«Ленфильмҥэ» «Ньургун Боотур» опера киинэтин көрдөрүөхтэрэ
Марк Жирков уонна Генрих Литинскэй опералара — кэнники кэмҥэ Суорун Омоллоон аатынан Опера, балет тыйаатырын саамай бөдөҥ туруоруута. Испэктээги РФ, Саха сирин норуодунай артыыһа, режиссер Андрей Борисов туруорбута. Манна тыйаатыр бары сыахтара, Олоҥхо тыйаатырын, симфоническай оркестр, «Виртуозы Якутии» ансаамбыл артыыстара кытталлар.
Испэктээк аныгылыы ааптарыскай көрүҥэ 2022 сыллаахха Саха АССР 100 сылыгар анаан туруоруллубута. Артыыстар уонна тэхиньиичэскэй үлэһиттэр — барыта 291 киһи кыттыбыта, 225 көстүүм тигиллибитэ. Декорация уопсай ыйааһына 1 туоннаттан тахсыбыта, көстүүмнэр, реквизиттэр ыйааһыннара — 2,5 туонна. Опера ороскуотун бүтүннүү РФ култуураҕа министиэристибэтэ уйуммута.
2023 сыллаахха операны туруорааччылар хамаандалара Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни ылбыттара. Испэктээкили Улахан уонна Мариинскай тыйаатырдарга ситиһиилээхтик көрдөрбүттэрэ, 2024 сыллаахха «Большие гастроли» бырагырамааҕа киирбитэ.
Испэктээги киинэ быһыытынан көрдөрүү бырайыага былырыын алтынньыттан саҕаламмыта. Саха сиригэр хас да сиргэ көрдөрбүттэрэ, бу кэмҥэ артыыстар көрөөччүлэрин кытта көрсүһүүлэрэ тэриллибитэ. Маны тэҥэ, «Ньургун Боотур» испэктээк киинэтин Санкт-Петербурга Мариинскай тыйаатырга көрдөрүөхтэрэ диэн СӨ Култуураҕа, духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: