Салгыы
Лэгэн Лэгэнтэй: кини Арассыыйа Үрдүкү ойуунун солбуйааччыта уонна сүбэһитэ

Лэгэн Лэгэнтэй: кини Арассыыйа Үрдүкү ойуунун солбуйааччыта уонна сүбэһитэ

19.07.2024, 20:33
Хаартыска: Лэгэн Лэгэнйтэй тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Саха итэҕэлин Ытык сүбэтин түсчүтэ, норуот эмчитэ Иннокентий Афонскай-Лэгэн Лэгэнтэй кэнники сылларга саха дьонугар-сэргэтигэр киэҥник билиннэ. Кини Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх, удьуор утумнаах эмчит. Аҕыйах сылтан бэттэх, улахан ыарыыттан охтон, хас да күннээх-түүн суорҕаннаах-тэллэххэ сытан баран турбута. Урут көннөрү киһи эбит буоллаҕына, аны улахан эттэниини ааһан, үрдүк аналлаах ойуун буолла. Ааһа баран Лэгэн Лэгэнтэй – Арассыыйа Үрдүкү ойуунун солбуйааччыта уонна сүбэһитэ. Маннык саха ойуунун дойдуга билинии өтөрүнэн суоҕа.

 Ойуун буолан эргиллии

Эппиппит курдук, Иннокентий Афонскай урут, эмиэ биһиги курдук, сирдээҕи киһи олоҕунан олорбута. Барыбыт курдук оҕо-уруу төрөтөн, тэрилтэҕэ үлэлээн-хамнаан, аныгы кэм сиэринэн олорбут киһи. Кини олоҕун 2019 сыл сайына тосту уларыппыта. Арай биирдэ, эмискэ ыалдьан охтубута уонна балыыһаҕа өлөр-тиллэр икки ардынан, өйө суох хас да күн комаҕа сыппыта. Кини олох уонна өлүү икки ардыгар сыттаҕына, үөһэттэн төлкөтө түстэммитэ, ойуун хомуһуна иҥэриллибитэ.

12 күнү быһа олус ыарахан туруктаах комаҕа сыппыт киһини быраас­тар даҕаны, дьоно даҕаны аны киһи буолара саарбах диэн эрэллэрин сүтэрбиттэрин кэннэ, 13 күнүгэр тиллэн кэлэн, дьонун соһута­лаабыта. Чугас дьоно кини өйдөнөн кэлээтин кытары тута уларыйбытын бэлиэтии көрбүттэрэ. Чуо, тыла-өһө, үтүөрбүтүн кэннэ, олох атын буол­бутун, тулалыыр эйгэни, аан дойдуну көрөрө уларыйбытын, киниттэн күүстээх эниэргийэ кэлэрин бэлиэтээбиттэрэ. Бу кэмҥэ Иннокентий уон икки күннээх-түүн ойуун буоларга, тыынын уйарга уһуйулла, Айыы итэҕэлэ өлбөт-сүппэт үйэлэнэригэр иитиллэ сыппыта. Айыы ойуунун анала үрдүк. Кини дьонун-сэр­гэтин түмүөхтээх, харыстыахтаах, итэҕэлин тарҕатыахтаах, тулалыыр айылҕаны, сири-уоту быыһыахтаах…

Кини: «Былыр-былыр­гыттан улуустарбытыгар барыларыгар ойууннар, эмчиттэр, алгысчыттар бааллара, кинилэр тус-тус­па сиэрдээхтэр-туомнаахтар этэ. Ону сэбиэскэй кэмҥэ бобон кэбиспиттэрэ. Ол гынан баран, айылҕа­лаах дьон син биир уора-көстө дьарыктаналлара, сорохторо сүрэхтэригэр-быардарыгар сөҥүөрбүттэрэ. Ол курдук, аҕа ууһунан олорор буолан, сиэрбит-туоммут уратылаах. Уратыбыт диэн, киһи өллөҕүнэ, оҕо төрөөтөҕүнэ, булка оҥорор сиэрбитигэр-туоммутугар буолар. Хата 90-с сылларга М.Е. Николаев бэрэсидьиэн буолан баран сөргүппүтэ. Ол кэннэ умна быһыытыйан баран, кэлиҥҥи кэмҥэ итэҕэллээх дьон улуус аайы бөлөх, түмсүү тэринэн үлэлии сылдьаллар», – диэн кини санаатын үл­­лэстэр.

Үрдүк анал

Лэгэн Лэгэнтэй бэйэтэ кэпсииринэн, урут көннөрү киһи эрдэҕинэн саха киһитэ буоларын быһыытынан, сиэри-туому, итэҕэли тутуһарым, төрүттэрбэр аата ааттаммат ойууннар, удаҕаттар баалларын билэр, ол гынан баран, ону улаханнык интэ­риэһиргээбэт этим диэн этэр.

Билигин кини элбэх киһи ыарыыны кыайарыгар, этэ-сиинэ чөлүгэр түһэригэр, өйө-санаата чэбдигирэригэр көмөлөһөр. Кинини былыргылыы ойууннааһыны, арчылааһыны, ыраастааһыны, илбийиини толору баһылаабыт сүдү киһибит диэн ааттыыллар. Үгүстэр өбүгэлэрбит билиҥҥи уустук кэмҥэ  анаан ыыппыт киһилэрэ дииллэр. Кырдьык, бүтүн дойду үрдүнэн билинэр ойууннара буолла.

Киниэхэ кэлбит киһи эмчит дьоҥҥо ураты сыһыанын, бастаан чэйдэтэн, ирэ-хоро кэпсэтэн, эдэриттэн-эмэниттэн тутулуга суох, киһини бэйэтигэр тардар күүстээҕин бэлиэтииллэр. Кинини кытары алтыспыт, кэпсэппит дьон-сэргэ тута чэпчии, аһылла түһэллэр, тууйулла сылдьыбыт санааларын үллэстэллэр, бөлүһүөктээн даҕаны ылаллар, кыһалҕаларын быһаараллар эбит. Быһата, Лэгэн Лэгэнтэйи кытары кэпсэтэ олорор киһи кэҥээн, дууһата чэпчээн, толкуйа тобуллан иһэр дьикти ураты эйгэлээх.

Кини күүһэ атын эйгэҕэ үйэлэри уҥуордаан уруккуну уонна билиҥҥини кытары сибээстииргэ сытар. Ойуун айылҕаны кытта алтыһар дьоҕурдаах, ураты ситимнээх. Лэгэнтэй өбүгэлэртэн тыын суолталаах сүбэни-аманы, хоруйдары, алгыстары ылан эмтиир дьоҕурдаах. Киниэхэ сылдьыбыт дьон кэпсииринэн, дүҥүрдүүрүгэр киhи көхсүн хараҕынан салгыны хамсатан турукка киллэрэр эбит. Ол кэннэ эмтэнээччини оҕо, эдэр сааһыгар тириэрдэн, өбүгэлэрин кытары алтыһыннаран, туругун тупсарар ураты кыахтаах. Дүҥүрүн тыаһа иччилээҕин дьон бары сөҕөр. Киһи тута чэпчиир, санаата көтөҕүллэр, олоххо тардыhыыта күүһүрэр дииллэр.

Кини Арассыыйа Үрдүкү ойуунун солбуйааччыта уонна сүбэһитэ ааты хайдах иҥэрбиттэрин туһунан маннык кэпсээтэ: «Тываттан ойууннааһыны үөрэтэр академик Мангуш төлөпүөннээн кэпсэтэн баран, Арассыыйа Үрдүкү ойуунун кытары билиһиннэрбитэ. Кини Хара Уол диэн ааттаах, билиҥҥи кэмҥэ дойдуга саамай үрдүк таһымнааҕынан биллэр. Ол кэннэ миигин Арассыыйа Үрдүкү ойуунун сүбэтигэр туох кыахтааҕый, тугу сатыырый диэн тургутан көрүүгэ ыҥыра сылдьыбыттара. Аан дойду ааттаах-суоллаах ойууннара, айылҕалаахтара бары көрөн олордохторуна бэйэм дьоҕурбун, айылҕам тугу биэрбитин көрдөрбүтүм, бары сөхпүттэрэ-махтайбыттара».

Дьон-сэргэ махтала

Лэгэн Лэгэнтэй аҕыйах сыл иһигэр элбэх киһиэхэ көмөлөстө. Кини үтүө санаатынан, илиитин сылааһынан эмтэммит дьон ки­­ниэхэ махтал, баһыыба тылларын этэллэр, хоһоон айаллар. Олортон аҕыйах холобур.

Алексей Степанов, биэнсийэлээх, Дьокуускай олохтооҕо:

-90-с сылларга мин Баатара Оҕонньорго (Мэҥэ Хаҥалас улууһа) арыгыттан эмтэммитим. Онно кини, кырдьар сааскар доруобуйаҕын көрүнээр диэбитэ. Билигин 74 саастаахпын, ол кэмтэн ыла арыгыны саараама испэппин. Арай, үс сыл анараа өттүгэр инсуллаабытым. Илиибинэн, атахпынан кыайан туттубат буолбутум. Биирдэ кыыһым Лэгэн Лэгэнтэй туһунан дьонтон истэн, онно илдьбитэ. Онно билбитим, Лэгэн Лэгэнтэй ол Баатара Оҕонньор уола буоларын. Онон кинилэр удьуор эмчит буолаллар. Ыалдьар илиибин, атахпын, сиспин илиитин сылааһынан илбийэн, эппин-хааммын ыраастаан, дүҥүрдээн, 7-8 сеанс кэнниттэн массыына ыытар, 3-с этээс­кэ киһи көмөтө суох, бэйэм тахсар буоллум.

Анна Васильевна, 82 саастаах, «Холбос» систиэмэтин бэтэрээнэ:

-Ааспыт сылга халтарыйан охтон, санныбын улаханнык эчэппитим. Өр кэмҥэ гиипсэлээх сылдьыбытым, ол кэннэ илиим хамсаабат буолан эрэйдээбитэ. Биир эмчит дьахтарга тиийбиппэр Лэгэн Лэгэнтэйгэ эмтэнэн көр диэбитэ. Онон кинини булан, көмөлөһөрүгэр көрдөспүтүм. Кини дүҥүрдүүр кэмигэр турукка киирэммин, үрдүк хайаҕа тураммын өлбүт кэргэммин көрбүтүм. Кэргэним миэхэ тиийэн кэлбитэ, харахпын көрбүтэ, кууһан ылбыта уонна сиэннэрбин үчүгэйдик көрүөхтээхпин эппитэ. Ол кэнниттэн илиим сыыйа хам­саан, үтүөрэн барбыта. Билиҥҥэ диэри бэйэм итэҕэйбэппин, туох буолбутун.

Матрена Винокурова:

-Сүнньүм, сиһим дэлби ыалдьан, эрэйдэнэн Лэгэн Лэгэнтэйгэ барарга санаммытым. Иннокентий биир кылааска үөрэммит үөлээннээҕим буолар. Үксүгэр дьон чугастык билэр дьоно эм­­тииллэрин итэҕэйбэт да түгэннэрэ баар суол. Оттон кини өбүгэлэрэ былыр-былыргыттан ойууннарынан, эмчиттэринэн биллэллэрэ. Иннокентий наһаа аламаҕайдык от сытынан дыргыйар хоһугар көрсөн, сахалыы сиэринэн чэйинэн көрсүбүтэ. Илиитэ сымнаҕаһа, кэпсэтэрэ иччилээҕэ, киһини олох атын турукка киллэрэр эбит. Бастакы киэһэбэр дьиэбэр олох чэпчээн, сүргэм көтөҕүллэн кэлбитим. Иккис күммэр сахалыы илбийэн, сүнньүм ыалдьыбат буолбута.

Баhылай Никитин, Дьокуускай олохтооҕо:

-Ойоҕум дэлби аҕытаассыйалаан, кинини хомотумаарыбын, Лэгэн Лэгэнтэйгэ сырыттым. Инсульт кэнниттэн торуоска көмөтүнэн хаамарым. Соччо итэҕэйбэтэрбин даҕаны барбытым. Бастаан сахалыы ыраас­таата, илбийдэ. Онтон дүҥүр охсон эрэрэ да, дьонум былыргы сайылыктарыгар тиийэн хааллым. Эбээм барахсан күөччэх ыты­йан сиэттэ. Ол кэннэ наhаа чэпчээн турдум. Дьиэбэр кэлэн өйдөөбүтүм, торуоската суох хаама сылдьар эбиппин. Дьонум бары соhу­йан хааллылар. Лэгэн Лэгэнтэй айылҕаттан бэриллибит ураты күүстээх ойуун эбит диэн итэҕэйдим.

+1
49
+1
2
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: