Иркутскайтан Ленскэйгэ көтөн испит сөмөлүөтү чаҕылҕан саайбыт. Бу туһунан Илиҥҥи Сибиирдээҕи тырааныспар борокуратуурата иһитиннэрдэ.
Иркутскайтан Ленскэйгэ көтөн испит сөмөлүөтү чаҕылҕан саайбыт. Бу туһунан Илиҥҥи Сибиирдээҕи тырааныспар борокуратуурата иһитиннэрдэ.
Чаҕылҕан элэктэриичэстибэтин уота сөмөлүөт үөһээҥҥи өттүгэр охсубут. Бу «ИрАэро» авиахампаанньа сөмөлүөтэ эбит. Рейс пассажирдара суох оҥоһуллубут. Экипаж эмсэҕэлээбэтэх. Сөмөлүөт түспүтүн кэннэ, төһө улаханнык алдьаммытын көрбүттэр, бигэргэппиттэр.
Саха сиринээҕи уонна Байкал-Ангарскай тырааныспар борокуратууралара сөмөлүөт алдьаммытынан бэрэбиэркэни ыыталлар.
Этиҥнээх ардах кэмигэр пилоттар бу былыты эргийэн ааһыахтаахтар. Ол эрээри, сороҕор этиҥтэн, чаҕылҕантан куотар кыах суох буолар. Этиҥнээх ардахха түбэспит сөмөлүөт көтөн иһэн, чаҕылҕаннары бэйэтигэр тардан ылар, тоҕо диэтэр, салгыны кытта аалсарыгар «статическай заряд» үөскүүр.
Онон «статическай заряды» устарга сөмөлүөт кынаттарыгар, кутуругар чаҕылҕаны куоттарар тэриллэри («молниеотвод») туруораллар. Сөмөлүөт кырааскатыгар антистатическай бэссэстибэлэри эбэллэр. Кабинатын, мотуорун алтан боробулуоханан бүрүйэллэр (уоту аһардарыгар). Оттон уматыктаах баахтары инертнэй гааһынан толорон иһэллэр. Тоҕо диэтэр, уматыктаах баахха кыым күөдьүйдэҕинэ, дэлби тэбиэн сөп. Маны тэҥэ, сөмөлүөтү салайар электроника алдьаныан сөп.
Ол эрээри, бу харыстанар ньымалар үксүгэр көмөлөһөллөр. Онон чҕылҕаҥҥа оҕустарбыт да буоллаҕына, этэҥҥэ түһүөн сөп.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…