Салгыы
Лазарь Филиппов – дьоһун киһи, сүдү салайааччы, научнай диэйэтэл

Лазарь Филиппов – дьоһун киһи, сүдү салайааччы, научнай диэйэтэл

05.05.2024, 13:00
Хаартыска: Лазарь Филиппов архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Быйыл биллэр хаһаайыстыбанньык, бэлитиичэскэй, судаарыстыбаннай, научнай, уопсастыбаннай диэйэтэл Лазарь Степанович Филиппов 85 сааһын туолла. Сүдү киһи, бөдөҥ учуонай, бэрэпиэссэр Лазарь Филиппов олоҕо эриэ-дэхси буолбатах этэ. Бөдөҥ бөлөһүөк Вольтер «Без великих препятствий не может быть великих достижений!» диэн этэн турар. Лазарь Степанович эмиэ эрэйдээх-буруйдаах оҕо сааһа уонна эбээтин кэс тыла сүдү ситиһиигэ сирдиир суолдьут сулуһунан буолбуттара.

Оҕус сиэппит оҕо саас

Лазарь Степанович Филиппов биһигин ыйаабыт сирэ – Үөһээ Бүлүү улууһун Сургуулук нэһилиэгин Айаҕалыыр диэн сирэ. Кини холкуостаах Степан Тарасович уонна Матрена Егоровна Филипповтар дьиэ кэргэннэригэр алтыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕа дойду Улуу сэриитэ буолаары турар кэмигэр төрөөн, оҕо сааһыттан эрэйи эҥээрдэһэн улааппыта. 1941 сыллаахха уоттаах сэрии саҕаланарыгар аҕалара холкуос сугулааныгар сылдьан ис тиибиттэн аара суолга охтубута. Ол кэннэ аас-туор олохтон утуу-субуу оҕолор өлөннөр, ийэлэрэ барахсан ыксаан икки улахан уолун илдьэ кыахтаах ыаллары кэрийэн үлэлии барарга күһэллибитэ.

Кыра Лааһары сэбиэскэй былаас ииттин диэн сэбиэккэ аҕалан хаалларбыта. Инньэ гынан, сэбиэт кыра уолчааны нэһилиэк ыаллара үстүү хонукка олордоҕут диэн дьаһал таһаарбыта. «Онон мин сэбиэскэй былаас уонна хомуньуус баартыйа, нэһилиэк дьоно ииппит оҕотобун», – диэн кини кэп­сиир. Сылтан ордон баран уол ийэтэ төттөрү кэлэн холкуоска үлэҕэ киирэн, кирэдьииккэ ынах ылан, тыыннаах хаалбыт икки уолун кытары саҥа олоҕу туппута. Лааһар аас-туор кэмҥэ биир ыстакаан үүтү иһэн, ньуоска иэдьэгэйи сиэн күнүн аһарар эбит. Биирдэ оскуо­лаҕа киириэн иннинэ биригэдьиир Ирина Борисова атынан сүүрдэн кэлэн, «Лааһар өйүүҥҥүттэн холкуос үлэтигэр тахсар!» диэн, сэттэ сааһыттан улахан дьону кытары тэҥҥэ хараҥаттан хараҥаҕа диэри оҕус сиэтээччинэн үлэлиир буолбута. Ийэтэ сарсыарда аайы тууйаска суорат кутан ыһыктаан, уолун оҕуска олордон үлэлэтэ ыытара. Күҥҥэ биирдэ күнүскү аһылыкка оҕуһуттан түһэн суоратынан үссэнэрэ, киэһэтин оҕуһугар олорбутунан дьиэтигэр төттөрү кэлэрэ.

Биирдэ эбээтэ эмээхсин кэлэн, «биһиги ууска үөрэхтээх киһи суох, дьэ, эн, Лааһар, оҕом үөрэхтэн, науканы баһылаа» диэн алгыс тылын этэн ос­­куолаҕа атаарбыт, ол кэмтэн ыла Лазарь Степанович сыралаһан үөрэнэн, билии киэҥ аартыгар үктэммит. Кини хол­­куоска уонтан тахса сыл буһан-хатан үлэлээн, тулуурдаах, дьулуурдаах буоларга, ситиһии сыраны уурдахха кэлэрин өйүгэр-санаатыгар дириҥник ха­­таабыта.

Сахаттан бастакы

Лазарь Степанович эриирдээх-мус­куурдаах оҕо сааһын өйдөбүлэ, оскуо­ла үөрэх саҕаланыан иннинэ, ийэтигэр кыстыыр маһын биир-икки күн иһигэр бэлэмниир кыһалҕатыттан, ону гааһынан солбуйуохха сөп эбит диэн, гаас үөрэҕэр барарга санаммытын кэпсиир. Ол курдук 1965 сыл­лаахха Куйбышев аатынан Москватааҕы инженернэй-тутуу институтугар киирэн, ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Өссө төрдүс кууруска өрөспүүбүлүкэ Миниистирдэрин Сэбиэтэ Москуба куорат Сэбиэтин кытта кэпсэтэн, дьупу­луом иннинээҕи быраактыкатын “Мосгаз” диэн Москва гааһын хаһаайыстыбатыгар барбыта. Исписэлиис буолаары сылдьар эдэр киһини үрдүк уонна намыһах баттааһыннаах гаас ситимин сыаҕар маастарынан, онтон прорабынан анаабыттара.

Салгыы аспирантураҕа хаалла­раары гыммыттарын аккаастаан, сахаттан бастакынан гаас оттугун инженерин идэтин ылбыт эдэр исписэ­лиис, эрдэттэн кэпсэтии быһыытынан, дойдутугар төннүбүтэ. 1965 с. кинини тута гаас хаһаа­йыстыбатын дириэк­тэринэн анаабыттара уонна Улуу Өктөөп 50 сылын көрсө киин куораты гаас оттукка бэлэмнииргэ соруйбуттара. Онно сөптөөх тутуу тэрилтэтэ уонна каадырдар суохтара. Онон эдэр дириэктэр Челябинскайга уонна Свердловскайга 200 олохтоох ыччаты талан ыытан кууруска үөрэттэрбитэ. Дьокуускай куораты гаастааһыны сүрүн бырайыактааччы Саратовтааҕы “ГИПРОНИИГаз” институкка тии­йэн кэпсэтэн, “Якутгражданбырайыак” институт иһинэн бырайыактааччылар бөлөхтөрүн тэрийбитэ. Сотору кэминэн “Уралгазстрой” трест СМУ-5 тэрилтэтэ аһыллан, онно куурустарга үөрэммит исписэлиистэр үлэлиир буолбуттара.

Салайааччы буоларга уһуйуллуу

Лазарь Филиппов олоҕор сырдык санааны хаалларбыт, сала­йааччы быһыытынан үүнэригэр-сайдарыгар олугу уурбут дьону ытыктабыл­лаахтык ахтар. Саха АССР ОДьКХ миниис­тиринэн үлэлээбит Лев Николаевич Игнатовы уонна Дьокуускай куорат­тааҕы үлэһиттэр сэбиэттэрин ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Николаевич Семеновы кытары үлэлээбитинэн киэн туттар.

1967-1969 сс. Лазарь Филиппов
Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин уураа­ҕынан тэриллибит “Якутск­межрайгаз” трест управляющайынан, 1969-1971 сс. олох-дьаһах хомунаалынай хаһаа­йыстыбатын миниис­тирин солбуйаач­чынан – кылаабынай инженеринэн ананан үлэлээбитэ. Гаас хаһаа­йыстыбатын сэттэ сыл быһаччы салайсыбыта.

1973 сыллаахха Лазарь Степанович ССКП КК иһинэн Үрдүкү партийнай оскуоланы туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ. Бастаан иккис, онтон ССКП Ленскэйдээҕи райкомун бастакы сэкирэтээринэн талыллыбыта. Ленскэй оройуона курдук нууччалар олохсуйбут сирдэригэр 10 сыл салайбыта. Бэлиэтээн эттэххэ, оччолорго тугу барытын ССКП райкомун бастакы сэкирэтээрэ быһаарара.  Лазарь Степанович салалтатынан Саха сирин арҕаа өттүгэр ­ньиэп-гаас баайдаах сирдэри туһаҕа таһаарыы ыытыллыбыта. Ленскэй оройуонун тыатын хаһаа­йыстыбатын үлэһиттэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир фуражнай ынахтан 3500 лиитирэ үүтү ыыр буолбуттара.

1983 сыл Лазарь Степанович оттук бырамыысыланнаһын миниистиринэн үлэлиир кэмигэр тэрилтэлэр материаль­най-тиэхиньиичэскэй уонна социальнай баазаларын бөҕөргөтүүнэн дьарык­таммыта. Миниистир уонна миниис­тири солбуйааччынан үлэлии сылдьан Лазарь Степанович Филиппов икки саҥа министиэристибэни – Үлэ уонна Бырамыысыланнас министиэристибэлэрин тэрийбитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ уонна дьарыктаах буолуу сулууспатын биир кэлим тиһигин тэрийбитэ.

Учуонай уонна уопсастыбанньык

Ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр сала­йар үлэттэн баран, Лазарь Филиппов 20 сыл устата Үрдүкү оскуолаҕа дассыанынан уонна бэрэпиэссэринэн үлэлээн өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатыгар үрдүк таһымнаах исписэлиистэри уонна научнай каадырдары бэлэмнээн кэллэ. Кини – философскай наука дуок­тара. 30 сыл устата 29 научнай монографияны, маассабай ааҕыыга анаан 16 кинигэни, 12 брошюраны, 4 босуобуйаны, 2 мэтэдиичэскэй босуобуйаны уонна 30 научнай ыстатыйаны бэчээттэппитэ.

Лазарь Степанович уопсастыбаннай диэйэтэл быһыытынан эмиэ биллэр. 2002-2007 сс. кини өрөспүүбүлүкэҕэ эйэлээх олох көмүскэлин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн, онтон 2007 сылтан 2021 сылга диэри – «Российские учёные социалистической ориентации» Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбананй тэрилтэ Саха сиринээҕи салаатын Координационнай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.

Лазарь Степанович Филиппов үтүө суобастаах сыралаах үлэтэ сыаналанан ССРС мэтээллэринэн, РФКП икки уордьанынан наҕараадаламмыта. Кини – Арассыыйа ньиэбин-гааһын комплексын бочуоттаах үлэһитэ, СӨ профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна, РФ профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ. СӨ Бэрэсидьиэнин, СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Түмэнин Бочуотунай кырааматаларынан бэлиэтэммитэ, Үөһээ Бүлүү уонна Ленскэй оройуоннарын, Сургуулук нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

«Наҕараадаларым – мин дойдум, дьонум иннигэр чиэстээхтик олоруум, кинилэр эрэллэрин чиэстээхтик толоруум буолар», – диэн  Лазарь Степанович этэр.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: