Ленскэйгэ 199 ыал хаарбах туруктаах дьиэттэн көстүлэр
Ленскэй куорат 199 ыала «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан саҥа кыбартыыраларга киирдилэр. Саҥа дьиэлээхтэри командировкаҕа сылдьан Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.
Икки саҥа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр саҥа оройуон Нюйскай уулуссатыгар тутуллубуттар. 105 кыбартыыралаах бастакы куорпус дьиэтэ соторутааҕыта үлэҕэ киирбитэ. 99 кыбартыыраҕа суоттаммыт иккис куорпус дьиэтигэр бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүгэ 94 кыбартыыра күлүүүһэ туттарылынна. Ленскэйдэр бу икки дьиэлэргэ хаарбах туруктаах барыта 63 дьиэттэн көстүлэр. Кыбартыыралар өрөмүөннээх туттарылыннылар, олохсуйарга бэлэмнэр. Бэдэрээтчит — «777» акционернай уопсастыба.
«Дойду Бэрэсидьиэнин көмөтүнэн саахалланар хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагыраама олоххо киллэриллэр. Саха сиригэр саахалланар хаарбах туруктаах дьиэлэртэн биир саамай улахан кээмэйэ Ленскэй оройуонугар 122 тыһ. кв.м кэриҥэ көһөрүллүөхтээх, мантан саамай элбэх чааһа Ленскэй оройуонугар тиксэр. Кэлэр сылга биһиги Владимир Владимирович Путин туруорбут соругун ситиһиэхпит — 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри билиниллибит саахалланар туруктаах дьиэлэри суох оҥоруохпут. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ уонна дьоно-сэргэтэ киэн туттар куората буоларыгар эрэнэбин», — диэн дьиэлэр аһыыллыы үөрүүлээх сиэригэр-туомугар Ил Дархан Айсен Николаев эттэ.
Быйылгы сыл бүтүөр диэри Нюйскай уулуссатыгар өссө икки саҥа дьиэни, үһүс уонна төрдүс куорпустары, үлэҕэ киллэрэллэрэ былааннанар. Быйыл саҥа спальнай оройуоҥҥа эмиэ тупсарыы үлэтин бүтэрэр санаалаахтар. Чуолаан, куорат олохтоохторо сынньанар оонньуур уонна успуорт оборудованиелаах араас былаһааккалар тэриллиэхтэрэ.
«Биһиги Дзержинскай уулусса эргэ дьиэтиттэн көстүбүт. Саҥа кыбартыыра былааннааһына үчүгэй. Дьиэбит турар оройуона олус үчүгэй, манна барыта саҥа», — диэн икки хостоох кыбартыыраны ылбыт Анна Жучева санаатын үллэһиннэ.
Саҥа олорор кыбаарталтан чугастыы орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата, оҕо уһуйаана, маҕаһыыннар, ону таһынан Ленскэй киин балыыһата бааллар.
Санатан эттэххэ, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыагын чэрчитинэн Саха сиригэр саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү саамай улахан бырагыраама олоххо киирэр. 2019 сылтан хаарбах саахалланар туруктаах 700 кв.м. иэннээх олорор дьиэттэн 40 тыһ. киһи көһөрүллүбүтэ. Бу сыллар усталарыгар барыта 200-тэн тахса элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр араас муниципалитеттарынан үлэҕэ киирбиттэрэ.
122 тыһыынча квадратнай миэтэрэ иэннээх саахалланар 219 дьиэлэр Ленскэй оройуонун бырагырааматыгар киирбиттэрэ, онно 5,5 тыһыынчаттан тахса киһи олорор. 2019 сылтан олорор дьиэ усулуобуйатын 3,5 тыһыынча кэриҥэ киһи тупсарыммыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: