Хаартыска: «Эҥсиэли» хаһыат
Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата бу күннэргэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр чугас дьонноругар оҕуруот аһын түҥэттилэр. Бу туһунан «Эҥсиэли» хаһыат суруйар.
Ол курдук, Хамаҕатта олохтооҕо, “Саҥа сүүрээн” бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Александр Жирков быйыл байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр чугас дьонноругар хаппыыста биэрэн бэйэтин өйөбүлүн биллэрдэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, Александр Жирков сыллата хортуоппуйунан, оҕуруот аһынан көмөҕө наадыйбыттарга көмөлөһөр. Быйыл сайын “Саҥа сүүрээн” хаһаайыстыба хаппыыста хомууругар үрдүк, өлгөм үүнүүнү ылбыта. Бээтинсэттэн саҕалаан 95 киһиэхэ биирдии куул хаппыыста түҥэтэбит. Быйылгы сылтан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр Нам сэлиэнньэтин тэрилтэлэрэ сыһыарылыннылар. Мантан күһүн тэрилтэлэр дьиэ кэргэттэргэ муус ылыытыгар көмөлөһөллөрө күүтүллэр”, – диир олохтоох дьаһалта үлэһитэ Полина Иванова.
Харысхан Попов
Ахсынньы 22 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын устуоруйатыгар киирэр кэрэ-бэлиэ түгэн үүннэ. Ол эбэтэр Үөһээ…
Саха сирин амарах, үтүө санаалаах дьоно тиһигин быспакка анал байыаннай дьайыыга сылдьар, госпиталларга сытар биир…
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээх сэлиэнньэтигэр учаастактааҕы балыыһа үөрүүлээх аһыллыыта буолла. 1200 кв. миэтэрэттэн тахса…
Амма улууһун Олом Күөлүн эргин ардай аһыылаах бөрөлөр баалларын туһунан “Наахара” бааһынай хаһаайыстыбатын баһылыга Егор…
Хаҥалас улууһугар дьахтар бииргэ олорор эр киһитин быһаҕынан анньан эчэтэн, холуобунай дьыала тэрилиннэ. Биир сарсыарда…
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «НовоГОДний лабиринт МультиВСЕленной» диэн оҕо тыйаатырын туруоруутун көрдөрдүлэр. Манна…