Лена Корякина: «Дьон сүөһүнү, дьиэ кыылын иитэрин тухары бэтэринээр идэтэ сыаналаныаҕа»
«20-тэн тахса сыллааҕыта Сахабыт сиригэр тыа улууһун хайа да нэһилиэгэр биир биллэр киһинэн бэтэринээр быраас буолара. Уустук 90-с сыллар бүтүүлэригэр – 2000 сыллар саҕаланыыларыгар саха дьоно сүөһүлэрин эспэккэ, оччотооҕу күннэри-дьыллары аһардыбыттара, оҕолорун үөрэттэрэн, атахтарыгар туруортаабыттара.
Бүгүн тыа сиригэр сүөһүлээх дьон ахсаана аҕыйаан, бэтэринээр быраас нэһилиэк аайы суох. Ол эрээри ыччат дьон бааһынай хаһаайыстыбаны тэриниигэ интэриэстэнэн эрэрэ эрэли үөскэтэр. Норуот төрүт дьарыгын тутан, аныгы технологияны таба туһанан, ыччаттарбыт тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыахтарын сөп. Бас билэр сирдээх, бэйэ оҥорон таһааран аһы-үөлү атыылыыр киһи аныгы кэм бастыҥнарын ахсааныгар киирсиэҕин ыччаттарбыт өйдөөн эрэллэрэ биһигини үөрдэр», — диэн этиинэн Арктикатааҕы государственнай агротехнологическай университет ветеринарнай факультетын декана, ветеринария билимин кандидата Лена Корякинаны кытта бэтэринээр идэтин бүгүҥҥүтүн туһунан кэпсэтиибитин саҕалаатыбыт.
Уустук эрээри умсугутуулаах үөрэх
Быйыл ветеринарнай факультеты 21 бэтэринээр быраас, 15 ветеринарнай-санитарнай эксперт, 12 булт хайысхатыгар биолог идэлээх эдэр исписэлиистэр бүтэрбиттэр. «Биһиги выпускниктарбыт үлэ булалларыгар кыһалҕаны көрсүбэттэр. Тыа сиригэр бэтэринээр тиийбэт — Саха Республикатын ветеринария салалтата биллэрэринэн, быйыл республика үрдүнэн 177 ветеринарнай быраас үлэтин миэстэтэ баар. Ветеринарнай-санитарнай экспертэрбит улахан ырыынактарга баар лабораторияларга, бөдөҥ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр, оҥорон таһаарар тэрилтэлэргэ үлэни булаллар, государственнай булт инспектордара эмиэ ханна да сыаналанар исписэлиистэр. Маны таһынан, билигин куораттарга, улуус кииннэригэр чааһынай ветеринарнай клиникаларга эмиэ барыта биһиги выпускниктарбыт үлэлииллэр», — диэн Лена Прокопьевна кэпсиир.
— Быйыл ветеринарнай факультекка бэтэринээр бырааска 40 бюджетнай миэстэ көрүлүннэ. Интэриэс баар, бэтэринээр буолуон баҕалаах оҕолор анаан-минээн кэлэллэрэ үөрдэр.
— Биллэн турар, үөрэх уустук. Бэтэринээр диэн быраас үөрэҕэ буоллаҕа – 5 сыллаах, ымпыктаах-чымпыктаах үөрэх. Кыыл-сүөһү анатомиятын, физиологическай уратыларын, ыарыы арааһын үөрэтэбит. Устудьуонтан дьаныары, тулууру ирдиир үөрэх. Саха сиригэр үлэлиирбит быһыытынан, эбии сылгыны, табаны иитиигэ сыһыаннаах хайысхаларга болҕомтобутун уурабыт. Оттон ветеринарнай-санитарнай экспертарбыт биһиги ырыынактартан, бэйэ оҥорон таһаарар тэрилтэлэртэн ылар аспыт хаачыстыбатын чинчийэр, мэктиэлиир дьоммут. Билиҥҥи дойдубут үрдүнэн ас-үөл куттала суох буолуутугар улахан болҕомто ууруллар кэмигэр саамай наадалаах дьоммут. Дьон аһыгар эппиэти тутар үлэһиттэр сыыһа-халты туттар кыахтара суох, онон үөрэххэ да ирдэбил кытаанах.
— Үөрэх кэмигэр улахан болҕомто, биллэн турар, производственнай практикаҕа ууруллар. Бэтэринээр устудьуоннарбыт Хатас аттынааҕы Баҕарахха баар хаһаайыстыбаҕа тахсан үлэлииллэр, итини сэргэ, Анаабыр, Булуҥ улуустарыгар ыҥырыынан баран эмиэ практикаланан кэлэллэр. Үрдуку куурус устудьуоннара, аспираннарбыт факультет преподавателлэрин кытта иккис сылын Анаабыр улууһугар баран табаҕа бруцеллез ыарыы туруутун утары үлэлииллэр. Ыстаадаҕа олорон табаларга экспресс-анаалыстары оҥорон, бу ыарыыны сэрэтэр үлэҕэсылдьаллар. Наукаҕа барыан баҕалаах устудьуоннарбыт элбэҕэ эмиэ үөрдэр – идэлэрин толору баһылаан, чинчийэр, иҥэн-тоҥон билэр баҕа баара биһиэхэ, үөрэтэр дьоҥҥо, үлэбит ситиһиитэ буоллаҕа.
Ыччат интэриэстээх, биһигиттэн өйөбүл ирдэнэр
— Кэм уларыйар, сайдыы бара турар, бэтэринээр быраас күннээҕи үлэтэ эмиэ ону сырсар. Холобур, билиҥҥи бэтэринээр урукку курдук ферма ынаҕа уулааҕын-суоҕун бэрэбиэркэлээн күнүн-дьылын, сыратын-сылбатын бараабат – узи-аппаратынан көрөр. Искусственнай сиэмэлээһин ньыматын толору баһылаатыбыт. Кэнники кэмҥэ лабораторияҕа чинчийии эмиэ улаханнык сайынна.
— Билигин сүөһү ыарыыта биллэ элбээтэ. Кэлии сүөһүгэ генетическэй аномалия көстөрө үксээтэ, бу барыта лабораторнай чинчийии ньыматынан биллэн, тута миэрэ ылыныллар буолла.
— Салгыы Сахабыт сиригэр роботизированнай хаһаайыстыбалар сайдыахтара. Манна кэлии сүөһүлэр туруохтара. Ыарыыны сэрэтэр, эмтиир үлэ күүһүрэрэ ирдэниэҕэ. Манна эппиэттиир аныгылыы көрүүлээх, аныгы технологиялары баһылаабыт бэтэринээрдэри иитиини билиҥҥиттэн саҕалыахтаахпыт. Бу – биһиги бүгүҥҥү сыалбыт.
— Ыччат дьону тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыарарга бырабыыталыстыба өттүттэн өйөбүл наада. Бэтэринээр хамнаһа үрдүүрүгэр болҕомто ууруллуохтаах, тыа сиригэр олохсуйар ыччаты өйүүр эбии миэрэлэр наадалар. Итиэннэ тыа сиригэр сүөһү ахсаанын элбэтиигэ эмиэ туспа быһаарыы ирдэнэр.
— Күн бүгүн Сахабыт сиригэр ынах сүөһүнү тутааччылартан 52% — биирдиилээн ыал кэтэх хаһаайыстыбалара. Бу дьонтон улахан аҥаара – аҕам саастаах дьон. Көлүөнэ уларыйыыта бара турар быыһык кэмигэр үктэнэн турабыт. Эрдэ эппитим курдук, ыччат дьон ортотугар тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр ылсар баҕалаахтар элбииллэрэ үөрдэр. Биһиги сорукпут – кинилэри өйөөн, наада буоллаҕына салайан биэрэн, сайдан баралларыгар көмө буолуохтаахпыт.
Чааһынай ветеринарнай клиникалар – аныгы олохпут уратыта
— Билигин дьиэ кыылын көрөр-истэр чааһынай клиникалары арыйыы барыстаах бизнес буолла. Дьиэ кыылыгар олус күүскэ убаныы – бу аныгы гаджет, смартфон, интернет үйэтигэр дьон соҕотохсуйуутун, истиҥ алтыһыыга наадыйыытын көстүүтэ диэн сыаналыыбын. Билиилээх, кыһамньылаах бэтэринээр быраас олус үрдүктүк сыаналанар хайысхата бу буолла. Дьокуускайга уонна республикабыт атын куораттарыгар, сорох улуустар кииннэригэр чааһынай клиникалар, груминг салоннара арыллан, барыстаахтык үлэлииллэр, манна эмиэ биһиги выпускниктарбыт үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
— Кэлиҥҥи сылларга биһиги факультеппытыгар куорат оҕолоро туттарсаллара үксээтэ. Анаан-минээн бэтэринээр буолар баҕалаах оҕолор кэлэн үөрэнэллэр. Маннык оҕолору көрдөхпүнэ бэйэбин саныыбын. Мин эмиэ Дьокуускай куоракка Сайсаар оройуонугар улааппытым. Кыра эрдэхпиттэн наар ыттаах буоларбыт уонна оччолорго тиэргэммит иһигэр кролик, сибиинньэ, куурусса иитэрбит. Дьиэ кыылын көрөрбүн-харайарбын олус сөбүлүүрүм уонна оскуоланы бүтэрэн баран туох да саарбаҕа суох тута бэтэринээр үөрэҕэр туттарсар баҕа санаабын толорбутум. Уонна олус сөптөөх идэни таламмын, олоҕун дьыалатыгар таба тайаммыт дьоллоох киһибин дэнэбин.
Арктикатааҕы ГАТУ ветеринарнай факультетыгар туттарсыы бара турар. Бюджет миэстэлэригэр орто анал үөрэх кэннэ докумуоннары от ыйын 20 күнүгэр, биир кэлим эксээмэн түмүгүнэн – от ыйын 25 күнүгэр диэри туталлар. Биир кэлим эксээмэннэр алын бааллара: нуучча тылыгар – 36, математика (профильнай) – 27, биология уонна физика – 36-лыы. Университет Киин тутар хамыыһыйата күн аайы үлэлии турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: