Ленскэй улууһун үс нэһилиэгэр гаас ситимин сыл иһигэр тардыахтара
Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Ленскэй улууһугар Мурья гаас үллэрэр ыстаансыйаттан Бэчэнчэҕэ тардыллар гаас ситимин бастакы сүһүөҕүн силбэһиитигэр хамаанда биэрэн, Саха сирин өссө биир бөһүөлэгэ гааска холбонуутун саҕалаата.
Ил Дархан бу улуус үс нэһилиэнньэлээх пуунугар гаастааһын саҕаламмытынан улуус олохтоохторун эҕэрдэлээтэ.
«Гаастааһын үлэтэ кыах баарынан түргэнник ыытыллыахтаах – аныгыс сылга дьон дьиэтигэр гаас киирэрин курдук. Бу үлэ түмүгэр тыһыынча кэриҥэ киһи дьиэтигэр күөх төлөн умайыа. Бу улууска гааска холбооһун ураты суолталаах — “Сибиир күүһэ” ситиминэн сүүрэр гаас Ленскэй улууһугар хостонорун бары билэбит”, — диэн эттэ Айсен Николаев.
Сир аннынан тардыллар гаас саҥа ситимэ 36,2 км. усталаах. «Сахатранснефтегаз» генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников этэринэн, үлэ кэлэр сыл от ыйыгар түмүктэниэхтээх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: