«Ленскэй кулууп» эспиэрдэрэ быыбар түмүктэрин ырыттылар

Share

«Ленскэй кулууп» эспиэрдэр түмсүүлэрэ Бэрэсидьиэн быыбарын түмүктэрин туһунан  ырытыы таһаарда. Кинилэр этэллэринэн, дойдуга сомоҕолоһуу биир  холобурунан Саха сирэ буолар диэн эттилэр. Өскөтүн 2018 сыллаахха Владимир Путины өйүүр куолас ахсаана эрэгийиэҥҥэ 64,38% тэҥнэспит эбит буоллаҕына, быйылгы куоластааһыҥҥа дойду Бэрэсидьиэнин туһугар 87,79% куолас киирэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ  сомоҕолоһууну көрдөрбүт.

Санатан эттээххэ, 2018 сыллааҕы быыбарга  биһиги эрэгийиэммит куоластааһын рейтинигэр саамай кэнники миэстэни ылбыта. Быйылгы көрдөрүүнэн эрдэ ааҕыллыы түмүгүнэн 35 миэстэҕэ таҕыстыбыт. 

2018 сыл ыам ыйыгар бырачыастыыр настарыанньалаах эрэгийиэн салайааччытынан Айсен Николаев турбута. Ил Дархан буолуоҕуттан Айсен Николаев систиэмэлээх үлэ ыытан эрэгийиэн бырачыастыыр статуһуттан туора хаамтарбыта. Айсен Сергеевич 2023 сыл балаҕан ыйыгар иккис болдьоҕор турбут көрдөрүүлэрэ уонна бу күннэргэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар киирбит көрдөрүүлэр эрэгийиэни сайыннарыы үлэтэ чаҕылхайдык ыытыллыбытын көрдөрөр, дииллэр «Ленскэй кулууп» эспиэрдэрэ.

Салгыы эспиэрдэр ааспыт сылларга аҕа дойдуга бэриниилээх буолууну иитэр үлэ тэрээһиннэрин ахтан ааһаллар. Саха сирин оскуолаларыгар дойдуга бастакынан Арассыыйа гииминин ыллааһын булгуччулаах буолбута,  байыаннай дьайыыга кыттар дьону өйөөһүн уһулуччу таһымнаах үлэтэ, бу хайысхаҕа туһаайыллыбыт араас күрэхтэһиилэр уо.д.а.  сабыдыаллаахтарын  этэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

10 часов ago