Ленин болуоссатын саҥардыы үлэтэ саҕаланыаҕа
Кэлэр нэдиэлэ саҥатыттан — бэнидиэнньиктэн Саха сирин тэбэр сүрэҕэ Дьокуускай киин болуоссатын саҥардыы үлэтэ саҕаланыаҕа.
Ленин болуоссатын көҕөрдүүгэ, дьон сылдьар тротуардарын саҥардыыга улахан үлэ барыаҕа. 13 миэтэрэлээх сэргэлэри туруоруохтара. Киров уонна Аммосов уулуссаларын диэки сынньалаҥ зонатынан буолуоҕа. Манна тиит мас, үүнээйи арааһын олордуохтара. Ураты бырайыагынан оҥоһуллубут ыскамыайка элбээн, сынньана түһэн ыларга бэртээхэй хонуу баар буолуоҕа.
Саха сирин куораты тутууга архитектураҕа управлениета иһитиннэрбитинэн, өссө араас гранит билиитэ устун хаамар буолуохпут. 1,2 м диаметрдаах 12 сэргэ Аммосов уонна Киров уулуссарын эҥэр туруохтара. Бу сэргэлэр олох ураты киэргэллээх буолуохтара. Ол ону болуоссаты саҥардыы үлэтэ түмүктэннэҕинэ көрүөхпүт. Оттон араас өҥнөөх уотунан болуоссаппыт күлүмүрдүү оонньуоҕун туһунан киһи этэ да барбат! Өссө фонтан сэргэлэри кытта араас өҥүнэн оонньоон, нууччалыы эттэххэ, «светомусукалаах» буолар.
Өрөмүөн үлэтэ эһиил күһүн — 2024 сылга түмүктэниэҕэ. Онуоха диэри национальнай сахалыы колориттаах болуоссаппыт хаһан араас уотунан күлүмүрдээн, биһиги дууһабытын сылаанньытарын тулуурдаахтык кэтэһиэхпит буоллаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: