Лена Ефремова: «Былаас, уопсастыба бииргэ үлэлиэхтээхтэр»

Share

Ил Дархан Анал этиитин туһунан уопсастыбанньыктар санааларын үллэстэллэр.

Лена Ефремова, Уопсастыбаннай балаата социальнай бэлиитикэҕэ, демографияҕа, дьиэ кэргэни, оҕону көмүскээһиҥҥэ хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ:

— Ил Дархан Анал этиитэ Саха сирин олохтоохторугар барыбытыгар туһаайыллар. Кини биһиги инники олохпут, оҕолорбут инникилэрин билигин оҥорорго эркээйи  бэлиэлэри биэрэр. Аныгы үйэҕэ демография боппуруостара национальнай куттала суох буолуу мэктиэтэ буолар. Онон элбэх оҕолоох уонна хас да көлүөнэлээх улахан дьиэ кэргэни өйөөһүн — судаарыстыбаннай бэлиитикэ инники күөҥҥэ тутуллар хайысхата буолаллар.

Саха сирэ элбэх омуктаах Арассыыйа духуобунай, сиэр-майгы сыаннастарын уйата буолар. Былыр-былыргыттан элбэх оҕолоох, хас да көлүөнэлээх дьиэ кэргэн института сайдан кэллэ. Ил Дархан Анал этиитигэр демографияны, киһи хапытаалын сайыннарыыга, дьадайыыны утары охсуһууга былаас, уопсастыба, биисинэс бары бииргэ түмсэн үлэлиэхтээхтэр диэтэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ билигин 1 мөлүйүөн 7 тыһыынча киһи олорор. Сыл саҕаланыаҕыттан 10 382 оҕо төрөөтө. Онон бу көрдөрүүнү намтаппакка, өссө эбэн иһиэхтээхпит. Ил Дархан элбэх оҕолонууну өйүүр саҥа миэрэлэри ылыммытын олус биһирии иһиттим. 2025 сылга саҥа национальнай бырайыактар үлэлиэхтэрэ, сүрүннээн дьиэ кэргэттэр олохторун тупсарарарга туһуланыахтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Мария Борисова: «Хаачыстыбалаах хонтуруол наада»

РФ үп-харчы үлэтин туйгуна, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ, СӨ судаарыстыбаннай сулууспатын туйгуна,…

15 минут ago
  • Сонуннар

Дьулустаан Борисов: «Ил Дархан стратегическай соруктары туруорда»

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дьулустаан Борисов Ил Дархан Анал этиитин туһунан санаатын үллэһиннэ. -- Быйылгы…

40 минут ago
  • Сонуннар

Георгий Степанов: «Өйөбүл саҥа демографическай миэрэтэ кэмигэр таҕыста»

Саха сирин Ил Дарханын Айсен Николаев Анал этиитин туһунан өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэлэр сыл – Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла

Бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, Бырабыыталыстыба 1 №-дээх дьиэтин Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар Ил Дархан Айсен Николаев Ил…

44 минуты ago
  • Сонуннар

Сергей Сивцев: «Саха тылын сайдыытыгар ситиһиллибити оннунан хаалларар сатаммат»

Норуот дьокутаата, «Арктика суоллара» эксплуатацияҕа генеральнай дириэктэри солбуйааччы Сергей Сивцев Ил Дархан Айсен Николаев Ил…

51 минута ago
  • Оҕо саас сыла

Дьокуускайдааҕы «Василек» уһуйаан 45 cыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир

Дьокуускай куорат 19-c №-дээх "Василек" уһуйаан 45 cыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Уһуйаан 1978 сыллаахха ахсынньы аам-даам…

58 минут ago