Салгыы
Ленскэйгэ биир баһаары умуруордулар

Ленскэйгэ биир баһаары умуруордулар

05.09.2023, 16:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Ленскэй оройуонугар 2 гаа иэннээх сиргэ ойуур баһаарын умуруордулар. Ол эрээри, Ленскэйгэ өссө биир баһаар күөдьүйэн кэллэ. Маны тэҥэ, Өлүөхүмэҕэ, Сунтаарга биирдии баһаар умайбыта билиннэ. Бу үс баһаар уопсай иэнэ — 151 гаа. 

Балаҕан ыйын 5 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 16 673 гаа иэннээх сиргэ 33 баһаар умайа турар: Алдаҥҥа — 12, Өлүөхүмэҕэ — 10, Нерюнгригэ — 4, Уус Маайаҕа — 2, Горнайга, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга — 1-дии. Балартан 3194 иэннээх сиргэ 7 баһаары төгүрүйэн, сөҕүрүттүлэр.

Баһаардары умуруорууга 355 киһи, 18 анал тиэхиньикэ үлэлиир. Кэтээн көрүүгэ уонна умуруорууга салгын ааллара көтөллөр.

Суһал ыстаап иһитиннэрэринэн, бу сааскыттан 1,4 мөлүйүөн гаа иэннээх сиргэ  821 ойуур баһаара умайбыт. Иллэрээ сыл баччаларга 7,6 мөлүйүөн гаа иэннээх сиргэ 1601 баһаар ойууру сиэбитэ. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 мая
  • 2°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 48% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: