Лена Афанасьева: «Мэдиссиинэ аныгы технологиялара быраастарга улахан көмөлөөхтөр»

Лена Афанасьева: «Мэдиссиинэ аныгы технологиялара быраастарга улахан көмөлөөхтөр»

08.12.2024, 16:00
ХААРТЫСКА: СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабылын салаатыгар сыллата саҥаттан саҥа технологиялар үлэҕэ киирэннэр, нэһилиэнньэ хаачыстыбалаах мэдиссиинэ өҥөтүнэн туһаналларыгар төһүү күүһүнэн буолар.  Бу уонна да атын боппуруостар тула СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьеваны кытта кэпсэттибит.

Саҥа саҕалааһыннар

– Лена Николаевна, билигин мэдиссиинис­кэй технологиялар сайда турар кэмнэригэр, Саха сирин олохтоохторун доруобуйатын тупсарыыга бу хайысханан туох үлэ ыытылларый?

– Үс сыл анараа өттүгэр Ил Дархан Айсен Николаев 2021–2030 сыллары өрөспүү­бүлүкэҕэ Доруобуйа уон сылынан биллэрбитэ итиэннэ 2023 сыл ахсынньы 30 күнүгэр «СӨ уопсастыбаннас доруобу­йатын уонна доруобуйа харыс­табылын тиһигин сайыннарыы» ыйаахха илии баттаабыта.

Доруобуйа харыстабылыгар технологиялар элбэхтэр. Олор истэригэр Webiomed (Система поддержки принятия врачебных решений с примене­нием искусственного интеллекта) диэн билгэлээн-ырытан көрөр,  быраас быһаарыныы ылынарыгар көмөлөһөр сыал­лаах систиэмэ баар. Бу систиэмэ NLP-технологиянан анаалыс­таан, ырытан, билгэлээн, ону ааһан барыллааһын диагноһы туруоран, эбии чинчийиилэри ыытарга бырааска сүбэ-­ама биэриэн сөп.  Онон, быраас­ка олус туһалаах уонна наадалаах көмө. 1990-с сылларга мин саҥа үлэлээн эрдэхпинэ, бу маннык туһунан ыраланан да көрбөт этим.

Иккиһинэн, Саха сиригэр искусственнай өй технологияларын туһанан КТ-сни­моктары оҥорор «Sciberia Lungs” диэн хампаанньа баар. Соторутааҕыта кэллиэгэлэрбит искусственнай өйү туһанан үлэлиир Москватааҕы МосМедИИ диэн платформаны кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ дуогабар түһэристилэр. Онон, МосМедИИ платформаҕа холбонуу үлэтэ барыахтаах.

Мобильнай биригээдэлэр Арктическай зона бары нэһилиэнньэлээх пууннарыгар сылдьан, уопсайа 30 тыһыынчаттан тахса киһини көрдүлэр. Маны таһынан биһиги диспансернай көрүүнү ыыттыбыт, телемэдиссиинэнэн сүбэ-ама биэрдилэр.

Быйылгыттан төрүүр-ууһуур саастаах дьоҥҥо туспа диспансеризацияны тэрийэн ыытар буоллубут. Төрөппүттэр доруобуйалара төрүөхтээх оҕолоругар улахан суолталаах. Оҕо төрөөтөҕүнэ миэдиктэр 36 ыарыыга генетическэй скрининг оҥороллор. Бу оҕо инникитин ханнык эбит ыарыынан ыалдьар кутталлааҕын дуу суоҕун дуу быһаарарга туһа­лаах. Салгыы оҕо доруобуйатын пе­­диатр көрөн-истэн, улаап­пытын кэннэ диспансеризация­ны, проф-көрүүлэри ааһар.

Билигин Саха сиригэр дьон олоҕун быыһыыр улахан көмөлөөх «Теле-ЭКГ» диэн систиэмэ атыылаһылынна. Ол аата ыарыһах киин сиртэн төһө да ыраах олордор, киниэхэ ЭКГ оҥоһулуннаҕына, сүрэҕэр-тымырыгар (сердечно-сосудистые нарушения) кэһиллии баар буол­лаҕына, биэлсэр биитэр бы­­раас ЭКГ түмүгүн Дьокуускайга Кардиососудистай кииҥҥэ ыытар. Кииҥҥэ суукканы эргиччи ыраахтан үлэлиир ЭКГ консультацията баар. Өскөтүн ыарыһах инфарктаабыт буол­лаҕына, тута санавиацияны ыҥыран, Кардиососудистай кииҥҥэ аҕалаллар.

Бүгүҥҥү туругунан ыраах нэһилиэнньэлээх пууннарга 141 телекардиограф 34 мэдиссиинискэй тэрилтэҕэ баар. «Теле-ЭКГ» ситими туһанан 216 тыһыынча кэриҥэ чинчийии оҥоһулунна. 2024 сылга өрөспүүбүлүкэ 03 сулууспата барыта бу ситимҥэ холбонуоҕа.

Арктикаҕа – мобильнай биригээдэлэр

– Саха сиригэр Мобильнай биригээ­дэлэр өрөс­пүүбү­лүкэтээҕи кииннэрэ тэриллэн, киэҥ далааһын­наах үлэни ыыта сылдьалларын үгүстүк истэбит. Быраастар биригээдэлэрэ ыраах, кытыы сытар оройуоннарга төһө сырыттылар?

– Өрөспүүбүлүкэбит сирэ-­уота киэҥ-куоҥ, онон анал мэдиссиинискэй көмөнү (специализированная медицинская помощь) оҥоруу үлэтэ ситэтэ суоҕа биллэр.  Улуус да иһигэр оройуоннааҕы киин балыыһаҕа киһи доруобуйатын туругун көрдөрүнэрэ ыарахаттардаах.  Киин сиртэн ыраах олорор уонна сылы эргиччи суолунан-ииһинэн хааччыллыы боппуруоһа уустук буолан, анал мэдиссиинискэй көмөнү оҥорууну атахтыыллар.

Ил Дархан Айсен Николаев 2022 сыллааҕы Анал этиитигэр арктическай хайысхалаах мэдиссиинэни тэри­йии туһунан этиллибитэ. 2023 сылга Арктика оройуоннарын нэһилиэнньэлээх пууннарыгар бастакы анал мэдиссиинискэй көмөнү оҥорор сыаллаах «Республиканский центр мобильных бригад» пилотнай бырайыагы саҕалаабыппыт. Улахан дьоҥҥо анал­лаах 6 уонна оҕолорго анал­лаах 2 биригээдэни тэрийбиппит. Бары хайысхаларынан исписэлиистэр, ол иһигэр кардиологтан саҕалаан психотерапевтарыгар, өссө УЗИ, рентгендиагностика быраастарыгар тиийэ.

Туһааннаах бырайыагынан Санкт-Петербург куоракка баар Г.И. Турнер аатынан оҕо травматологияҕа уонна ортопедияҕа национальнай мэдиссиинискэй чинчийэр киинин кытары сөбүлэһии түһэристибит. Бу сылга киин исписэлии­һэ кэлэн, мобильнай биригээдэлэри кытта тэҥҥэ сылдьан Муома нэһилиэнньэлээх пууннарын барытын кэрийсибитэ. Оҕолору көрөн, үрдүк технологиялаах көмөнү оҥорууга ыарыһахтары талбыта. Билигин киин өссө биир үлэһитэ Булуҥ оройуонугар үлэлиир. Манна эбэн эттэххэ, Санкт-Петербург исписэлиис­тэрэ биһиги миэдиктэрбит атын эрэгийиэннэрдээҕэр быдан үрдүк таһымнаахтарын бэлиэтээбиттэрин үөрэ иһиттибит.

2024 сылтан арктическай оройуоннарга эрэ буолбакка,  ыраах сытар атын нэһилиэнньэлээх пууннарга эмиэ сылдьар буоллубут. «Мобильный хирургический центр» диэни тэрийдибит. Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с нүөмэрдээх балыыһа үрдүк кылаастаах хирурдара оройуон­нааҕы балыыһаларга баран, былааннаммыт суһал эпэрээссийэлэри оҥорор буол­лулар. Лапароскопическай эпэрээссийэлэри уонна  эндопротезированиены оҥороллор. Хирурдар номнуо оройуоннарга 20 сырыыны оҥорон,  600-чэ эпэрээссийэни оҥордулар.

Онко-кииҥҥэ

– Онкологическай киин үлэҕэ киириэҕиттэн, ыары­һахтары эмтээ­һиҥҥэ туох уларыйыы киирдэ?

– Дьокуускай куоракка саҥа Онкологическай киин тутуллан үлэҕэ киириэҕиттэн, ыарыһахтар өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр эмтэнэ барыылара лаппа аҕы­йаата. 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ, көрдөрүү 23% аҕыйаа­та. «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак иитинэн үлэлиир «СӨ онкологическай ыарыылары кытта охсуһуу» бырагырааманан  киин аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир тэрилинэн уонна үрдүк кылаастаах исписэ­лиистэринэн хааччылынна.

Онко-кииҥҥэ элбэх аныгы технологиялар үлэҕэ киллэриллэн, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан иһэбит. Кииҥҥэ эпэрээссийэни оҥоруу ахсаа­на элбээтэ. Холобур, быйыл хирург-онкологтар 4 тыһыынча кэриҥэ эпэрээссийэни оҥордулар. Ол иһигэр кыра эчэтиилээх эпэрээссийэни (малотравматичные операции) оҥоруу кээмэйэ элбээтэ. Бу ыарыһахтар эпэрээссийэ кэнниттэн чөлүгэр түһүүлэрэ түргэнник барар. Ангиограф туруоруллуо­ҕуттан өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакытын үрдүк технология­лаах эпэрээссийэни оҥорор кыахтанныбыт.

Манна бэлиэтээн этиэм этэ, Онко-киин хирург-онкологтара аныгы эпэрээссийэлэри оҥороллор. Үгүстэрэ бэйэлэрин хайысхаларыгар эспиэртинэн биллэллэр. Холобур, биһиги мединституппутун бүтэрбит эдэр дуоктар ординатуратын Москваҕа барбыта, онно кандидатскайын көмүскээбитэ. Соторутааҕыта кини Москваҕа сүрүн исписэлиистэргэ маастар-кылаас ыыппыта.

Амбулаторияҕа мэдиссиинискэй көмөнү 35 тыһыынча кэриҥэ киһи ылла. Бу үлэ барыта «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан ыытылынна.

Уһук Илиҥҥэ – инники күөҥҥэ

– Лена Николаевна, оҕо төрөөһүнүгэр Саха сирэ көрдөрүүтэ хайдаҕый?

– 2024 сыл 10 ыйдаа­ҕы туругунан, Саха сиригэр 8939 оҕо күн сирин көрдө. Уһук Илин эрэгийиэнигэр оҕо төрөөһүнүнэн биһиги инники күөҥҥэ сылдьабыт. Маны таһынан, кыра оҕо өлүүтүгэр көрдөрүүбүт төһө эбит кыра.

«Дьиэ кэргэн» саҥа национальнай бырайыак иһинэн үлэлиир «Ийэ буолууну уонна оҕо сааһы харыстааһын» бырагыраама иитинэн 2025–2027 сс. икки  перинатальнай киини  мэдиссиинискэй оборудованиенан хааччыйыы соруга турар. Алдаҥҥа уонна Хаҥаластааҕы киин балыыһаҕа акушерскай кэбиниэттэргэ дьахтар консультациялара аһыллыаҕа.

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин кытта «О социальном сопровождении женщин в ситуации репродуктивного выбора» диэн дьаһалы таһаардыбыт.   Инньэ гынан, ыарахан балаһыанньаҕа түбэс­пит дьахталларга аадырыс­таах көмө оҥоробут. Ааһан эрэр сыл тоҕус ыйдааҕы туругунан кризиснэй кииҥҥэ, психолог сүбэ-ама биэрэр кэби­ниэттэригэр 1915 дьахтар сылдьан, 350 дьахтар оҕолорун түһэртэрбэттэрин курдук быһаа­рыныы ылыннылар. Бу үлэлэр оҕо төрөөһүнэ элбээһинигэр, доруобай оҕолор төрүүллэригэр ыытыллар.

Билигин министиэристибэ Ил Дархан стратегическай ыйаах­тарын балаһыанньаларын олоххо киллэриигэ, Саха сирин олохтоохторун доруобуйаларын тупсарыыга саҥа бырагыраамалары оҥорууга үлэлэһэр.

– Лена Николаевна, өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабылын бүгүҥҥү туругун туһунан кэпсээбиккитигэр махтанабыт.

ХААРТЫСКА: СӨ ДОРУОБУЙА ХАРЫСТАБЫЛЫН МИНИСТИЭРИСТИБЭТИН
АРХЫЫБЫТТАН. ИРИНА РОМАНОВА СУРУЙУУТУТТАН ТЫЛБААС.
БЭЛЭМНЭЭТЭ АНИВЕРА АКИМОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: