Ленин болуоссатын хапытаалынай өрөмүөнэ саҕаланна

Ленин болуоссатын хапытаалынай өрөмүөнэ саҕаланна

08.10.2023, 13:00
Хаартыска: Айаал Аргунов
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 18 күнүттэн Дьокуускайга Ленин болуоссатын хапытаалынай өрөмүөнэ саҕаланна. Куорат киин болуоссата киһи билбэт курдук уларыйыаҕа. Манна 13 миэтэрэ уһуннаах 12 сэргэ, сир анныттан өрө тэбэн тахсар “сухуой” фонтан,  саҥа тротуардар уо.д.а. эбийиэктэр баар буолуохтара. Болуоссаты эһиил күһүн арыйарга былаанныыллар.

 Маастар-былаан чэрчитинэн ыытыллар

Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэ киин куоратын сүрүн болуоссатын саҥардыытын үлэтэ Дьокуускай куорат маастар-былаанын олоххо киллэриитин чэрчитинэн ыытыллар. Бу бырайыагы балаҕан ыйын бастакы күннэригэр Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөбүтэ.

“Бигэргэтиллибит маас­тар-былаан чэрчитинэн биһиги Дьокуускайга үс уопсастыбаннай эйгэ саҥардыытын саҕалаатыбыт: Ленин болуоссатын, Сайсары күөл тулатын уонна Р.М. Дмитриев аатынан набережнайы. Тупсарыы үлэ түмүгүнэн куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара аныгы, тупсаҕай, национальнай сахалыы колориттаах эйгэҕэ сынньанар буолуохтара”, – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

СӨ Ил Дархаҥҥа архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениета иһитиннэрбитинэн, Ленин болуоссатын саҥардыытын сүрүн бэдэрээтчитинэн “Сэттэ” хампаанньа талыллыбыт. Уопсайа, бу бырайыак олоххо киириитигэр 719 мөл. солкуобай көрүллүбүт.

Билигин тутааччылар урукку болуоссат көтүрүүтүн саҕалаатылар, сүрүн үлэҕэ киирэргэ бэлэмнэнэллэр. Бу күннэргэ номнуо урукку фонтаны, билиитэлэри көтүрдүлэр.

Саҥа болуоссат хайдах буолуоҕай?

Ленин болуоссатын ди­зайн-бырайыагын “Якут­проект” тэрилтэ ирбэт тоҥу, сири-уоту уонна киин суол ситимин учуот­таан оҥорбут.

Болуоссат барыта үс учаас­такка арахсар – Иккис нүөмэр­дээх Быра­быы­талыстыба дьиэтин иннэ, бастакы нүөмэрдээх Оҕо ускуус­тубатын оскуолатын иннэ уонна сүрүн сынньанар зона. Ону таһынан,  50 миэс­тэлээх массыына уонна 10-ча бэлэсипиэт турар сирдэрин оҥорорго былаанныыллар.

Сынньалаҥ зоната Киров уонна Аммосов уулуссаларын устата баар буолуоҕа. Манна мас, сэппэрээк, сайыҥҥы үүнээйи арааһын олордуохтара. Ону таһынан, ураты бырайыагынан оҥоһуллубут ыскамыайкалар, сынньана түһэн ыларга газоннаах хонуу баар буо­луохтара.

Болуоссат биир сүрүн киэргэлэ –  “сухуой” фонтан буолуоҕа, ол эбэтэр сир анныттан өрө тэбэн тахсар, уута төттөрү түһэр, муусукалаах, араас өҥүнэн оонньуур фонтан.

Ленин болуоссатын икки өттүнэн кэчигирэччи 13 миэтэрэ уһуннаах, 1,2 миэтэрэ кэтиттээх 12 сэргэ туруоҕа. Манна алдьаммат өстүөкүлэни уонна дьэбиннирбэт ыстаалы туттуохтара. Сэргэ төбөтүгэр алмаас таас кылабачыйа оонньуоҕа, уотунан-күөһүнэн сырдатыллыаҕа. Бырайыакка бэлиэ­тээбиттэринэн, бу сэргэлэр фонтаны кытары тэҥҥэ араас уотунан оонньуохтара.

Болуоссакка гранитнай буруустар уонна араас өҥнөөх билиитэлэр ууруллуохтара. Акылаат уруһуйа худуоһунньук Туяра Шапошникова эскиһинэн оҥоһуллубут. Уруһуй сайдыыны көрдөрөр.

Ленин өйдөбүнньүгэ

СӨ Ил Дархаҥҥа архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениета иһитиннэрбитинэн, Ленин боруонса өйдөбүнньүгүн турбут сиригэр – Дьокуускай киин болуоссатыгар бу сыл алтынньытыгар төннүөҕэ.

Санатан суруйдахха, 1967 сыллаахтан куорат киинигэр турбут өйдөбүнньүк акылаата хамсаан, тутууга араас дьиэктэр тахсыбыттара. Өр кэмҥэ  сабыллан турбута, онтон былырыын сайын көтүрүллэн өрөмүөҥҥэ илдьибиттэрэ. Бу үлэнэн сыл устата  “Уран” дизайн-студия дьарыктанна.

Бырайыак чэрчитинэн, акылаатын, билиитилэрин, олоҕун уо.д.а. тутууларын бүтүннүү саҥардан оҥороллор. Итиэннэ Ленин боруонса скульптуратыгар тахсыбыт дьиэктэри эмиэ көннөрөллөр, ардахтан, хаартан көмүскүүр анал матырыйаалынан бүрүйэллэр.

Бэдэрээтчит өйдөбүнньүк түрүбүүнэтин уонна кини тула баар атын тутуу чаастарын оҥорон бүтэрбит. Билигин олоҕун туруораллар уонна эргэрбит билиитэлэрин саҥардан оҥоро сылдьаллар.

Өйдөбүнньүк уопсай үрдүгэ – 14, 5 миэтэрэ, олоҕун үрдүгэ – 8,5 миэтэрэ, скульптура үрдүгэ – 6 миэтэрэ.

+1
4
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: