Хаартыска: СИА
Ленскэй оройуонугар 2 гаа иэннээх сиргэ ойуур баһаарын умуруордулар. Ол эрээри, Ленскэйгэ өссө биир баһаар күөдьүйэн кэллэ. Маны тэҥэ, Өлүөхүмэҕэ, Сунтаарга биирдии баһаар умайбыта билиннэ. Бу үс баһаар уопсай иэнэ — 151 гаа.
Балаҕан ыйын 5 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 16 673 гаа иэннээх сиргэ 33 баһаар умайа турар: Алдаҥҥа — 12, Өлүөхүмэҕэ — 10, Нерюнгригэ — 4, Уус Маайаҕа — 2, Горнайга, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга — 1-дии. Балартан 3194 иэннээх сиргэ 7 баһаары төгүрүйэн, сөҕүрүттүлэр.
Баһаардары умуруорууга 355 киһи, 18 анал тиэхиньикэ үлэлиир. Кэтээн көрүүгэ уонна умуруорууга салгын ааллара көтөллөр.
Суһал ыстаап иһитиннэрэринэн, бу сааскыттан 1,4 мөлүйүөн гаа иэннээх сиргэ 821 ойуур баһаара умайбыт. Иллэрээ сыл баччаларга 7,6 мөлүйүөн гаа иэннээх сиргэ 1601 баһаар ойууру сиэбитэ.
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Ленскэйгэ, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс киин,…
Бу нэдиэлэ харчыны ааҕарга, докумуону бэрээдэктииргэ уонна чуолкай былааны оҥосторго табыгастаах кэм. Венера, баай-дуол планетата,…
Бу быраабыланы кэһии иһин ыстараап кээмэйэ сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго табах бородууксуйатын атыылааһын иһин…
Хас биирдии үөрэнээччи күннэтэ суругунан үлэни толорор. Ол гынан баран, аныгы үйэ тэриллэрэ сайданнар, дьон…
Оҕо бастакы күнүгэр ытаан-соҥоон уһуйааҥҥа барарыгар, сарсын үчүгэй буолуо диэн бэйэҕитин уоскутунаҕыт. Ол эрээри, биир…
Кэлиҥҥи сылларга дойду үрдүнэн чоҕу хостуур салаа кэккэ ыарахаттары көрүстэр да, Саха сирэ төттөрүтүн үрдүк…