Ларри Яковлев: “Киинэбит сахалыы аатын көрөөччү биэриэҕэ”
Бүгүн Дьокуускай киинэ тыйаатырдарыгар “Почти как все” диэн ааттаах саҥа уус-уран киинэ таҕыста. Киинэ режиссера Илларион-Ларри Яковлев аатын үгүс көрөөччү саҥа истиэн сөп. Ол эрэн, кини үлэлэрин көрбөтөх киһи Саха сиригэр суоҕун кэриэтэ – кини сүүһүнэн реклама роликтарын, биллэр ырыаһыттар килииптэрин ааптардара буолар. Бэйэтэ билинэринэн, бу киинэни устарга кини өр сыллар устата дьулуһан кэлбит. Туох киинэ сүрэхтэммитин, хайдах быһыылаахтык үлэ барбытын, тоҕо сахалыы киинэ нууччалыы ааттаах тахсыбытын туһунан Ларри Яковлевы кытта көрсөн сэлэстим.
– Эйигин киинэ оҥорор дьон үгүстэрэ билэр. Ол эрэн, киинэни таптааччылар түмүктүүр титрдэри ааҕар эрэ өттүлэрэ билэллэрэ буолуо. Кылгастык бу эйгэҕэ хайдах кэлбиккин, туох сыһыаннааххын билиһиннэр эрэ.
– Бэйэм режиссура, видео устуутун үлэтигэр анал үөрэҕим суох. СГТХА үөрэх кыһатыгар экэнэмиис идэтигэр үөрэнэ сырыттахпына, биирдэ документальнай киинэлэри оҥорор ааптар, продюсер Андрей И көрсүһүүтэ буолбута. Дойду бастакы ханаалыгар үлэлиир аатырбыт киһини көрө тиийбитим, онно кини академияҕа устуудьуйата тэриниҥ диэн этии киллэрбитэ. Ити устуудьуйаҕа бу эйгэҕэ киириим саҕаламмыта. Ол кэнниттэн Андрей И кытта билсэн үлэлэспитим. Элбэххэ үөрэппитэ, угуйбута. Онтон «Якутск-ТВ» теле ханаалга видеомонтажер быһыытынан үлэлээбитим. Улам араас бырайыактарга кыттан, дьону кытта билсэн, бүтэһиктээхтик “бу анаммыт идэм эбит” дии санаан, видео оҥоруутун эйгэтигэр хаалбытым. Билигин Саха сирин биир бастыҥ устуудьуйатыгар – “SREDA” айар бөлөххө үлэлиибин.
– Ханнык үлэлэргин көрөөччү билиэн сөбүй, ордук биллэр үлэлэргин ааттаталыаҥ дуу?
– Билигин сиир килиэппин үксүн реклама оҥоруутунан булунабын. Реклама роликтарын ааптардара туспа титргэ ыйыллыбаттар эрээри, биһиги үлэлэрбитин дьон-сэргэ өйүгэр хатыыр диэн көрөбүн. Холобур, соторутааҕыта бассаап нөҥүө, социальнай ситимнэргэ Прокопий Иванов уонна Гаврил Менкяров кыттыылаах, “Уруу” ювелирнай хампаанньаҕа анаан уһулбут роликпыт көстүбүтэ. Били, биһилэҕин уһуллаҕына, атын сиргэ баар буолар киһи туһунан көрбүтүҥ буолуо? Ити курдук, ис хоһоонунан атыылаһааччыны “ымсыырдар”, туспа оҥоһуулаах реклама роликтарын “Кылгас кэпсээн” диэн айар бөлөххө түмсэн оҥоробут. Араас роликтары дьон бэйэ-бэйэлэригэр ыытан тарҕатарын курдук оҥоро сатыыбыт. Аатым суруллубут айымньылары ааттаатахха, ырыаһыттарга килииптэри устабын. KitJah “Махтанабын” диэн ырыатыгар бастакы килиибин оҥорбутум, Jeedda, Күннэй килииптэрин устубутум. “Күн күлүгэ” диэн “Ый суола” бөлөҕү кытта Jeedda уонна Күннэй ырыаларыгар устубут ролигым араас күрэхтэргэ кыттан бастаабыта. Соторутааҕыта “Таксист” диэн ааттаах кылгас миэтэрэлээх уус-уран киинэм Казахстаҥҥа “Байконур” норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр сүрүн бирииһи ылбыта. Дьоҥҥо ордук биллэр бырайыагым “КЦФ” сэрийээл буолар.
– Киинэҕэр төннүөх. Бу – хамсыыр кыаҕа суох, доруобуйатыгар хааччахтаах киһи туһунан айымньы. Маннык ыарыылаах дьон кыһалҕатын киинэҕэ көрдөрөр судургута суох буолуохтаах. Ити өттүттэн ким сүбэһит буолла? Тоҕо сүрүн оруолга көрдөөх оруоллары толорор Владимир Дормидонтовы таллыгыт?
– Киинэбит хара маҥнайгыттан прототиптаах этэ – киэҥник биллэр ырыаһыт Дима Потапов. Дьоруойбут эмиэ Дима диэн ааттаах, муусука суруйар уол. Кэпсээн кини олоҕуттан буолбатах эрээри, бэрт элбэх ымпыгы-чымпыгы кини ыйан-кэрдэн биэрбитэ, ыкса үлэлэспитэ. Ийэм тыла суохтар оскуолаларыгар үлэлиир, ол иһин кыра эрдэхпиттэн олохторугар хааччахтаах оҕолору кытта алтыһан, кинилэр олоххо сыһыаннарын, уратыларын билэ улааппытым.
Сүрүн оруолу толорор киһини көрдөөн, бэрт элбэх кастинг ыыппытым эрээри, сөптөөх артыыс булар бэрт уустук буолбута. Бүтэр уһугар Володяҕа тохтообутум. Кини Щепкиҥҥэ үөрэммит, олус дьоҕурдаах, дьаныардаах артыыс. Бу оруолга балтараа сыл устата бэлэмнэммитэ, кэлээскэҕэ олорор киһи туттар-хаптар ньыматын үөрэтэн. Бастаан кини быһыытын-таһаатын соччо сөбүлээбэтэҕим – кэлээскэлээх ыарыһахтар аҕыйах хамсаныылаах олохтоох буолан, толору эттээх-сииннээх буолаллар, оттон Володя ырыган баҕайы этэ. Хата, устар кэммитигэр биллэрдик ыйааһын эппитэ, оруол туһугар эбитэ дуу, бэйэтэ оннук буолан хаалбыта дуу… Уопсайынан, киинэбит сүрүн жанра кэмиэдьийэ, онон көрү-нары сатыыр киһи, Дормидонтов, артыыс быһыытынан үлэтин олус үчүгэйдик толордо диэн сыаналыыбын.
– Ларри, баҕар, эн быһаарыаҥ буолаарай – тоҕо сахалыы саҥалаах, ис хоһоонноох киинэни ааптардара нууччалыы ааттаах таһааралларын? Тоҕо эн киинэҥ “Почти как все” диэн ааттааҕый?
– Атыттар туһунан этэр кыаҕым суох, оттон бэйэм айымньым иккис аата суоҕун төрүөтэ судургу – сөптөөх тылбааһы кыайан булбатым. Кылгас ис хоһоонун кэпсиим. Биир уол оҕо кыратыгар футбол оонньуу сылдьан күүскэ эчэйэн, кэлээскэҕэ олорор босхоҥ буолар. Урут сүүрэр-көтөр диэни билэр киһи хамсыыра хааччахтанан олоҕо, майгыта уларыйар. Биир күн киниэхэ өр сыллар устата сүтэ сылдьыбыт атаһа тиийэн кэлэр, дьэ уонна араас мүччүргэннээх сырыылара саҕаланаллар. Бу киинэ сүрүн ис хоһоонун аҕыс сыл анараа өттүгэр айбытым. Оччолорго тута бырайыак “үлэ аата” айыллыбыта – “Почти как все”. Ити кэм устата саҕалаабыт кыттыгас ааптарым уларыйбыта, киинэ синопсиһа арыый атын буолбута, ол тухары “үлэ аатын” илдьэ сылдьыбытым. Соторутааҕыта бииргэ суруйбут сценариһым Иннокентий Хандыны кытта хас да нэдиэлэ устата сахалыы аат көрдөөн көрбүппүт. “Олох тэҥэ”, “Бары курдук”, “Киһи курдук”, “Дьон тэҥэ” араас холобурдары сыымайдаабыппыт эрээри… Сороҕун мин сирбитим, сороҕун Кеша ылымматаҕа. Ис хоһоонун толору тиэрдэр курдук аат дорҕоонун дьүөрэлэһиитин астымматахпыт. Ити курдук бэрт өр мучумааннанан баран, “киинэ таҕыстаҕына, көрөөччү аат биэриэ” диэн быһаарбыппыт. Дьиҥэр, өйдүүбүн – өр баҕайы бастаан сүрэхтээбит ааппын илдьэ сылдьыбыт буоламмын, саҥалыы ааттыыртан куотуна сатыыбын быһыылаах.
– Киинэҕитин дьон ылыныа дуо? Төһө долгуйаҕын?
– Өр сыллар устата ыраланан оҥорбут бырайыагым дьоҥҥо тахсарын күүтэн долгуйарым кэмнээх буолуо дуо! Бу бырайыакка туох-баар дьоҕурбун, үлэбин, үппүн укпутум. Киинэни кыттыгаһым Ханды Иннокентийдыын бэйэбит харчыбытынан оҥорбуппут. Үп тиийбэккэ тохтоон турдахпытына, хата Саха сириттэн төрүттээх Анатолий Сергеев “Кинологистика” хампаанньата өйөөн, ситэ оҥоһуллубута. Онон бу киинэттэн инники сайдыыбыт тутулуктаах. Бэртээхэй киинэни оҥордубут диэн олоччу эрэллээхпин. Соторутааҕыта эдэр ыччат иһигэр фокус-бөлөх хомуйан көрдөрбүппүт – көрбүт дьон олоччу “олус үчүгэй” диэн сыана быспыттара. Оттон орто уонна аҕа саастаах көрөөччү хайдах ылынарын бириэмэ көрдөрүө. Бу чэпчэки эрээри, толкуйдатар, көрдөөх-нардаах, сынньатар киинэ. Онон биир дойдулаахтарым, сахам дьоно, кэлэн киинэбитин көрүҥ, сынньаныҥ!
– Дьэ, ситиһиилээх киинэ буоллун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: