Салгыы
Ленин болуоссатыгар оскуолалар быыстапка туруордулар

Ленин болуоссатыгар оскуолалар быыстапка туруордулар

22.08.2023, 19:53
Хаартыска: Людмила Попова.
Бөлөххө киир:

Ленин болуоссатыгар муусука ньиргийэрэ ыраахтан иһиллэр. Бүгүн манна үөрэх үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы мунньаҕын иитинэн, ыраахтан-чугастан өрөспүүбүлүкэ оскуолалара,  биисинэс-инкубатордара, лааҕырдара, оҕо хамсааһыннара быыстапка туруордулар, үлэлэрин-хамнастарын билиһиннэрдилэр, атыы-тутуу тэрийдилэр.

Харахпар илиим иккитин саҕа бөдөҥ собо хатанар. Бу Кэбээйи улууһун Мукучутун И.Е. Левин аатынан Танара орто оскуолатын бырайыактыыр үлэнэн дьарыктанар оҕолорун оҥоһуктара, аһылыктара.

— Оскуолабыт собо бырайыагар былырыыҥҥыттан үлэлэһэр. Бырайыакпыт “Дьиэтээҕи усулуобуйаҕа собону тугун даҕаны хаалларбакка туһаҕа таһаарыы” диэн ааттаах. Онно олоҕуран собо тугун даҕаны барахпаппыт. Ыһаарыламмыт, фаршируйдаммыт собону кыһыннары атыылыыбыт. Холобур, фаршируйдаммыт улахан собо (60-наах илим) атыыга хамаҕатык барар. Күн бүгүн 150 солк. атыылыы турабыт. Ону таһынан, кэтилиэт, алаадьы курдук астары ылаллар.

Өссө биир сонун, ураты бырайыакпытынан үөрэ оттоох лэппиэскэ буолар. Биһиги улуус сахалыы,  доруобуйаҕа туһалаах бэйэ аһылыгын өрүү өрө тутабыт. Тустаах бырайыагынан оскуолаҕа буфеппытыгар Сахалыы аһылык күнүн киллэрэн үлэлии сылдьабыт. Бу атыыга бэлэмнээбит лэппиэскэбит сыаната 30 солк., төһө улаханыттан тулуктаах. Барытын оҕолор бэйэлэрэ оҥороллор”, — диэн дьаарбаҥкаҕа оҕолору аҕалбыт салайааччылартан биирдэстэрэ Лена Егорова кэпсиир.

Килиэп үрдүгэр ууруллубут, көрөөччү амсайарыгар диэн соботтон бэлэмнэммит паштеты дьаарбаҥкаҕа кэлбит эрэ дьон бары биһирээтилэр. Аны биир сөхпүтүм диэн, собо хабаҕын ылан ыһаарылаан, үтэһэҕэ үөлбүттэр, кутуругуттан чипсы оҥорбуттар, үөһүттэн күөмэй сайҕанар, илии соттор антисептик бэлэмнээбиттэр. Быһатын эттэххэ, ууга буспут собо ахсааҥҥа даҕаны киирбэт.

Кэбээйилэр аттыларыгар аммалар тураллар, эмиэ биир ураты бырайыактаахтар. Бу — аатырбыт “Юннат” иитиллээччилэрэ. Кинилэр “Юннат бэлэҕэ” диэн Амма улууһун отуттан-маһыттан, үүнээйититтэн үс араас нобуор оҥорон аҕалбыттар. Оннооҕор ньээм оттон мыыла, кофе табыллар эбит.

“Биһиги оскуолатааҕы биисинэс-инкубатордар бырайыактарыгар кытта кэллибит. “Юннат бэлэҕэ” диэн улахан бырайыактаахпыт, ол чэрчитинэн атыыга кыра набордары таһааран эрэбит. Бэйэбит ыҥырыа уйатын ылан, мүөт наборун бэлэмниибит. Тигээйиттэн олус туһалаах мааһы оҥоробут. Бу маас сүһүөх, күөмэй ыарыытыгар, тымыр бүөлэниитигэр (варикоз) туһаныллар. Ону таһынан, дьиэни-уоту, бэйэни ыраастыырга аналлаах чүмэчи баар. Иккис наборбут — “Амма чэйэ”. Манна кучу чэйэ, боҕоруоскай от, кыл, этиҥ түспүт маһа, хатыҥ киирэр.

Үсүһүнэн ньээм от силиһиттэн кофе, умнаһыттан чэй бэлэмнээн аҕаллыбыт. Ньээмтэн мыыла, арыы эмиэ оҥордубут. Итини таһынан бэс туораҕыттан кэмпиэттэри бэлэмнээтибит. Бу күөмэй ыарыытыттан туһалыыр”, — диэн Амматааҕы эдэр натуралистар станцияларын мэтэдииһэ Матрена Караканова кэпсиир.

Ити курдук икки сыллааҕыта чэй оҥоруутунан дьарыктанан саҕалаабыт Амматааҕы эдэр натуралистар дьоҕус биисинэстэрин оҥоһуктарын арааһын сыыйа эбэн иһэллэр. Оҕолор салайааччыларыттан харыс даҕаны хаалсыбакка технологиятыгар тиийэ барытыгар тэҥҥэ үлэлэһэллэр. Оҕону биисинэскэ, оҥорон таһаарыыга сыһыарыы биир хайысхата.

Бу курдук бүгүн Ленин болуоссатыгар кэлии-барыы элбээтэ, муусука ньиргийэн олордо. Оҕолорго анаан маастар-кылаастары ыыттылар, кэнсиэр көрдөрдүлэр, быыстапка тэрийдилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: