһаарыы (диагностика) күүһүрүөҕэ. Ол эбэтэр саҥа күүстээх тэриллэр аҕалылланнар, ыарыыны түргэнник быһаарар буолуохпут, эмтэнэр болдьох аччаан биэриэҕэ. Урут оннук күүстээх тэрил өрөспүүбүлүкэҕэ суоҕа.
Ыарыһахтарбыт толору хааччыллыылаах усулуобуйаҕа эмтэниэхтэрэ, онуоха сөптөөх усулуобуйа барыта тэрилиннэ. Сорох балааталар иккилии эрэ миэстэлээхтэр».
СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева онкология салаатын ситиһиилэриттэн биирдэстэринэн “Онкопоиск” бырайыагы ааттаабыта.
“Онкопоисксаха.рф” араагы эрдэттэн быһаарар туһугар үлэлиир. Аҥкыатаны толорон, онкология алта сүрүн ыарыытын быһаарарга көмө буолуон сөп. Бырайыак саайтыгар бырааска көрдөрөргө суруйтарыахха эмиэ сөп”, — диэн миниистир быһааран эттэ.
Санаалар
Анна Петрова, Уус Алдан улууһун Оройуоннааҕы балыыһатын кылаабынай бырааһа:
– Биһиги биэс сыл иһигэр 2 онкологы уонна гинекологы үөрэттэрдибит. Кинилэр Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар үлэҕэ ылыллыбыттара. Билигин гинеколог, онколог исписэлиистэрбит суохтар.
Биһиги өр күүппүт Онкологиябыт киинэ аһылларыттан олус үөрэбит.
Бииргэ көдьүүстээхтик үлэлииргэ эрэнэбит. Саҥа кииҥҥэ ыарыыны эрдэттэн булууга улахан көмөнү оҥоруохтара дии саныыбын. Ону тэҥэ көрдөрүнээччилэр сылдьалларыгар табыгастаах буолуоҕа, сэрэтэр үлэ (скрининг) өссө киэҥник ыытыллыаҕа. Билигин саамай харысхала суох бастакы сүһүөх звеноҕа методическай уонна бырактыычаскай көмөнү оҥоруохтарыгар эрэнэбин.
Семен Черов, Абый олохтооҕо:
– Биһиги улууска доруобуйа харыстабылыгар каадырынан хааччыллыы сүүс бырыһыан буолбатах курдук. Ол боростуой да киһиэхэ өйдөнөрө буолуо дии саныыбын. Ыраах олорорбутунан, айан суола-ииһэ да ыараханынан, киин сиртэн үлэлии кэлиэхтэрин оччо баҕарбаттар. Балыыһабыт да эргэ, ааспыт үйэҕэ Александра Чиркова туттарбыт балыыһатыгар үлэлии олороллор. Ол да буоллар, дьолго диэххэ сөп буолуо, онколог-быраастаахпыт. Кини ыарыһахтары көрөн-истэн, «уорбалыы» санаатаҕына, куорат балыыһаларын кытары сибээстэһэр. Аны туран былырыын куораттан мобильнай биригээдэлэр кэлэн абыраабыттара. Ол көрөн кутталлаах бөлөххө киирсэр хас да киһини быһааран, куоракка онкология диспансерыгар ыыппыттара. Онон кэмигэр быһаарыллан, эмтэнэн этэҥҥэлэр.
Сыыппаралар
Сылга 4,5 тыһыынчаҕа тиийэ эпэрээссийэ оҥоһуллуоҕа.
Андрей Сорокин хаартыскалара, СИА
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…