Ленскэй оройуонугар Кыайыы күнүн көрсөллөр
Ленскэй оройуонугар Улуу Кыайыы бырааһынньыгын бэрт сэргэхтик көрсөн саҕалаатылар. Бу туһунан Ленскэй оройуонун Чамча нэһилиэгин олохтооҕо Жанна Афанасьева биһиэхэ сырдатта.
Ол курдук Ленскэй оройуонун Орто Наахара нэһилиэгэр «Кыайыы түннүктэрэ», «Кыайыы былакааттара», «Мой герой — Вспомним всех поименно» диэн тэрээһиннэр ыытыллыбыттар. «Кыайыы былакааттара» диэн тэрээһин нэһилиэк олохтоох бибилэтиэкэтигэр волонтердары муспут. Алын сүһүөх кылаас оҕолоро «Кыайыы былакааттарын» уруһуйдаабыттар. Ону сэргэ оскуолаҕа, уһуйааҥҥа Кыайыы күнүн көрсө эмиэ тэрээһиннэр ыытыллыбыттар.
-Орто Наахара нэһилиэгэр патриотизм диэн бырайыакпыт чэрчитинэн сырыттыбыт. Нэһилиэк Кыайыы күнүн көрсө бэрт сэргэх уонна интэриэһинэй көрсүһүүлэри тэрийдэ. Кыайыы түннүктэрэ аахсыйа, маны таһынан оскуолаҕа, уһуйааҥҥа Орто Наахара олохтоохторо Людмила Кусатова, Зинаида Кугданова, Руслана Тартыева о.д.а аймахтарын, эһээлэрин, аҕаларын, хос эһээлэрин туһунан кэпсээтилэр. Оннооҕор хос эһээлэрэ уот сэриигэ аһаабыт ньуоскатын аҕалан оҕолорго көрдөрдө, — диэн Жанна Афанасьева иһитиннэрдэ:
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: