Бу нэдиэлэ саҥата Арассыыйа тас дойдулар дьыалаларыгар миниистирэ Сергей Лавров Нью-Йорк куоракка Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин Куттал суох буолуутун сэбиэтин мунньаҕын ыытта. Көрсүһүүгэ Сергей Викторович АХШ уонна Арассыыйа “тымныы сэрии” сылларынааҕар өссө ордук кутталлаах кэрдиискэ киирэн эрэллэрин иһитиннэрдэ. Бу мунньах туох суолталааҕый?
Муус устарга –Арассыыйа уочарата
Бастатан туран, бу мунньах туох суолталааҕын ылан көрүөххэ. Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрэ аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн тэриллибит норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүү буоларын билэҕит. Бу Түмсүү хас да уорганнаах. Олортон аан дойдуга эйэни олохтооһуну, судаарыстыбалар икки ардыларыгар сыһыаны барытын Куттал суох буолуутун сэбиэтэ көрөр. Бу Сэбиэккэ барыта 15 дойду киирэр. Ол иһигэр Кытай, Арассыыйа, Великобритания, АХШ уонна Франция Сэбиэккэ бастайааннай бэрэстэбиитэл быһыытынан сылдьаллар. Бу биэс дойдуттан уратылар икки сылга биирдэ Генеральнай Ассамблеянан талыллан бигэргэтиллэллэр. ХНТ сүрүн хонтуората Америка Холбоһуктаах Штатыгар Нью-Йорк куоракка баар. Онон туох баар улахан мунньахтар бу куоракка ыытыллаллар.
Куттал суох буолуутун сэбиэтигэр хас биирдии дойду ыйынан бэрэссэдээтэллээн мунньах ыытар. Арассыыйа уочарата быйыл муус устарга түбэстэ. Былырыын Арассыыйа Куттал суох буолуутун сэбиэтигэр олунньуга бэрэссэдээтэллээбитэ. Бу бэрэссэдээтэллиир кэмигэр дойдулар төһө кыалларынан үгүс боппуруоһу аан дойду таһымыгар таһаараллар. Онон мунньаҕы салайан ыытар дойду бэйэтин туһатыгар боппуруоһу болҕомто киинигэр таһаарар биир былаһаакката буолар.
Чугас Илиҥҥи дойдуларга
Сергей Лавров Нью-Йорк куоракка икки күн буолла. Бастакы күн ХНТ устаабын туһунан мунньах ыытта уонна ХНТ генеральнай сэкирэтээрин Антониу Гутерришы кытары көрүстэ. Иккис күнүгэр Чугас Илиҥҥи дойдулар сыһыаннаһыыларын ырытыыга таһаарда. Санатан эттэххэ, Чугас Илиҥҥи дойдуларга 17 судаарыстыба киирэр. Ол иһигэр Кипр, Египет, Иран, Ирак, Израиль, Палестина, Саудовскай Аравия, Сирия, Турция, Холбоһуктаах Араб Эмираттара, о.д.а.
– Билигин Чугас Илиҥҥи дойдуларга улахан дьалхааннаах кэм. Кинилэр чөл буолуулара, судаарыстыбалар бэйэ-бэйэлэрин кытары сыһыаннаһыыларын тупсарыылара хаһааҥҥытааҕар да ордук суолталанна. Холобур быһыытынан Саудовскай Аравия уонна Иран сыһыаннарын тупсарыыларын, Сирия арааб дойдутугар эргиллиитин, Сирия уонна Турция сыһыаннаһыыларыгар эмиэ ирбэт тоҥ хамсаан эрэрин аҕалыам этэ. Ол эрээри билигин да манна уоскуйарбыт эрдэ. Палестинатааҕы конфликт быһаарылла илик. Израиль, Ливан, Сирия боппуруостарын эмиэ көрүөххэ. Остуол тула олорон кэпсэтии, дуогабардаһыы эрэ нөҥүө бу боппуруос быһаарыллыан сөп, – диэн иһитиннэрэр Сергей Викторович.
Миниистир мунньах кэмигэр АХШ уонна Евросойуус икки сиринэн оонньуулларын өссө төгүл санатан эттэ.
– Куттал суох буолуутун сэбиэтин резолюциятын толорбот буолуу көстөр. Бу аҥаардас Чугас Илиҥҥи дойдулар боппуруостарыгар эрэ сыһыаннаах буолбатах. Арҕааҥҥы дойдулар Палестина, Арҕааҥҥы Сахара, Косовотааҕы быһаарыылары, Иран ядернай бырагырааматын, уонна хайа Минскэйдээҕи эйэ дуогабарын утара олороллор дии. Арассыыйаны кыайдахпытына бу боппуруостар барыта быһаарыллыахтара диэн түөстэрин охсуналлар. Бу маннык түгэҥҥэ Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин дипломатията улахан суолталаах дии саныыбын, – диэн этэр Сергей Лавров.
Манна эбэн эттэххэ, бу нэдиэлэҕэ Москваҕа түөрт дойду, Иран, Сирия, Турция уонна Арассыыйа, байыаннай биэдэмистибэлэрин салайааччылара көрсөн, Сирия боппуруоһун кэпсэттилэр. РФ Оборуонатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, мунньахха сүрүн болҕомтону террористары утары охсуһууга, Сирия олохтоохторо дойдуларыгар төннөр усулуобуйаларын тэрйиигэ уурдулар.
“Түмсүү устаабын тутуһуохха”
Сергей Лавров мунньаҕы норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннары бөҕөргөтүү, дойдуларга куттал суоһаабатын көрүү Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин устаабын толоруунан салайтарыахтаах диэн этиинэн саҕалаата.
– Билигин, мин көрдөхпүнэ, ХНТ систиэмэтигэр баар дойдулар кириисискэ киирэн олороллор. Ол биир төрүөтүнэн биһиги түмсүүбүт сорох чилиэннэрэ бэйэлэрин быраабылаларын киллэрэ сатыыллара, норуоттар икки ардыларынааҕы быраабы, ХНТ устаабын билиммэттэрэ буолар. АХШ уонна бу дойдуга сыстыбыт арҕааҥҥы судаарыстыбалар бэйэлэрин туспа быраабылаларынан “оонньууллар”, кинилэри кытары сөпсөспөт дойдулары “хара испииһэккэ” киллэрэллэр. Кинилэр аан дойдуга уруккуттан олохсуйбут систиэмэни, ХНТ былаһааккатын, туора хаама сатыыллар. Туспа “кулууптары” тэрийэн онно кэпсэтиилэри ыыталлар. Холобур, “Демократия саммита”, “Мультилатерализм альянса”, “Киберэйгэҕэ итэҕэли уонна куттала суох буолууну киллэриигэ Парижтааҕы ыҥырыы” курдук үгүс бырайыактары тэрийэллэр. Итилэр бары биир сыаллаахтар – ХНТ аатынан ыытыллар былаһааккалары туора көтүү, – диэн муос-таас курдук эттэ.
Манна даҕатан эттэххэ, Сергей Лавров Америка Холбоһуктаах Штатыгар командировкаҕа кэлэригэр Арассыыйа суруналыыстарын аккредитациялаабатахтара. Ити эмиэ биир өттүнэн, ХНТ сүрүн хонтуората АХШ-гар баарын туһаныы эрэ буолар.
НАТО уонна Евросойуус туһунан
Миниистир НАТО уонна Евросойуус билигин биир тэҥ өйдөбүл буолбуттарын бэлиэтээн эттэ. Арҕааҥҥы дойдулар Арассыыйаны түөрт өттүттэн суолун быһыахтарын баҕаралларын, аны билигин Азия, Чуумпу акыйаан тулатыгар үлэни ыыталларын иһитиннэрдэ. Ону таһынан, Украина боппуруоһугар кэлин олох да аан дойдуга туох буолара бастакы уочарат тутуллар буолбутун бэлиэтээн эттэ.
– Икки сиринэн оонньуур стандарт диэн суох буолуохтаах. Норуоттар икки ардыларынааҕы быраапка олоҕурбут ХНТ Декларациятын тутуһуох тустаахпыт. Судаарыстыбалар суверенитеттара күөмчүлэниэ суохтаах. Хайа да түгэҥҥэ. Билигин Украина да боппуруоһун ылан көрдөххө, аан дойдуга туох буолара бастакы уочарат долгутар. Украина салгыы хайдах буолуоҕай диэн аҕыйах киһи толкуйдуур буолуохтаах. Бу билигин кистэл буолбатах. Арассыыйа манна биир суолу тутуһар: НАТО биһиги дойдубут утары өр сылларга үгүс үлэни ыытан кэллэ, кыраныыссаларбытыгар кутталы үөскэттэ, биһиги бу утары анал байыаннай эпэрээссийэ тэрийбиппит. Биһиги сыалбыт-сорукпут итиннэ дьэҥкэ, – диэн иһитиннэрэр кини.
“Тымныы сэрии” сылларын курдук биһиги эмиэ кутталлаах биир кэрдиис кэмҥэ кэллибит. Бу өссө ордук кутталы үөскэтиэн сөп.
Түмүк оннугар
Сергей Лавров мунньахха дакылаатын түмүгэр “тымныы сэрии” курдук кутталлаах кэрдиискэ кэлбиппитин бэлиэтээн эттэ.
– “Тымныы сэрии” сылларын курдук биһиги эмиэ кутталлаах биир кэрдиис кэмҥэ кэллибит. Бу өссө ордук кутталы үөскэтиэн сөп. Арҕааҥҥы дойдулар уһун сылларга үлэлээн кэлбит систиэмэни ыстылар, Вашингтон дипломатияттан аккаастанан “сэрии хонуутугар” көрсөр санаалаах. Бу барыта, хомойуох иһин, Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин – сэрии алдьархайын, иэдээнин туоратарга тэриллибит түмсүү – иһигэр буола турар, – диэн дакылаатын түмүктээтэ.
Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата биллэрбитинэн, 2025 с. тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэни уонна босуобуйаны түҥэтии болдьоҕо…
Кэлэн иһэр 2025-с Моҕой сыла, астрологтар этэллэринэн, икки өрүттээх буолуоҕа: сорохторго ситиһии, үтүө уларыйыылар тосхойуохтара,…
Олохпун, үлэбин кэрэ абылаҥнаах үҥкүүгэ анаабыт кэрэ кэмнэрим дьонугар уонна кэнники аттыбар буолан олохпун күн…
Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…
Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар мас ууһун уонна кыра массыыналары көрүү-истии, өрөмүөннээһин сатабылларын төһө иҥэриммиттэрин…
Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…