Ленскэй улууһугар саҥа ТЭС тутуллуоҕа

Share

Ыам ыйын 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Мииринэйгэ саҥа ТЭС тутуутун боппуруостарынан мунньахтаата. Бу эбийиэк Ленскэй улууһугар тутуллуохтаах.

“Саха сирин сайдыытын бытаардар биир мэһэйинэн тырааныспар уонна энергетика моһуона 60-70 сылларга бырайыактаммыта буолар. Оччотооҕу кэм барыла эрэгийиэн сайдыытыгар бүгүҥҥү күннээҕи көрүүттэн атын суоттааһынтан таҥыллыбыта. Билигин Саха сирин экэниэмикэтэ быдан түргэн тэтиминэн сайда турар. Онон Ленскэйдээҕи ТЭС тутуутуттан Саха сирэ эрэ буолбакка, Уһук Илин уонна Илин Сибиир сайдыылара тутулуктаах”- диэн Ил Дархан тоһоҕолоон эттэ.

“Новоленскай” диэн ааттанар ТЭС Илиҥҥи полигон тутуутун иккис түһүмэҕин хааччыйыаҕа, ону таһынан Бодойбо оройуонун эмиэ хааччыйыахтаах. Бу эбийиэк тутуута Мииринэй уонна Ленскэй улуустарга саҥа үлэ миэстэлэрин таһаарыаҕа.

Мунньахха эбийиэги гааһынан хааччыйыы, тутуу матырыйаалларын тиксэрии, хаһаас уматыгы харайыы уо.д.а. үлэ боппуруостара ырытылыннылар.

Саҥа ыстаансыйа икки энергоблоктан таҥыллыаҕа, күүһэ 550 Мвт тэҥнэһиэҕэ. ТЭС 2028 сылга үлэҕэ киириэхтээх.

Recent Posts

  • Сонуннар

Муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускай куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ саҕаланна. Сийиэс икки…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

2026-2027 үөрэх дьылыгар үрдүк үөрэххэ туттарсыы алын баалын бигэргэттилэр

РФ билимин, үрдүк үөрэҕин министиэристибэтэ 2026-2027 үөрэх дьылыгар министиэристибэ иһинэн үлэлиир үрдүк үөрэх кыһаларыгар тутарсарга,…

36 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Оҕобун уорбуттар» диэн федеральнай ханаалга кэпсээтэ

Федеральнай ханаал бырагырааматыгар Саха сиригэр олорор дьахтар төрүүр дьиэҕэ оҕотун уорбуттарын туһунан кэпсээтэ. Бу түмүгүнэн…

60 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньытааҕы «Чолбон»: Дьоллоох Дьокуускай Саҥа дьыллааҕы кэпсээннэрэ, Николай Неустроев уонна Низами Гянджеви

- «Улуу Кыайыы айымньылара » рубрикаҕа сэрии дьон дьылҕатынан оонньуурун туһунан Прокопий Чуукаар «Дьол хараҕын…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Владимир Путин «Сахатранснефтегаз» хампаанньаҕа махтанна

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Сахатранснефтегаз» национальнай ньиэп уонна гаас хампаанньатыгар тус махталын биллэрдэ. Туһааннаах дьаһал…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Өрөгөй хомус» хомус уустарын уус-уран оҥоһуктарын күрэхтэһиитэ саҥа саҕахтары арыйар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ уонна Хомус Аан дойдутааҕы түмэлэ тэрийиилэринэн, 2025 с.…

2 часа ago