Ленин пааматынньыгын быстах кэмҥэ тирэҕиттэн уһулуохтара

Share

Былааннаммыт өрөмүөн үлэтин бүтэһик түһүмэҕин чэрчитинэн, бу күннэргэ Ленин пааматынньыга турар постаменыттан уһуллуоҕа. Билиитэлэрин туруорбуттарын кэннэ, пааматынньык оннугар төннөрүллүөҕэ. Оччотугар реставратордар кыра алҕастары көннөрөн, гранит билиитэлэрин ыраастыыр ​​үлэни салгыахтара. Бу туһунан куорат эбийиэктэрин тутууга управление салайааччыта Вячеслав Нестеров иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, пааматынньыгы саҥардыы үлэтэ матырыйааллар алдьаныыларыттан наада буолбута.

“Пааматынньык турар тутула ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар туруктаах буоларын курдук,  бөҕөргөтүллүбүтэ. Урут пааматынньык лиэнтэлээх акылаакка турар буоллаҕына, билигин түөрт модун сыбаайаҕа тирэнэр. Пьедесталга уонна тирэхтэригэр гранит билиитэлэри сыһыарыы түмүктэннэ. Реставрация үлэтин технологията ирдииринэн, Ленин пааматынньыгын быстах кэмҥэ ылан кэбиһиллиэхтээх, ону нэдиэлэ иһигэр туруоруохпут», — диэн «Уран» дизайн-устуудьуйа генеральнай дириэктэрэ Вячеслав Яроев эттэ.

Саҥардыы үлэтин түмүктээбиттэрин кэннэ, «Сэттэ» хампаанньа пааматынньык аттыгар баар сири-уоту тупсарыыны саҕалыаҕа.

Ленин боруонса пааматынньыга эрэгийиэннээҕи суолталаах култуурунай нэһилиэстибэ буолар. 1967 сыллаахха тохсунньу 25 күнүгэр аһыллыбыта. Пааматынньыгы туруоруу 10 сыл устата барбыта – 1957 сылтан 1967 сылга диэри. Ааптардарынан скульптор Ю. Д. Стручков уонна архитектордар Н.Н. Миловидов, С.С. Ожегов буолаллар. Пааматынньык уопсай үрдүгэ 14,6 м,  постамент үрдүгэ 8,5 м, скульптура үрдүгэ 6 м.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

14 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

54 минуты ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

3 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

4 часа ago