Ленин болуоссата стратегическай маастар-былааҥҥа олоҕуран оҥоһуллар

Share

Дьокуускайга Ленин аатынан болуоссакка хапытаалынай өрөмүөн балаҕан ыйын ортотуттан саҕаламмыта.

Онон, атырдьах ыйын бүтүүтэ бэдэрээтчит “Сэттэ” тутар хампаанньаны  кытта хантараак түһэрсиллибит. Хапытаалынай өрөмүөнү ыытыы сакаасчытынан СӨ Ил Дарханын иһинэн Архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениета буолбут. Дизайн-бырайыагын “Якутпроект” ААУо оҥорбут. Бырайыактааччылар ирбэт тоҥ уратытын, сирин араҥатын учуоттаан оҥорбуттар.

Болуоссаты саҥардан оҥорууга туох киирбитий? Бастатан туран, көҕөрдүү ыытыллыаҕа, тротуары тэлгэтии, сэргэ быһыылаах 13 миэтэрэлээх колонналары туруоруу уо.д.а. ыытыллыахтаах.

Сынньалаҥ зоната хайдах буолуохтааҕый диэн үгүс киһи интэриэһиргээбитэ. Бу сынньалаҥ зоната былаан быһыытынан күөҕүнэн чэлгийиэхтээх, газон хонуулаах буолуохтаах.

Тротуары тэлгэтиигэ (мощение) граниты уонна араас билииккэлэри туһаныахтара. Итини худуоһунньук Туяра Шапошникова эскиһинэн ууруохтара.

Сэргэлэр болуоссат икки өттүнэн туруоруллуохтаахтар эбит. Ити конструкция өссө уотунан сырдатыллыахтаах. Өрөмүөн үлэтин быйыл күһүн түмүктүөхтээхтэр.

Саҥа дьыл эрэ иннинэ “Якутия24” биэриигэ СӨ Ил Дарханын иһинэн Архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениетын салайааччыта Любовь Папок кыттан, бу стратегическай докумуоҥҥа — маастар-былааҥҥа олоҕуран оҥоһулла сылдьар болуоссат туһунан эмиэ ахтан аһарбытын дьон сэргээбитэ. Любовь Александровна этэринэн, 25 куораты тупсаҕай оҥорууга туһуламмыт маастар-былааннары оҥорорго дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудахтаабыт эбит. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн Ил Дархан Айсен Николаев В.Путиҥҥа Дьокуускай уонна Нерюнгри маастар-былааннарын билиһиннэрбит.

Любовь Папок этэринэн, 2024 сылга 24 уопсастыбаннай эйгэни оҥорон киллэрии соруга турар.  Олор истэригэр киэҥ хабааннаах 3 эйгэ киирэр – Ленин болуоссата, Сайсары кытыла, Роман Дмитриевка анаммыт кытыллар. Түмүгэр салайааччы “Куорат тупсаҕай эйгэтин оҥоруу” федеральнай бырагыраама уонна “1000 тиэргэн” федеральнай бырайыагы Саха сирин олохтоохторо биһирээбиттэрин уонна бу хайысхаларынан үлэ ыытылларын бэлиэтээбитэ. Онон болуоссаппыт оҥоһуллан бүтэрин бары эрэнэ кэтэһэбит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Арассыыйа Конституциятын күнэ

Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ. 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа…

29 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үөһээ Халымаҕа бокуонньук суоппар гарааһын халаабыттар

Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

12 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

13 часов ago