Леонид Владимиров СӨ Наукатын академиятын бэрэсидьиэнинэн талылынна

Share

Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, СӨ Наукатын академиятыгар бэрэсидьиэн быыбара буолла уонна куоластааһын түмүгүнэн академия бэрэсидьиэнинэн Леонид Владимиров талылынна.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов: «Туруоруммут сыалбытын былаас уорганнара уонна науканан дьарыктанар тэрилтэлэр бииргэ үлэлээтэхпитинэ эрэ ситиһэр кыахтаахпыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэни сайыннарыыга тумус туттуллар сүрүн хайысхаларынан сыыппара экэниэмикэтэ буолар уонна үлэ таһаарыылаах буолуутугар научнай-технологическай кыахпытын туһаныы киирэр», — диэн эттэ.  Мунньахха Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы  Сергей Местников кытыннылар.

Леонид Владимиров  «Саха сирин наукатын кыаҕын туһунан»  киэҥ хабааннаах дакылааты оҥордо. Кини Саха сирин Наукатын академията бары салааларга сүрүн оруолу ыларын туһунан эттэ.  Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин үрдүнэн 1872 учуонай баарыттан 378-һа наука дуоктардара, 1494-дэ наука хандьыдааттара. Мунньах кэмигэр академия  вице-бэрэсидьиэннэрин таллылар, ол курдук, Геннадий Толстых  уонна  Сергей Попов буоллулар. Учуонай сэкэритээринэн Андрей Матвеев талылынна.

Кылгас ыспыраапка: 

Леонид Николаевич Владимиров 1959 сыллаахха от ыйын 9 күнүгэр Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1977 сыллааха Үөһээ Бүлүүтээҕи орто оскуоланы бүтэрбитэ. 1985 сыллаахха СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетын туйгуннук бүтэрбитэ. Ити кэнниттэн Уус Алдан улууһугар  Найахы сопхуоска кылаабынай зоотехниктаабыта. 1986 сыллаахха  Москватааҕы судаарыстыбаннай бэтэринээринэй мэдиссиинэ академиятыгар аспирантураҕа киирбитэ уонна биологическай наука хандьыдаата буолбута. 1999 сыллаахха дуоктар истиэпэнин көмүскээбитэ. 1997 сылтан 2016 сылга диэри Тыа хаһаайыстыбатын  академиятын ректорынан үлэлээбитэ. 2018-2019  сылларга «Комитет по драгоценным металлам и драгоценным камням Республики Саха (Якутия)»  ГУП  генеральнай дириэктэрин 1-кы солбуйааччынан үлэлээбитэ.  Санатар буоллахха,  быйыл от ыйын 22 күнүгэр Ил Дархан ыйааҕынан  СӨ Наукатын академиятын  бэрэсидьиэнин э. т. анаммыта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago