Лариса Троева үрдүнэн түөрт туонналаах лимузин айанныаҕа
Арассыыйа рекордарын кинигэтин хас да төгүллээх лауреата, ураты жанр артыыһа Лариса Троева атырдьах ыйын 6 күнүгэр Санкт-Петербург куоракка саҥа экстремальнай нүөмэрин көрдөрөөрү сылдьар.
Кини иһин үрдүнэн түөрт туонна ыйааһыннаах Lincoln Town Car диэн лимузин айанныаҕа. Маннык ыйааһыннаах тырааныспар артыыс үрдүнэн бастакытын айанныаҕа диэн СИА суруйар.
«Лимузин ыйааһына мин боруобалаабыт ыйааһыннарбыттан быдан ыарахан. Массыына 8,5 миэтэрэ уһуннаах, күөлүөһэлэрин икки ардын арыта 5 м 30 см буолар. Лимузин биир өттүнэн мин иһим преһин үрдүнэн ааһыаҕа. Атаҕым лимузин анныгар, төбөм тастан көстөр буолуоҕа. Ол да буоллар икки туоннаттан тахса ыйааһын үрдүбүнэн ааһарын тулуйуохпун наада. Бу иннинэ лимузин үрдүбүнэн айаннаабатаҕа, саамай улааппыта — туоннаттан тахса ыйааһыннаах бөртөлүөтү уурбуттара», — диэн Лариса Троева этэр.
Санкт-Петербурга бу экстремальнай нүөмэр сабыылаах тэрээһин быһыытынан ыытыллыаҕа. Ол эрээри социальнай ситимнэргэ быһа биэрии баар буолуоҕа. Бу күн, атырдьах ыйын 6 күнүгэр, Лариса Троева 53 сааһын туолар.
Бу нүөмэринэн Лариса Троева Арассыыйа саҥа рекордун олохтуур былааннах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: