Лаабыдаҕа – улахан муҥха
Соторутааҕыта Сииттэ нэһилиэгэр киэҥ Лаабыда эбэҕэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах улахан муҥха буолан ааста.
Муҥха хайдах ааспытын, кимнээх ыалдьыттаабыттарын туһунан А.В.Аргунов аатынан Норуот айымньытын, култууратын дьиэтин дириэктэрэ Марианна Сивцева иһитиннэрэр:
«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн Лаабыда эбэбитигэр тойон муҥха буолан ааста. Алгысчыт Роман Игнатьевич Попов кэлбит ыалдьыттары арчылаан, эбэбит көмүс хатырыктааҕыттан өлгөмнүк бэрсэригэр көрдөһөн-ааттаһан, арыылаах алаадьынан, үрүҥ илгэнэн айах тутта. Олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев быһаарыытынан, түөрт муҥханы кэпсэтэн киллэртэрбит. Биир күннээх үлэ түмүгүнэн балтараа туонна көмүс хатырыктааҕы Күөх Боллох күндүлээтэ, ону бука-бары астына-дуоһуйа, үөрэ-көтө үллэһиннибит.
Муҥха тэрээһинин барытын дьаһайбыт биригэдьииргэ Николай Винокуровка, элбэх балыгы бэрсэрин туһугар эбэҕэ туоннаны үктээбит Василий Гороховка, муҥхалаах хаһаайыттарга Евгения Ноговицынаҕа, Василий Гороховка, Алексей Уваровскайга, Дмитрий Павловка олохтоох дьон махтанабыт.
Бу улахан тэрээһиҥҥэ Сииттэ сиэдэрэй сиригэр ыҥырыылаах ыалдьыттарынан сырыттылар. 35 миэстэлээх оҕо уһуйаанын тутааччылар “Моя Якутия в 21 веке” бырагыраама салайааччыта Алексей Петров уонна бэдэрээтчит Николай Теплоухов, олохтоох салайыныы департаменыттан Федот Варламов салайааччылаах 9 киһи кэлэн муҥхалаатылар. Муҥхаҕа барыта холбоон 200-чэкэ киһи кыттыыны ылла. Саха дьоно хаһан баҕарар, ханна баҕарар ыалдьытымсахпытынан биллэбит, ыалдьыттарга бырааһынньыктааҕы остуол тардан чэйдэттибит, атах тэпсэн олорон ирэ-хоро кэпсэттибит. Кэлбит дьон саҥа уһуйаан тутуллар миэстэтин көрдүлэр, үөрэттилэр. Онон табылыннаҕына, кулун тутар, муус устар ыйдарга бастакы сыбаайа түһүө диэн эрэннэрдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: