Тохсунньу 27 күнүгэр Дьокуускайга «Арассыыйа — мин устуоруйам» түмэлгэ уопсастыбаннас, ыччат, «ЮНАРМИЯ» хамсааһын иитиллээччиллэрэ Ленинград блокадатын олохтоохторун кэриэстэригэр биир мүнүүтэ саҥата суох туран, сүгүрүйдүлэр.
Бу тэрээһиҥҥэ Ленинград блокадатын кыттыылаахтара Анна Петровна Захарова, Эльви Давыдовна Ушницкая, Антонина Александровна Припузова, Анатолий Сергеевич Макушин кэлэн, кытыннылар.
Сэрии, тыыл бэтэрээннэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Вильям Иванов этэринэн, фашизм туһунан кырдьыгы үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдиэхтээхпит, фашизм иккистээн сөргүтүллэригэр тиэрдибэккэ, Ленинградка буолбут хатыламматын туруулаһыахтаахпыт.
Национальнай архыып отделын начаалынньыга Петр Корякин бэлиэтээбитинэн, Ленинград блокадатын тоҕо көтөргө ССРС бары норуоттара, ол иһигэр сахалар кыттыбыттара.
Тэрээһин кыттыылаахтара «80 фактов о блокаде Ленинграда» диэн мультимедийнэй быыстапканы көрдүлэр. Бу быыстапка олунньу 8 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ. Манна Ленинград блокадатын туһунан кэпсиир электроннай докумуоннар, хаартыскалар, кыттыбыт дьон ахтыылара, күннүктэрэ, уо.д.а. бааллар. Саха сириттэн блокадаҕа кыттыбыт, Ленинграды көмүскээбит дьон интервьюлара, биографиялара эмиэ бааллара кэрэхсэбиллээх.
Маны тэҥэ, бу күн Саха сирин бары оскуолаларыгар «Хроника блокады» онлайн-уруок ыытылынна.
Ленинград блокадата 1941 сыл балаҕан ыйын 8 күнүттэн 1944 сыл тохсунньу 27 күнүгэр диэри буолбута. Тохсунньу 27 күнүгэр Ленинград блокадаттан босхоломмута 81 сыла дойду үрдүнэн бэлиэтэннэ.
Быйыл Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сыла киэҥник бэлиэтэниэҕэ. Арассыыйаҕа 2025 сыл Аҕа дойдуну көмүскээччи, Саха сиригэр — Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла биллэриллибитэ.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Халыма-Индигиир уокуругар Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев “Биир ньыгыл Арассыыйа” уопсастыбаннай приемнайыгар быыбардааччыларын кыһалҕаларын кытта…
Тохсунньу 30 күнүттэн Арассыыйа бары киинэ тыйаатырдарыгар режиссер Константин Буслов "Злой город" диэн киинэтэ көстүөҕэ.…
Үөрэх, билим миниистирэ Нюргуна Соколова уонна Арассыыйа Дьоруойа, ыччат дьыалаларыгар, социальнай коммуникацияларга миниистир эбээһинэһин толорооччу…
Бу күннэргэ биһиги ааҕааччыбыт уоту туһаныыга төлөбүр туһунан мунаахсыйан ыйытыы биэрбит. Ыйытыы: Уоту туһаныы тарыыбыгар…
37%-нын кириип, 35%-нын кириип буолбатах ыалдьыы, 28%-нын COVID-19 ылаллар. Саха сиригэр сытыы респираторнай вируснай инфекция…
Дьыл Оҕуһун муоһа хаһан түһэрий диэн мөккүөр сыл аайы күөдьүйэр. Оттон дьиҥнээҕэ хайдаҕый? Саха төрүт…