Леонид Слепцов: “Сайдыы саҕахтара арыллан барбыттара”

Share

 Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинин кылаабынай бырааһын уопсай боппуруостарга солбуйааччы Леонид Алексеевич Слепцов Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн бэйэтин  санаатын маннык үллэһиннэ:

— Муус устар 27 күнэ —  Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтигэр  сүдү суолталаах күн.  Ол курдук, биһиги убайдарбыт Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов уонна кинилэр доҕотторун, биир санаалаахтарын күүстээх  туруорсууларынан,   Саха Өрөспүүбүлүкэтин Автономиятын ылбыт күннэринэн билинэбит.

Автономияны ылбыт  сылбытыттан  ыла Саха сиригэр сайдыы күүскэ саҕаламмыта. Үөрэхтээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар, дьон бары дьарыктаах, үлэлээх буоларыгар улахан болҕомто ууруллан, сайдыы саҕахтара арыллыбыттара.

Мин биир  дойдулааҕым Максим Кирович Аммосов Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр наука эспэдииссийэтин ыытан, олус улахан  хамсааһыны тэрийэн, экэниэмикэ сайдыытыгар улахан оруоллаах. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит күн бүгүҥҥэ диэри сайда-үүнэ турарыгар биир дойдулаахпынан киэн туттабын.

Бу сыллар тухары: сэбиэскэй былаас да, уларыта тутуу да саҕана Сахабыт сирин салайан кэлбит уонна билигин  салайар  бырабыыталыстыбабыт, бэрэсидьиэннэрбит, Ил Дархаммыт күүстээх үлэни ыытан кэллилэр. Ол курдук, саҥаттан саҥа тэрилтэлэр арылланнар, үлэ миэстэтэ тахсар, инвестициялар сайдыыга тириэрдэллэр.

Доруобуйа харыстабыла сылтан сыл аайы иннин   диэки хардыылыыр, доруобуйа харыстабылын сүүнэ эбийиэктэрэ тутуллаллар, мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах көмөтө, оҥоһуллар көмө хаачыстыбата уо.д.а.  нэһилиэнньэ олоҕо уһууругар көмөлөһөр.

Сүдү суолталаах муус устар  27 күнүнэн Сахам сирин олохтоохторун, биир дойдулаахтарбын  эҕэрдэлииин, Сахабыт сирэ үүнэ-сайда, чэчирии турдун!

Recent Posts

  • Сонуннар

11 ый иһигэр 9,5 тыһ. кырачаан күн сирин көрдө

Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…

7 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирэ дьоруойдарынан киэн туттар

Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин  устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх
  • Чэгиэн

Оҕо этигэр-сиинигэр D битэмиин төһө элбэҕин босхо бэрэбиэркэлииргэ этии көтөхтүлэр

Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Буровой баазатыттан уоран сууттанна

Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэгин бүтүн Арассыыйаҕа ааттатта

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Аҕа дойдуну көмүскээччи – эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит!

Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…

9 часов ago