«Ленарегионводхоз» тэрилтэ «Бары бииргэ» аахсыйаҕа кыттыһар
Быстах байыаннай хомуурга барбыт дьону өйүүр «Бары бииргэ» диэн аахсыйа Саха сиригэр салҕанан барар. Күн аайы көмөнү хомуйар пууҥҥа араас тэрилтэлэр, биирдиилээн даҕаны дьон көмөлөрүн тиксэрэллэр. «Центррегионводхоз» тэрилтэ «Ленарегионводхоз» филиала эмиэ «Бары бииргэ» уонна «Саха сирэ эйигин кытта!» аахсыйаны өйүүр.
Бу күннэргэ «Ленарегионводхоз» филиалын дириэктэрэ Александр Аржаков үлэһиттэрин кытары быстах байыаннай хомуурга барбыт дьону өйүүр аахсыйа чэрчитинэн, көмөнү хомуйар пууҥҥа гуманитарнай көмө быһыытынан, байыаннай атах таҥастарын, экипировкалары туттардылар.
Көмө оҥорор пууҥҥа күн аайы араас тэрилтэлэр, биирдиилээн да дьон эми-тому, аармыйаҕа туттуллуон сөптөөх таҥаһы-сабы, малы-салы аҕала тураллар эбит. Өрөспүүбүлүкэтээҕи көмө пуунун волонтера: «Күн аайы элбэх тэрилтэ, биирдиилээн дьон даҕаны бэйэлэрин көмөлөрүн аҕала тураллар. Биһиги байыастарбыт барытынан хааччыллан сылдьаллар, ол эрээри, эбии көмө туох куһаҕаннаах буолуоҕай, өссө ордук», — диэн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: