Ленин болуоссатын иҥнэри хапталын түүрүү газонунан сабан эрэллэр
Дьокуускайга Ленин болуоссатын иҥнэри хапталын тупсарар үлэлэр саҕаланан, түүрүү газонунан сабан эрэллэр. Бу биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр иҥнэри хапталы көҕөрдүөххэ диэн быһаарыы аан бастаан ылыллыбыта.
Исписэлиистэр болуоссат эниэтигэр түүрүү газону ууран, дьон сынньанарыгар анаан киһи кута-сүрэ тохтуур зоналарын оҥоро сылдьаллар. Саҥа быһаарыы болуоссат эстетическэй көрүҥүн эрэ тупсарбат, өссө куорат олохтоохторугар тупсаҕай эйгэни баар гынар.
“Иҥнэри хапталларга түүрүү газону туттуу – бу биһиги килиимэппитигэр бэйэтэ туһунан эксперимент буолар. Газон хаптаччы сытан, саас олохтоохтору күөх өҥүнэн үөрдүө диэн эрэнэбит. Түүрүү газону уурарга түргэн уонна араас усулуобуйаҕа барсарынан үчүгэй. Ол эрээри саас көрдөрүө, түүрүү газон Саха сирин кыһынын төһө тулуйарын”, — диэн бэлиэтээтэ эрэгийиэн сүрүн архитектора Любовь Папок.
Өскөтө эксперимент табылыннаҕына, куорат эйгэтин көҕөрдүүгэ улахан хардыынан буолуо итиэннэ киһи хараҕын үөрдэр ландшафтары оҥорууга саҥа кыахтары арыйыа этэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: