Ленскэйгэ 100 ахсааннаах оҕо төрөөтө

Share

Ленскэй оройуонугар бу сылга номнуо 100 ахсааннаах оҕо төрөөтө, кинини бэс ыйын 23 күнүгэр балыыһаттан таһаардылар. Бу бэлиэ ахсаанынан төрөөбүт оҕонон Витимҥэ олорор эдэр ыалга, Валерия, Никита Петрушиннарга үһүс оҕонон төрөөбүт кыыс буолла.

Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата.

3750 кыраам ыйааһыннаах, 56 уһуннаах кырачаан кыыс бэс ыйын 20 күнүгэр төрөөбүтэ. Кинини Дарина диэн ааттаатылар. Петрушиннар 8 саастаах Милана диэн кыыстаахтар уонна 2 саастаах Савелий диэн уоллаахтар. Ийэлэрэ 28 саастаах, дьиэҕэ оҕолорун көрөн олорор, аҕалара ньиэп-гаас тэрилтэтигэр үлэлиир.

Үбүлүөйдээх оҕону үөрүүлээх быһыыга-майгыга балыыһаттан таһаарарга оройуон дьаһалтатын ыччакка, дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александра Сидорова кэлэн эҕэрдэлээтэ. Кини бэйэтэ сотору ийэ буолаары сылдьар. Эдэр төрөппүттэргэ  оройуон баһылыгын аатыттан 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээти туттарда уонна үһүс оҕоҕо туох төлөбүрдэр, чэпчэтиилэр баалларын иһитиннэрдэ. Маны тэҥэ, «100 сыл оҕолоро» хапытаал сэртипикээтин эмиэ туттулар.

Петрушевтар балыыһаттан тахсаат, тута дьиэлэригэр, Витимҥэ айаннаатылар.

Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

28 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сылгыны өҥүнэн, сааһынан наардааһын

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ,  “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Хот-дог сиэбит дьон олохторо 36 мүнүүтэнэн кылгыыр үһү

Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Үтүө тэрээһин

ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…

3 часа ago