Ленин болуоссатын саҥардыы үлэтэ саҕаланна
Дьокуускай куорат килбэйэр киинин — Ленин болуоссатын саҥардан оҥоруу үлэтэ саҕаланна. Тутааччылар номнуо көтүрэн уонна күрүөлэри туруортаан эрэллэр.
Саҥардыы түмүгэр, Ленин болуоссата киһи билбэт курдук уларыйыаҕа, тупсуоҕа. Сүрүн киэргэлинэн «сухуой» фонтан, ол эбэтэр, сир анныттан өрө тэбэн тахсар, уута төттөрү түһэр, муусукалаах фонтан уонна 13 миэтэрэлээх сэргэлэр буолуохтара. Болуоссаты көҕөрдүөхтэрэ, тротуарын уларытыахтара, массыына, бэлэсипиэт турар сирдэрэ баар буолуохтара.
Киров уонна Аммосов уулуссаларын өттүлэриттэн сынньанар сирдэри оҥоруохтара, мастары олордуохтара. Газоннаах хонуулар баар буолуохтара.
13 миэтэрэ уһуннаах, 1,2 миэтэрэ кэтиттээх 12 сэргэ болуоссат икки өттүнэн кэчигириэхтэрэ. Манна алдьаммат өстүөкүлэни уонна дьэбиннирбэт ыстаалы туттуохтара. Сэргэ төбөтүгэр алмаас таас кылабачыйа оонньуоҕа, уотунан-күөһүнэн сырдатыллыаҕа.
Дьокуускай куорат дьаһалтатын архитектураҕа, куораты тутууга управлениета иһитиннэрбитинэн, Ленин пааматынньыга бу сыл алтынньытыгар урукку сиригэр кэлэн туруоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: