Ленинград блокадатын 11 кыттыылааҕа төлөбүрү ылла

Share

Биэдэмэстибэҕэ иһитиннэрбиттэринэн, кинилэртэн сэттэ киһи Дьокуускай куоракка олорор, икки киһи – Алдаҥҥа, биирдии киһи – Ленскэй уонна Хаҥалас улуустарыгар.

Ону тэҥэ, төлөбүрү билигин Саха сиригэр олорор, оччолорго концлааҕырга сыппыт сокуоннай саастарын туола илик оҕолор ыллылар. Кинилэргэ өрөспүүбүлүкэттэн эмиэ биир кэмнээх 80 тыһ. солк. төлөбүр оҥоһулунна.

Эрдэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар төлөбүр көрүллүүтүн бэрээдэгэ түмүктэммитин туһунан эппиттэрэ. 2-лии мөл. солк. кээмэйдээх харчы Саха сирин тоҕус олохтооҕор көрүллүбүтэ.

Санатан эттэххэ, төлөбүр кээмэйин эбэр туһунан Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сыл бүтүүтэ өрөспүүбүлүкэ Парламеныгар туһаайыытыгар этэн турар.  Биир кэмнээх төлөбүрү Саха сирин 13 тыһ. олохтооҕо ылыаҕа, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар төлөбүр кээмэйэ 2 мөл. солк., Ленинград блокадатын олохтоохторугар, урут сокуоннай саастарын туола илик концлааҕырга сыппыт дьоҥҥо, сэрии огдооболоругар – 80-нуу тыһ. солк., тыыл үлэһиттэригэр – 50 тыһ. солк., сэрии оҕолоругар – 5 тыһ. солк.

Быйыл Арассыыйа Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 80 сылын бэлиэтиир, 2025 сыл Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылларынан биллэриллибитэ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев быыбардааччыларын кытта көрүстэ

Халыма-Индигиир уокуругар Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев “Биир ньыгыл Арассыыйа” уопсастыбаннай приемнайыгар быыбардааччыларын кыһалҕаларын кытта…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха тыйаатырын артыыстара кыттыылаах «Злой город» киинэ киэҥ экрааннарга тахсыаҕа

Тохсунньу 30 күнүттэн Арассыыйа бары киинэ тыйаатырдарыгар режиссер Константин Буслов "Злой город" диэн киинэтэ көстүөҕэ.…

8 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Миниистирдэр “С чего начинается Родина?” ырыаны толордулар

Үөрэх, билим миниистирэ Нюргуна Соколова уонна Арассыыйа Дьоруойа, ыччат дьыалаларыгар, социальнай коммуникацияларга миниистир эбээһинэһин толорооччу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Ыйыт-хоруйдуубут: Уоту туһаныы кээмэйин диапазоннара

Бу күннэргэ биһиги ааҕааччыбыт уоту туһаныыга төлөбүр туһунан мунаахсыйан ыйытыы биэрбит. Ыйытыы: Уоту туһаныы тарыыбыгар…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сиригэр ОРВИ-нан ыалдьыы нэдиэлэ иһигэр 36 % улаатта

37%-нын кириип, 35%-нын кириип буолбатах ыалдьыы, 28%-нын COVID-19 ылаллар. Саха сиригэр сытыы респираторнай вируснай инфекция…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй

Дьыл Оҕуһун муоһа хаһан түһэрий?

Дьыл Оҕуһун муоһа хаһан түһэрий  диэн мөккүөр сыл аайы күөдьүйэр.  Оттон дьиҥнээҕэ хайдаҕый? Саха төрүт…

10 часов ago