Ленин проспега балаҕан ыйыгар аһыллара күүтүллэр

Share

Дьокуускай куорат Ленин проспегын өрөмүөнэ быйыл күһүн үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Киин куорат сүрүн уулууссата сабыллан турар буолан тырааныспар сырыытыгар улахан харгыстар тахсаллар. Онон куорат олохтоохторун даҕаны, ыалдьыттары даҕаны өрөмүөн үлэ хаһан бүтэрэ улаханнык долгутар.

Ленин проспегын өрөмүөнэ сотору кэминэн түмүктэнэн, суол аһыллан, уулуссаларынан быһа сырыы хааччыллыа диэн бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев «Саха» НКИХ ханаалыгар эттэ.

«Миигиттэн элбэх киһи киин куорат Ленин проспега хаһан бэлэм буоларый, өрөмүөнэ бүтэрий диэн ыйытар. Билигин өрөмүөн үлэтэ күүстээхтик бара турар. 1,7 млрд солк. аҥардас Ленин проспегын өрөмүөнүгэр көрүллэн турар, онтон 1,2 млрд солк. өрөспүүбүлүкэ үбүлээһинэ, 300-һэ федеральнай, 200-һэ куорат. Бу үп көдьүүстээхтик туһаныллыахтаах, проспект өр сылларга хаачыстыбалаахтык сулууспалыахтаах», — диэн Ил Дархан эттэ.

Ааспыт сылга суол өрөмүөнүн хаачыстыбатын мөлтөҕүн туһунан элбэх киһи сөбүлээбэтин биллэрбитэ. Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускай куорат салалтатыгар уонна суолу оҥорооччуларга маннык сыыһаны төрдүттэн даҕаны таһыаарыа суохтаахтарыгар сэмэлээһини оҥорбутун кэннниттэн, быйыл ону көннөрөр үлэ барар.

Онон аны күнүн балаҕан ыйыгар суол үлэҕэ киирэрэ былаананар, ол кэннэ салгыы тупсарыы үлэтэ барыа диэн Ил Дархан бэлиэтээн эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

2 часа ago