Лена Афанасьева: «Тыа сирин мэдиссиинэтин  тэрилтэлэрин  саҥардыы салҕаныаҕа»

Share

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин  сүүһүнэн ыйытыыга хардарбыт быһа эпиирэ кини эрэгийиэннэр олохторун, кыһалҕаларын уонна инники кэскилин хайдах курдук билэрин көрдөрдө.

Мэлдьи буоларын курдук, быһа эпииргэ биһиги олохпут араас эйгэтин, ол иһигэр мэдиссиинэ, сүрүн боппуруостара таарылыннылар.
Мин санаабар, доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун (тыа сирин мэдиссиинэтин) модернизациялааһын бырагырааматын  салҕыыр туһунан сонуна биир дьоһун суолталааҕынан буолла. Бэрэсидьиэн эппитинэн,  бу кини быыбар иннинээҕи бырагырааматын сорҕотунан буолуоҕа.
Кэнники 20 сылга Арассыыйа доруобуйатын харыстабыла инники диэки улахан хардыылары оҥордо диэн этиэхпин баҕарабын. Маныаха улахан оруолу Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыага, «Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын»  эрэгийиэннээҕи бырагыраама ылаллар. Биһиги улуустарга мэдиссиинэ тэрилтэлэрин ситимин олохтоохтук саҥардар кыахтанныбыт. Аҥаардас кэнники сылларга Бүлүүгэ, Ытык Күөлгэ балыыһа улахан комплекстарын, ону сэргэ быраас 65 амбулаториятын уонна биэлсэр-акушер пуунун үлэҕэ киллэрдибит. Балыыһалар мэдиссиинэ 182 тэрилин, ол иһигэр 93 «ыарахан» тэрили, ыллылар. Бу барыта биһиги салаабытыгар олус улахан көмөнөн буолар.
Модернизация бырагыраамата салҕанара кэрэхсэбиллээх. Ол аата нэһилиэнньэҕэ ордук чугас мэдиссиинэ тэрилтэлэрин саҥардыы салҕаныаҕа.
Бэлиэтээн эттэхпинэ, дойду салалтата олус улахан өйөбүлү Сүрэх-тымыр уонна Онкология кииннэрэ курдук, сүрүн эбийиэктэри тутууга оҥордо. Биһиги мэдиссиинэбит үрдүк технологиялааҕын ааһан, үрдүк технологиялар ыарыһах ханна олороруттан тутулуга суох, табыгастаах буолан иһэллэр. Онуоха биһиги Бэрэсидьиэммит Владимир Путин улахан өҥөлөөх.

Лена Николаевна АФАНАСЬЕВА, СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ

Recent Posts

  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Аҕабыт Кыайыыны Рейхстаг аттыгар көрсүбүтэ

Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ууну-уоту ортотунан ааһан, Улуу Кыайыыны…

18 минут ago
  • Сонуннар

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Ыам ыйын 6 күнэ. Ил Дархан дойду Үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцовы кытта Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа…

1 час ago
  • Сонуннар

Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар

Сунтаарбыт саамай элбэх үөрэнээччилээх, улахан кээмэйдээх оскуолатыгар быйыл улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. "Модернизация школьных систем"…

2 часа ago
  • Быһылаан

Түөкүттэр аҕам саастаах кэргэнниилэртэн 23 мөл.солк. уорбуттар

Дьокуускай куорат аҕам саастаах олохтоохторо түөкүттэргэ итэҕэйэн 23 мөлүйүөн солкуобайы уордарбыттарын туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Биир ботуруон

Бу 1976 с. Намтаҕай арыытыгар этэ. Оччолорго мин ыччат-комсомольскай звенотун салайан, “Димитровскай” сопуоска 360 тонна…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Тоҥ Бас сайылыгар көстүлэр

Нам улууһун Үөдэйин олохтоохторо төһө кыалларынан сайылыкка тахсаллар. Ол курдук, билиҥҥи туругунан, Тоҥ Бас сайылыкка…

3 часа ago