Салгыы
Ленин болуоссата дуу, Өрөспүүбүлүкэ болуоссата дуу?

Ленин болуоссата дуу, Өрөспүүбүлүкэ болуоссата дуу?

16.10.2024, 14:07
Хаартыска: СӨ Архитектураҕа управлениетын телеграм-ханаалыттан.
Бөлөххө киир:

Бүгүн, алтынньы 16 күнүгэр, «Саха» ГТРК «Россия 24» ханаалыгар «Прямой разговор» биэриигэ Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииригэр Дьокуускай куоракка саҥардыллан оҥоһуллубут Ленин болуоссатын Өрөспүүбүлүкэ болуоссатынан ааттыахха диэн этиитин туһунан ыйыттылар.

Ленин болуоссатын саҥа сэбэрэтэ Дьокуускай куорат маастар-былаанын чэрчитинэн уларытыллан тутулунна. Бу күннэргэ болуоссат аһыллыытын үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста, онно Ил Дархан Айсен Николаев тыл этэригэр Өрөспүүбүлүкэ болуоссатынан ааттыахха диэн эппитэ.

«Биһиги киин болуоссаппыт икки чааска арахсар. Дьиҥэ, мин Ленин болуоссатын уларытан ааттыахха диэн этии киллэрбэтэҕим. Ленин пааматынньыга турар өттүн урукку көстүүтүнэн, ол гынан баран саҥардан оннунан хаалларан, Ленин болуоссатынан хаалларарга дии саныыбын. Оттон бу саҥаттан тутуллубут болуоссат чааһын Өрөспүүбүлүкэ болуоссатынан ааттыахха сөп. Мин санаабар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратыгар уруккуну-хойуккуну, билиҥҥини, кэлэр кэми сибээстиир кылаабынай болуоссат баар буолуохтаах. Бу саҥа болуоссаты архитектордар оннук толкуйдаан бырайыактаабыттара. Бырайыагы биһиги бэйэбит архитектордарбыт оҥорбуттара, «Сэттэ» олохтоох хампаанньабыт тутта. Бу тиэхэньиичэскэй да өттүнэн олус уустук бырайыак буолар», — диэн быһаарда Айсен Никоалев.

+1
23
+1
17
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
7
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: